Үлэбинэн уонна уопсастыбаннай ноҕурууска да быһыытынан, дьон суруйуутун бэлэмнээһиҥҥэ, көннөрүүгэ элбэхтик үлэлэһэбин. Ол кэнниттэн, “тылбыт ыалдьыбыт” диэн түмүккэ кэллим. Тоҕо диэтэххэ, саха дьоно төрөөбүт тылбытынан да, суругунан да санаабытын сатаан сайа эппэт буолбуппут.
Оннооҕор учууталлар, иитээччилэр суруйуулара киһини хомотор. Сурук бэлиэлэриттэн, тылы, этиини сыыһа суруйууттан саҕалаан, истиил өттүнэн ханнык да быраабылаҕа бэриммэт сыыһалардаахтар. Сахалыы бичиги (шрифт) туттуу туһунан этэ да барбаккын. Саамай сүрүн кыһалҕа – санааларын сахалыы тылынан сатаан арыйбаттар.
Дьиктитэ диэн, бу үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр нууччалыы сыыһата суох суруйаллар ээ. Тылга сыһыан итиннэ көстөр дии саныыбын. Нууччалыы сыыһалаах суруйуу – кыбыстыылаах, биир тылы сыыһа суруйдахха, “грамотей” диэн аатырыаҥ турдаҕа. Оттон сахалыы сыыһа суруйарбытыттан тоҕо кыбыстыбаппыт?
Аны саҥарар саҥабытын ылан көрүөҕүҥ. Күннээҕи олоҕор сахалыы ыраастык саҥарар киһини билигин тымтыктанан эрэ булаҕын. Бука бары нууччалыы, бэл, английскайдыы тыллары кыбытан саҥарарбыт нуормаҕа кубулуйбута хомолтолоох. Ону ааһа баран, сахалыы саҥарыллыахтаах да тыллары нууччалаан “тупсарабыт”.
Холобур, тэлэбиидэнньэҕэ көстөр дьоммут хайдах саҥаралларый? “Кожаҕытын тонигынан очищайдаан баран, увлажняющай креминэн сотоҕут”, “вообще-то первоначальнай взноскутун в рассрочку да төлүөххүтүн сөп, главное, оплата своевременно киириэхтээх”, “финансирование строительства дорог полномочиетын биһиэхэ биэрбиттэрэ”, о.д.а.
Дьэ, бу тугуй? “Окошконан посмотрилаа” диэн күлэр үйэбит кэллэҕэ дуу? Ону тэҥэ тылбыт буомуран, өрүттүбэт турукка киирэн эрдэҕэ дуу? Кэтээн көрүҥ эрэ, “бассаапка” да, күннээҕи кэпсэтиигэ да маннык курдук кэпсэтии элбэх эбээт? Саамай кыһыылааҕа, онно ким да кыһаллыбат, буолуохтааҕын курдук ылынабыт.
Маннык тэтимнээх үйэҕэ билигин хас биирдии саха киһитэ тылга эппиэтинэстээҕин умнубата буоллар дуу… Сүүһүнэн былдьаһыктаах сылларга, баччааҥҥа диэри тылбытын харыстаан аҕалбыттара, ону биһиги кэлэн, сүтэрэн кэбистэхпитинэ, өбүгэлэрбит иннилэригэр аньыы да буолаа ини?
Тыла суох норуот эстэр. Онон хас биирдии киһи сыыс тыла суох, ыраастык саҥара, суруйа сатыахтаах, оҕолорун, сиэннэрин эмиэ үөрэтиэхтээх. Ити ордук үөһэттэн саха тылын оскуолаҕа үөрэтиини күөмчүлүүр кэмнэригэр күүһүрүөхтээх. Баҕар, эрдэттэн айманар, суоҕу суорар диэххит. Ол эрээри, олохпут күннээҕи бытархайдартан турар, хааппыла уу байҕалга кыттыһар. Төрөөбүт тылбытын харыстыаҕыҥ, буомурдууга тиэрдимиэҕиҥ! Ол хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын умнумуоҕуҥ!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru