Турция куруортарыгар энтеровируснай инфекцияттан сэрэниҥ

12.08.2017
Бөлөххө киир:

Турция куруортарыгар энтеровируснай инфекция өрө турбутун туһунан чахчылары өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ бигэргэппэт.

edersaas.ru


Ол эрээри, таҥара сэрэҕи таптыыр. Роспотребнадзор соторутааҕыта Арассыыйа туристарыгар суһал сибээс (8 800 550 21 24) төлөпүөнүн олохтоото. Онно биллибитинэн, балаһыанньа уустугурбутун туһунан иһитиннэриилэр киирэ тураллар.

Турцияҕа сынньана сылдьан эбэтэр кэлэн баран, уопсай туруккут мөлтөөтөҕүнэ, суһаллык эмчиттэр өҥөлөрүнэн туһаныы наадатын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Роспотребнадзора санатар.

Энтеровируснай инфекция уратыта

Энтеровируснай инфекцияҕа  (ЭВИ) энтевирустар киһи элбэх уорганын (ньиэрбэ систиэмэтин, сүрэҕи, тыҥаны, бүөрү, быары, куртаҕы, оһоҕоһу, тириини, көрөр уорганнары) сүһүрдэр кыахтаахтар.

Инфекцияҕа сыстыы ордук сайыҥҥы-күһүҥҥү кэмнэргэ бэлиэтэнэр. Энтевирустар тас эйгэни тулуйар буоланнар, уу сүүрэр сиригэр, бассейннарга, уулаах аһаҕас сирдэргэ, күннээҕи туттуллар эттиктэргэ, үүт бородууктатыгар, оҕуруот аһыгар, фруктаҕа өр сылдьаллар. Бу инфекция уратытынан сыстыганнааҕа уонна түргэнник тарҕанара буолар.

Харыстаныы мэһэйдээбэт

Ыарыы сытыытык саҕаланар, киһи кыраадыһа 39-40 тиийэ тахсар, төбөтө күүскэ ыалдьар, мэйиитэ эргийэр, хотуолуур, ардыгар иһэ, көхсө таарымталанар, тартарыан сөп.

Роспотребнадзор управлениета сайыҥҥы кэмҥэ энтеровируснай инфекцияттан сэрэнэргэ маннык сүбэлиир:

– анал миэстэлэргэ эрэ сөтүөлээҥ, ууну ыйыстымаҥ;

— иһэргэ хаачыстыбалаах ууну (чэйи, бытыылкалаах ууну) туһаныҥ;

– оҕуруот аһын, фруктаны, отонноох астары кичэллээхтик сууйан уонна итии ууга тутан эрэ баран сиэҥ;

— тус гигиенаны тутуһуҥ, аһыах иннинэ уонна туалекка сылдьан баран илиигитин хайаан да мыылалаах уунан суунуҥ;

— аһылык хараллар температуратын уонна болдьоҕун тутуһуҥ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0