Сайыҥҥы кэм саҕаланар бэс ыйа — Үрүҥ Айыы ыйа.
Үгэс быһыытынан, бу ыйы норуот синоптига Тускул билгэлээтэ. «Бары ыйдартан аан дойдуну бүтүннүүтүн айбыт сүдү, саамай күүстээх Айыы ыйа буолар. Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, бэс ыйын кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан», — диэн бэлиэтиир билгэһит. Бэс ыйа улуустарынан ыллахха, хайдах буолуоҕай?
КИИН УЛУУСТАР
Тускул бэлиэтииринэн, бэс ыйа киин үгүс улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да эрдэ сылыйыаҕа. Ардах бу ыйга былырыыҥҥытын курдук кэмчи, кураан кэм. Күнүс +26С- +31С кыраадыс куйаас, түүнүн +13С+17С сылаас. Ый иккис уон хонугар — күнүс +24С+28С кыраадыс сылаас, түүнүн +16С +17С кыраадыс сылаас. Ый бүтэһик уон хонугар күнүс +23С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн +16С +17С кыраадыс сылаас.
Тэҥнээн көрүү: былырыын киин улуустарга бэс ыйын бастакы уонна үһүс дэкээдэлэригэр муҥутаан +30С+33С куйаара сылдьыбыта.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга түүнүн биллэ сылаас буолууһу. I уонна III дэкээдэҕэ кыра ардахтаах.
Күнүс +25С+28С кыраадыс сылаас, түүнүн +11С+14С . Иккис уон хонукка — күнүс +24С+27С кыраадыс, түүнүн +14С +17С кыраадыс сылаас. Ый бүтэһигэр күнүс+24С+27С кыраадыс, түүнүн +17С +19С кыраадыс сылаас буолууһу.
Тэҥнээн көрүү: Былырыын Бүлүү бөлөх улуустарга бэс ыйыгар ый бүтэһик дэкээдэтигэр муҥутаан +30С+33С куйаара сылдьыбыта.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ ОРОЙУОННАРА:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйыл балай да сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар. Ол курдук I – III дэкээдэлэргэ ардахтаах. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суоҕа.
Бу ый бастакы уон күнүгэр күнүс +26С+30С кыраадыс, түүнүн +11С+14С сылаас. Иккис уон күн — күнүс +24С+27С кыраадыс, түүнүн +13С +17С кыраадыс сылаас. Ый бүтэһигэр күнүс+23С+26С кыраадыс, түүнүн +15С +18С кыраадыс сылаас.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн улууһугар бэс ыйа сылаас буолууһу. Бастакы да, бүтэһик да дэкээдэлэргэ ардах олох кэмчи. Бу ый бастакы уон күнүгэр күнүс +21С+25С кыраадыс, түүнүн -8С-11С сылаас. Иккис дэкээдэҕэ күнүһүн +20С+23С кыраадыс, түүнүн +9С+13С кыраадыс сылаас. Үһүс дэкээдэҕэ күнүһүн +19С+23С кыраадыс, түүнүн +11С+14С кыраадыс сылаас.
Тэҥнээн көрүү: Былырыын Өймөкөөн улууһугар бэс ыйыгар ый бүтэһик дэкээдэтигэр муҥутаан +30С+33С тиийэ куйаара сылдьыбыта.
ДЬААҤЫ УЛУУҺА:
Дьааҥыга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл онно тиийбэт гына сылыйыыһы. I уонна III дэкээдэҕэ этиҥнээх ардахтаах. Бастакы уон хонукка — күнүс +25С+29С кыраадыс, түүнүн +13С+16С сылаас. Иккискэ — күнүһүн +24С+27С кыраадыс, түүнүн +12С+15С кыраадыс сылаас. Үһүскэ — күнүс +20С+23С кыраадыс, түүн +12С+15С кыраадыс сылаас буолар.
Былырыын бэс ыйыгар : Ый бүтэһигэр — түүнүн+15С+17С, күнүһүн +30С+33С;
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга бу сайын былырыыҥҥы куйаастарга тиийиэ суох. Арай ардахтаах буолууһу.
Күнүс +20С+25С кыраадыс, түүн +10С+13С кыраадыс сылаас. Иккис дэкээдэҕэ күнүһүн +22С+26С кыраадыс, түүнүн +10С+13С кыраадыс сылаас. Үһүс дэкээдэҕэ күнүһүн +22С+25С кыраадыс, түүнүн +10С+13С кыраадыс сылаас.
Былырыын ыам ыйын бүтэһик дэкээдэтигэр: түүн+13С +16С, күнүс +29С+33С;
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ:
Арктика эҥэр улуустарга бэс ыйын бастакы иккис дэкээдэлэригэр түүҥҥү өттүгэр балай да сөрүүн. Бастакы уонна үһүс дэкээдэ диэки сөҥүү син баар.
Күнүс +10С+14С кыраадыс сылаас, түүнүн+1С+3С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн +10С+14С кыраадыс сылаас, түүнүн +2С+4С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +8С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +5С+7С кыраадыс сылаас.
Былырыын бэс ыйыгар: ый бүтэһигэр түүн+15С+17С, күнүс +24С+27С;
Онон былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, быйыл бэс ыйыгар улаханнык куйаарыа суох.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска — СИА.