ТУС: киэҥ далааһыннанар

Бөлөххө киир:

Ааспыт сылга  «Саха сирэ» уонна «Соҕуруу Саха сирэ» диэн территориялары урутаан сайыннарыы резиденнэринэн эбии 10 тэрилтэ  буолбута.  Балар уопсай инвестициялара 1,4 млрд. солк, барыта 546 оробуочай үлэ миэстэтинэн хааччыйдылар.

«Саха сиригэр уонна  Уһук Илиҥҥи уокурукка  территориялары урутаан сайыннарыы улахан суолталаах уонна көдьүүстээх.  Бырамыысыланнаһы тэҥэ оҥорон таһаарыыга, инфраструктураҕа сыһыаннаах бырайыактары олоххо киллэриигэ болҕомто ууруллар. Түмүгэр, дьон олоҕо тупсарын туһугар сөптөөх үлэ оҥоһуллар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев быһаарар.

Санатар буоллахха,  Нерюнгри оройуонугар «Соҕуруу Саха сирэ» диэн территориялары  урутаан сайыннарыы  үлэлиир. Манна таас чох хостонуллар. 2021 сылга территориялары  урутаан сайыннарыы чэрчитинэн,  «Промышленная компания Кузбасса-Якутия» ХЭУо,  «Разрез Право-Кабактинскай» АУо уонна «ВОСТОК МАЙНИНГ ТОР» ХЭУо  тэрилтэлэри кытта бииргэ  үлэлииргэ Сөбүлэһии түһэрсиллибитэ.

«Саха сирэ» территориялары  урутаан сайыннарыы  резиденцията  Дьокуускайга, Аллараа Бэстээххэ баар.  Ааспыт сыл түмүгүнэн эбии 7 Сөбүлэһии түһэрсиллэрэ ситиһиллибит.  Ахсынньы 29 күнүгэр «Квартал труда» ХЭУо уонна  «Корпорация развития Дальнего Востока и Арктики» АУо  тустаах территорияҕа үлэлииргэ Сөбүлэһиини түһэрсибиттэрэ.  Инвестиция уопсай кээмэйэ  552,4 мөл. солк.,  эбии 24 оробуочай   үлэ миэстэтинэн хааччыйаллар.  «Саха сирэ» территориялары урутаан сайыннарыы резиденинэн «Сальта Трейдинг» уонна «Глэмпинг «Круглое»  диэннэр буолбуттара.  Аллараа Бэстээххэ хотугу улуустарга таһаҕаһы тиэрдиигэ аналлаах киин тэриллиэҕэ. Манна таһаҕаһы харайыыттан саҕалаан оҥорон таһаарыы кытары баар буолуохтара. Онон Саха сиригэр территориялары урутаан сайыннарыы үлэтэ былаан быһыытынан бара турар, сайдар аналлаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0