Тускул үбүлүөйүн күнүгэр дьонун санаатын ылынна — биэриитигэр төнүннэ!
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, култуура туйгуна, бочуоттаах суруналыыс Тарас Тарасов-Тускул 65 үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх күнэ.
Суруналыыс дьоро бэлиэ күнүгэр биир идэлээхтэрэ, сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит «Саха» НКИХ суруналыыстара «Тэтим чааһа» телебиэриигэ уонна «Тэтим» араадьыйатыгар ыҥыран анаан ыалдьыттатылар. Бу күн Тускул үлэтин ис хоһоонун сиһилии кэпсээтэ, кэскиллээх былааннарын үллэһинэ.
Саамай кылаабынайа, кини кэлэр нэдиэлэттэн күнү-дьылы билгэлиир ааптарскай биэриилэрин сөргүтэр буолла. «Тускул, төнүн, аҕынныбыт», — диэн үгүс истээччи санаатын тиэрдэн, Тускул санаатын көтөхтүлэр, көнньүөртүлэр. Онон Тускулбут билгэтин оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ өрүү буоларын курдук истэр буоллубут!
Өссө биир үтүө сонуну норуот синоптига иһитиннэрдэ: «Соторутааҕыта ХИФУ-га тиийэн, научнай үлэҕэ ылсыахпын баҕарарбын кэпсээн, сүбэлэттэрдим. Онуоха хомуйбут матырыйаалым научнай үлэҕэ эппиэттиирин бигэргэттилэр. Онон аны сүрүн үлэбиттэн бириэмэ булан, наукаҕа ылсыам».
Ити курдук, быйылгы Наука сылыгар уонна 65 үбүлүөйдээх сааһыгар Тускул олоҕор сонун сүүрээни киллэриэҕэ. Дьэ, онон норуот синоптига бар дьонун санаатын ылынан, күнү-дьыл билгэлиир «үлэтигэр» төнүннэ, доҕоттор!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.