Саха араадьыйатыгар уонна тэлэбиидэнньэтигэр «Тускул билгэтэ” биэрии баар буолуоҕуттан ыла суруналыыс Тарас Тарасов олоҕо тосту уларыйбыта диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.
edersaas.ru
Тускул саха киһитин күннээҕи түбүгүн кытта ыкса сибээстээх буолан, норуокка ордук чугас. Онон ардыгар күнү-дьылы билгэлээһинэ туолбатаҕына — “окко-маска ыйанар”, оттон билгэлээбит тыала-кууһа, буурҕата эппит күнүгэр, чааһыгар тиийэ сөп түбэстэҕинэ, норуот дьоруойа буола түһэр киһилиин кэпсэтиини ааҕааччы интэриэһиргиирэ чахчы.
Тускул – инникини барыллааһын
— Тарас Лукич, ханнык кэмтэн эн тоҕо Тускул диэн псевдонимнаммыккыный?
— Бу маннык иккис ааттаммытым ыраатта. Уонтан тахса сыл буолла. Бастаан араадьыйаҕа “Тускул” диэн аатынан тахсар этим. Дьон оччолорго ааппар соччо аахайбат этэ. Үс сыллааҕыта тэлэбиидэнньэҕэ тахсар буолуохпуттан ыла, миигин уулуссаҕа көрөн билэр буолбуттара.
Тыа сирин киһитигэр да, куорат олохтооҕор да күн-дьыл туруга олус улахан оруоллаах. Бары да сарсыарда халлааммыт туруга хайдаҕын интэриэһиргээн турабыт. Сахалар өбүгэ саҕаттан айылҕаны кытта бииргэ алтыһар буолан, күн-дьыл уларыйыытын олус чугастык ылынабыт. Миэхэ күн-дьыл туругун хайдах эмэ сылыктаан дьоҥҥо тиэрдибит киһи диэн толкуй уруккуттан баара. “Тускул” диэн өйдөбүл ис хоһооно дьарыкпар барсар — инникини торумнааһын, барыллааһын. Ол иһин «Тускул» диэн ааты ылыммытым.
Дьылдьыт айылгыта атын
— Айылҕа көстүүтүн сылыктыыр дьону “синоптиктар” да дииллэр, “норуот билгэһитэ” диэн эмиэ ааттыыллар. Бэйэ-бэйэлэриттэн ити өйдөбүллэр туох атыннаахтарый?
— “Дьылдьыт” диэн олох атын айылгылаах киһи. Оннук айылҕаттан айдарыылаах дьон былыр былыргыттан улуус аайы бааллар этэ. Төҥүлүгэ “Дьылдьыт Арамаан” диэн кырдьаҕас олох хойукка диэри билгэлиирэ. Билигин Махсыым Сибиряков кырдьаҕас айылҕа, күн-дьыл уларыйыытын анаан үөрэтэн, урукку сыллары кытта бүгүҥҥү күнү кытта тэҥнээн көрөн анаарар. Биһиги, аныгы дьон, сүрүннээн интернетинэн сирдэтэбит. Мин тус бэйэм урукку сыллары тэҥнээри эбии архыыбы хасыһабын, күн эстиитэ дьон доруобуйатын туругар дьайыытын үөрэтэбин. Аҥардас күн-дьыл туругун эрэ билгэлээбэппин, научнай өттүнэн барытын ырытабын. Ордук күн эстиитин дьаныһан туран үөрэтэбин. Билиҥҥи кэмҥэ күн эстиитэ олох аҕыйаан турар. Оттон 2020 сылга күн эстиитэ олох даҕаны суох буолуоҕа. Онтон сылтаан сиргэ арааһынай катаклизмнар үөскүөхтэрэ.
ГРЭС турбата уонна халлаан туруга
— Эн кыһыҥҥы хаардаах тымныыга туруһугунан атах сыгынньах сүүрэҕин, ыам ыйын саҥатыгар сөтүө сезонун саҕалыыгын. Ити айылҕаны ыкса сибээһиҥ анал дьарыгыҥ дуу, үөһэттэн туох эрэ айдарыыҥ дуу?
— Мин санаабар, күнү-дьылы билгэлиир киһи сылаас хонтуораҕа олорбокко, халлаан туругун бэйэтин этинэн-хаанынан билиэхтээх дии саныыбын. Мин сарсыарда 5 чааска туран сүүрэбин, хаамабын. Кыһыҥҥы өттүгэр хаарынан суунабын. Сайын ыам ыйыттан саҕалаан алтынньы 14 күнүгэр диэри сөтүөлүүбүн. Бокуруобунан сөтүө сезонунан түмүктээн, хаарга көһөбүн. Онон күн-дьыл туругун бэйэм эппинэн-хааммынан билэбин. Кыһын сарсыарда тураат, ГРЭС турбатын (202-с микро-оройуоҥҥа олоробун) көрөбүн. Онно буруо хайа диэки барарын үөрэтэн көрөбүн: хотуттан тыалырбыт дуу, соҕурууттан дуу. Тыал хайа диэкиттэн кэлэрэ – күнү-дьылы олох билэр. Хотуттан тыалырдаҕына — ардах-хаар, тымныы, илинтэн – былыт, соҕурууттан – сылыйыы.
— Оттон сорох дьон хаар-былыт кэлэрин уҥуохтара кыйан ыалдьарыттан, бэйэлэрин ис туруктарыттан билэр курдуктар дии?
— Саастаах ону дьон эндэппэккэ билэллэр. Уопсайынан, нууччалыы эттэххэ, “метеочувствительнай” дьон бааллар. Дьон 60%-на оннук. Айылҕа уларыйыытын эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Күн-дьыл уларыйыытыгар хаан баттааһынын дьайыыта ордук күүһүрэр.
“Кэргэним Тускул буоларбын атын дьонтон билбитэ…”
—— Дьиэ кэргэниҥ айылҕаны билгэлииргин хайдах ылынарый?
— Дьиэ кэргэним мин ити дьарыкпыттан олох ыраах. Оннооҕор кэргэним биэс сыл устата мин Тускул буоларбын билбэт этэ. Кэпсээнтэн кэпсээн, табаарыһым күлэ-күлэ кэпсээбитэ. Биирдэ мин суохпар дьиэбэр: “Тускул баар дуо?” – диэн эрийбит. Онуоха кэргэним төлөпүөнү ылаат, хап-сабар : “Суох, атын сиргэ эрийдиҥ. Оннук киһи манна суох”, — диэн хардараат, туруупканы ууран кэбиспит. Онуоха иккистээн эрийбитигэр: “Эн олох атын сиргэ эрийэҕин”, — диэбит. Үһүстээн төлөпүөннээн баран: “Кэргэнэ эрээри, Тарас Лукич Тускул буоларын баччааҥҥа диэри билбэккин дуо?” – диэбитигэр наһаа соһуйбут этэ. Онон кэргэним Тускул буоларбын атын дьонтон билбитэ. Оннооҕор бииргэ үлэлиир дьонум билбэттэр этэ.
— Эн өрүү соҕотоҕун сүүрэҕин, хаамаҕын дии. Тоҕо кэргэҥҥин ити дьарыккар эмиэ уһуйбаккын?
— Киэһэ иккиэн салгын сии хаамааччыбыт. Оттон сарсыарда эрдэ 5 ч.-7 ч. диэри дьиэлээх-уоттаах ылбычча дьахтар дьарыктаммата чахчы.
Култуура үөрэхтээҕим олус туһалыыр
— Тускул, эн куолаһыҥ наһаа истиҥ, ылыннарыылаах…
— Кульпросвет училищеҕа үөрэммитим. Онно “Культура речи” диэн предмеккэ сүрдээх уопуттаах учууталлар куоласпын туруорбуттара, дикциябын чочуйбуттара. Тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа суруналыыһыгар бу икки өрүт наһаа улахан оруоллаах. Режиссер идэтигэр үөрэммитим артыыс быһыытынан дьону бэйэҕэ тардарга көмөлөһөр. Уопсайынан, тустаах үлэбэр култуура үөрэхтээҕим олус туһалыыр.
Саас киһиэхэ олох уопутун эбэр
— Эн, суруналыыс киһи толкуйдуургунан, хас сааскар диэри бу дьарыккын илдьэ сылдьыаххын сөбүй? Арааһа, интернети баһылаабыт аныгы билгэһит киһи быһыытынан 90 сааскар тиийэ билгэлиириҥ буолуо?
— Киһи үөрэнэн хаалар. Сыл аайы күнү-дьылы үөрэтиим, чинчийиим кэҥээн иһэр. Аны эппинэн-хааммынан эмискэ улахан тыал түһүүтүн, хаар-ардах кэлэрин кытта билэр буоллум. Ханнык баҕарар киһи уһуннук дьарыктаннаҕына, уопутуран иһэр. Этэҥҥэ сырыттахха, 90-мар тиийэ дьарыкпын бырахпатым чахчы. Хайа, уонна сааһыран истэҕим аайы этим-хааным аһыллан, күнү-дьылы бэйэтэ “этэн биэрэ” сылдьыа дии.
Дьааҥы хайаларыгар буолбут түбэлтэ – баһаар охсуута
—— Дьааҥы хайаларыгар буолбут хараҥарыы буолбут түбэлтэтин, онтон сылтаан салгын киртийиитин туһунан айдаан таҕыста дии. Маныаха эн, күнү-дьылы кэтээн көрөр киһи, туох санаалааххыный?
— Итинник уларыйыы айылҕаҕа көстүүтэ үгүс. Ала чуо тоҕо Дьааҥыга эрэ хараҥарда диэн тойоннооһун тутах. Ханнык баҕарар улууска баһаартан сылтаан хойуу буруо салгыҥҥа тахсан, күнү бүөлээн кэбиһиэн сөп. Оннук түгэннэри учуонайдар дакаастаан тураллар. Онон ити баһаар охсуута.
“Тускул сымыйалаата!”
— Билгэлээһиниҥ барыта сөп түбэһээччитэ суох дии. Дэлэҕэ да, эн билгэҕин ыраас манньыакка ылынан, үгүс дьон биэрииҥ кэннэ күн сарсыныттан кэтээн көрөн барар. Онтон хаар, буурҕа диэбитиҥ — күнүнэн чаҕылыйар, куйаас диэбитиҥ тымныынан аргыйар буоллаҕына, социальнай ситим оргуйа түһэр: «Тускул эмиэ сымыйаалаата! Дьэ, дьаабы киһи!» диэн. Маныаха эн санааҥ?
— Нууччалыыттан «прогноз» диэн өйдөбүл тылбааһа – барыллааһын диэн. Көнөтүнэн эппэккэ, «маннык буолуон сөп» эрэ диэн киһи этэр. Аан дойду үрдүнэн 100% күнү-дьылы билгэлиир синоптик суох. Дьиҥ кыайдахтарына 60-70% эрэ табыахтарын сөп. Ону да сүүһүнэн-тыһыынчанан үлэһиттэрдээх, арааһынай аныгы технологиялаах анал тэриллэрдээх идэтийбит гидрометеорологтар үлэлиир тэрилтэригэр эрэ.
Аптаах да киһи күнү-дьылы таба эппэт
— Туох кистэлэ кэлиэй, мин, өрүү эн күнү-дьылы билгэлииргин сырдатар киһи буоларым быһыытынан, матырыйаалбын оҥорбут күнүм сарсыардатыттан эн эппитиҥ туоларын туһугар, бэйэм да билбэппинэн, Таҥараттан, күнтэн-ыйтан көрдөһөн барабын: “Тускул эппитэ туоллун…”— диэн. Эн билгэҥ туоларыттан-туолбатыттан ааҕааччым миэхэ, суруналыыска, итэҕэйэрэ эмиэ тутулуктаах буоллаҕа. Оттон эн тус бэйэҥ эппиэтинэскин төһө өйдүүгүнүй? Билгэҥ туолбатаҕына туох санааҕа кэлэҕиний?
— Боростуойдук да өйдөөтөххө, ардах диэн ардах. Ол курдук, самыыр биир сиргэ кэлэн тоҕута түспэт. Куорат биир уһугар ардыаҕа, атыныгар кураанныаҕа. Алаас саҕатын аһарыаҕа, оттон ходуһаны олох да инчэтэн ааһыаҕа. Хаар, тыал түһүүтэ эмиэ оннук. Уопсай барыллааһыҥҥа киһи сыыстарымыан наада, итини билинэбин. Билигин хайдахтаах да аптаах киһи күнү-дьылы 100% чопчу эппэт. Киһи барыллаан эрэ этэр кыахтаах.
“Батсаапка олох кыһаммаппын…”
—— Тускул, эн кэлиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимнэргэ, нууччалыы эттэххэ, олус “популярнай” киһигин. Эйиигин “албыннаата” диэн абатыйан маска-талахха да “ыйаан”ылаллар, анекдот арааһын да айаллар. Эн дьон итинник саҥатын, күлүүтүн-элэгин хайдах ылынаҕыный?
— Ээ, мин батсаапка олох кыһаммаппын. Олох көрбөппүн да, аахпаппаппын да. Онон ким мин туспунан тугу саҥарарын да, үөҕэрин да, хайгыырын да билбэппин. Хайа, уонна арааһынай хобу-сиби итэҕэйэн, бэйэбэр чугастык ылынан иһэр буоллахпына, ырааппат буоллаҕым дии.
— Ол эрээри, туох да диэбит иһин, Тускулу тыа сирин олохтооҕо күүтэр, ахтар, сүттэххинэ суохтуур. Оннооҕор командировкаҕа баран, сүтэ сылдьыбыккар “Тэтим” араадьыйа истээччилэрэ сүтэрэн аймаммыттара аҕай. Онон “Тускул билгэтэ” биэриилэри араадьыйаҕа да, тэлэбиидэнньэҕэ да анаан күүтэн истэр киһи үгүс. Тыа сиригэр көрүстэхтэринэ: “Тускул бу бэйэтинэн сылдьар”, — диэн үөрүү-көтүү бөҕө буолара буолуо?
— Мин сайын аайы СӨ Айылҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата тэрийэр суруналыыстар десаннарыгар киирсэн, улуустарынан уунан уста барабын. Онно дьону кытта көрсүһүү бэйэтэ туспа бырааһынньыкка тэҥнээх. Ким көрөн, ким куоласпынан билэр. Хаартыскаҕа түһүү, кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буола түһэбит. Ханна тиийдим да төрөөбүт дойдум дьонун, аймахтарбын кытта көрсөр курдук сананабын. Былырыын Уус-Маайа устун уунан уста сылдьан, биир кафеҕа киирбиппэр: “Оо, билэр киһибит киирэн кэллэ дии!” – диэн үөрэн-көтөн, ханна олордуохтарын билбэккэ, буор босхо тото-хана аһатан таһаарбыттара. Онон тиийбит сирбэр дьонум-сэргэм миигин олус чугастык ылынарыттан испэр кинилэргэ олус махтанабын…
“Тускул билгэтэ” биэрии ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруналыыстарын чилиэнэ Тарас Тарасов-Тускул сайыҥҥы интервьюта маннык буолла. Кинилиин аны хабараан тымныы кыһын ортото эмиэ кэпсэтиэх буолан болдьостубут. Онон «Салгыыта бэчээттэниэ… » диэн суруйуубун түмүктүүбүн.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.