Саха сирин арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр алта туристическай бырайыагы сайыннарыахтара.
Предпринимателлэр пуорумнарыгар эспиэртэргэ алта туристическай бырайыагы билиһиннэрдилэр. Бу глэмпинг-паарка, «Сила духа» дьиэ кэргэн сынньанар баазата, Нерюнгригэ «Нахот» сынньалаҥ баазата, Мииринэйгэ турбааза, Ленскэй оройуонугар туристар сынньанар сирдэрэ, «Ралли рейд «Алмазы Заполярья» «Мииринэй-Удачнай-Өлөөн» маршрутунан. «Нахот» сынньалаҥ баазатын саҥардан оҥороллор, кэҥэтэллэр. «Чуоналыыры» (Мииринэй) сылы эргиччи үлэлэтэр былааннаахтар.
Тэрээһин кыттыылаахтара Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Нерюнгригэ, Алдаҥҥа туризмы сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Саха сиригэр туризмы сайыннарыы ааҕыныстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ туристар кэлиилэрин тэрийиигэ үлэни-хамнаһы, саҥа туристическай маршруттары оҥоруу үлэлэри билиһиннэрдилэр.
«Алмазный край» телеханаал хаартыскаҕа түһэриитэ,
Мииринэй.