Тус сыаллаах, чааһынай үөрэххэ киллэрэбит диир сымыйа сураҕы итэҕэйимэҥ
Сыллата үөрэх туттарсыытын саҕана абитуриеннартан “ас” таһаарыныан баҕалаахтар элбииллэр. Бу күннэргэ туга-ханныга биллибэт чааһынай тэрилтэлэргэ, тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэххэ ылабыт диэн иһитиннэриилэр тарҕаннылар. СӨ Үөрэҕин уонна министиэристибэтин саайтыгар маныаха сыһыаннаах сэрэтии таҕыста.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университеты (АГАТУ) кытта быһа сибээс кэмигэр: “Тус сыаллаах үөрэх туһунан хаста даҕаны этилиннэ. Хомойуох иһин, бэлиэтиир ирдэнэр уонна болҕомтону СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар уурар наада. Бүгүн саайтка пресс-релиһи таһаардыбыт.
Убаастабыллаах абитуриеннар уонна төрөппүттэр, үөрэххэ туттарсыы боппуруоһа барыбытын долгутар. Ол эрээри, хомойуох иһин, социальнай ситимнэргэ кэлин тус сыаллаах үөрэххэ сыһыаннаах бигэргэммэтэх (бэрэбиэркэлэммэтэх) иһитиннэриилэр тарҕаннылар.
Эһиэхэ туһаайан иһитиннэрэбит, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ ити курдук биллэриилэринэн уонна чааһынай сирэйдэр, тэрилтэлэр кэммиэрчэскэй этиилэригэр туох даҕаны сыһыана суох. Болҕомтолоох, сэргэх буолуҥ. Ханнык даҕаны чааһынай сирэйдэр эһиги үөрэххэ киирэргитин мэктиэлиир кыахтара суох”, — диэн сэрэттэ. Итиэннэ бу курдук ис хоһоонноох сокуоннайа суох этиилээх иһитиннэриилэри СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин аадырыһыгар 507-927 нүөмэринэн, быраап миэрэлэрин ыларга ыытыҥ диэн эттэ.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар тахсыбыт сэрэтэр ис хоһоонноох иһитиннэриини бу ыйыллар сигэнэн https://minobrnauki.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3276007 киирэн ааҕыҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru