Тускул: «Магадаан циклона Халыма-Индигиир улуустарыгар сис былыты аҕалыаҕа»

Ааптар: 
26.01.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ тымныы намыраата. Ол эрээри норуот синоптига Тускул бэлиэтииринэн, киин улуустарга өрөбүл күннэргэ тымныы күн-дьыл син биир туруоҕа. edersaas.ru

— Кэлэр нэдиэлэ сэрэдэтиттэн, халлаан дьэ сылыйан барыаҕа. Магадаантан улахан циклон иһэр. Онон Халыма-Индигир улуустарыгар сис былыт кэлиэҕэ. Ол курдук, Черскэйгэ баара суоҕа -4-5 С кыраадыс тымныы буолуоҕа. Кэлэр нэдиэлэ ортотуттан Тыиныы полюһугар Өймөкөөҥҥө эмискэ сылыйыаҕа: күнүс -20С  кыраадыс, түүн -25С rыраадыс тымныйыаҕа. Дьааҥыга Магадаан циклона тиийбэт, онон манна -40-50 кыраадыс тымныы оннунан хаалыаҕа. Арктика улуустарыгар (Булуҥ, Анаабыр, Өлөөн) сылыйыы суох — 30-40С кыраадыс тымныы. Өлүөхүмэ, Алдан улуустарыгар — 20-30 кыраадыс тымныы. Бүлүү эҥэр улуустарыгар Красноярскай кыраайтан кэлэр циклонтан сылтаан 30-40 кыраадыс тымныы. Бу улахан сылыйыы буолбатах, — диэн быһаарар Тускул.

«Быйыл кыһыммыт тоҕо олус тымныйбыта буолуой?» — диэн ыйытыыга норуот синоптига маннык хоруйу биэрдэ:

Хотуттан уонна соҕурууттан олус күүстээх антициклоннар быһа охсуһан, улахан тымныыны аҕаллылар. Уопсайынан, Сибиир киин куораттарыгар Красноярскайга, Томскайга, Омскайга, Екатеринбурга, Братскайга, оннооҕор Санкт-Петербурга тиийэ улахан тымныы сатыылаата. Орто температура бу куораттарга -40С кыраадыс тымныыга тэҥнэстэ. 

… Кэлэр нэдиэлэ сэрэдэтиттэн сааскы күммүт чаҕылыйан, кыһыҥҥы тымныы күннэр дьэ аастылар диэн өрө тыыныахпыт. Бүгүҥҥүттэн күммүт чаҕылыччы тыган, күүтүүлээх өрөбүл күннэри чугаһатарга дылы буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0