Туризмҥа сонун сүүрээн олоххо киириэҕэ
Быйыл Таатта улууhугар «Туризм сыла» биллэриллибитэ.
edersaas.ru
Суолталаах сылы көхтөөхтүк тэрийэр соругу туруоран, улуус салалтата эрдэттэн былааннаах үлэни ыыппыта. Ол курдук, улахан кэскиллээх кэпсэтии баран, саха норуота киэн туттар бөлүһүөгэ, суруйааччыта Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан кини төрөөбүт дойдутугар Чычымахха сылы эргиччи үлэлиир туристическай паарканы аhан үлэлэтиэхтэрэ. Кэпсэтии быһыытынан Саха сиригэр этнографическай туризмы сайыннарыыга үлэлэһэр, Норуоттар доҕордоһууларын уордьана уонна “Хоту дойдуга үтүөлэрин иһин” мэтээл кавалера, Арассыыйатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы туризм академиятын бочуоттаах академига Василий Атласов туристическай паарканы тутар биригээдэтэ бу күннэргэ Чычымахха айанныаҕа. Былаан быһыытынан паарка быйыл бэс ыйын 29 күнүттэн үлэтин саҕалыахтаах.
Туризм бу сонун бырайыагын туһунан туризм академиятын академига Василий Атласов бу курдук билиһиннэрдэ:
— Мин былыр суол-иис суоҕар Охотскай муораттан таhаҕас тиэйэр хорук тымырынан буолбут айан аартыга Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын сут-кураан дьылларга суттан быыhаабыт Нуотара үрэххэ күн сирин көрбүтүм. Таатта үрэх түhэр баhыгар Чурапчы Хатылытыгар оонньоон-көрүлээн, отонноон-мастаан улааппытым. Мэнэ Хаҥалас чулуу уола Баhылай Манчаары төрөөбүт-үөскээбит Арыылаах алааhыгар холкуос оттуур биригээдэтигэр күүстээх үлэҕэ миккиллэн, ситиhиилэртэн кынаттанан, Догдоҥо нэhилиэгин аарыма кырдьаҕастарыттан сиэри-туому тутуhарга уhуйуллан, киhи-хара буолан, орто дойдуга үлэбин саҕалаабытым. Онон илин эҥээр улуустарын кытта оҕо сааспыттан ыкса сибээстээхпин. Туризмы сайыннарыыга айымньылаах үлэм эмиэ илин эҥээртэн силистээх-мутуктаах. Ол курдук, ырыа-тойук аргыстаах сайдар саргылаах, үлэ былаахтаах Майа алааhын олохтоохторун кытта чугастык алтыһан, айар үлэ абылаҥар ылларан, түбүктээх үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түспүтүм. Онтон куорсун анньынан бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар: Мэҥэҕэ «Сото», «Манчаары Арыылааҕа», Майаҕа «Дьол түһүлгэтэ», «Ураhалаах» Ыhыах комплексын, Саха Бэстээҕэр «Манньыаттаах», Туймаада хочотугар «Атласовтар уhаайбалара», «Үс Хатыҥ» диэки «Сата Таас», Хаҥалас улууhугар Дьөппөн, Кыһыл сыыр «Аквапарк», «Күрүлүүр» күрүлгэн», Алдан улууhугар Томмокко «Спарта» сынньалаҥ киинигэр «Култуура киинэ», Өймөкөөн улууhугар «Тымныы полюhа» туристическай комплексы үлэҕэ киллэртээбитим. Онон Саха сиригэр «Лена-Алдан» диэн төгүрүмтэ (кольцевой) маршруттары оҥортуур кэскиллээх бырайыакпыттан бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрсибитим. Бу бырайыак «Саха-трэвел» 2006 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи туризмы сайыннарыы быыстапкатыгар «Саха сирин бастыҥ инвестиционнай бырайыага» диэн анал Дипломунан бэлиэтэммитэ. Хомойуох иһин, кэскиллээх бырайыак сайдыы өйөбүл ылбакка, тохтоон хаалбыта. Туох барыта үөһэттэн айдарыллан кэлэр аналлаах. Мин оччолорго:»Ол аата кэмэ кэлэ илик эбит», — диэн күүтэргэ санаммытым. Дьэ, ол бырайыагым бу Таатта Чычымаҕар тутуллар Туризм пааркатыттан салгыы олоххо киирэр аартыга арылынна. Ол эбэтэр «Лена-Алдан» бырайыагым икки түhүмэҕинэн «ЛААЛ-1» (Лена-Амма-Алдан-Лена); «ЛААА-2» (Лена-Алдан-Амма-Лена) дэнэн, төгүрүмтэ маршрут үлэлээн барыаҕа.
Ил Дархан Айсен Николаев 2019 сылы – Сомоҕолоhуу сылынан биллэрбитэ. Онон сибээстээн илин эҥээр улуустар салалталара, дьоно-сэргэтэ бары түмсэн, бу бырайыакка кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин. Бары күүһү холбоон, туризмы сайыннарыыга олохтоохтук ылсан, тыа сирин дьоно үлэлээх-хамнастаах буолалларын ситиһэр соруктаах Таатта улууhун көхтөөх хамсааhынын өйүүргүтүгэр ыҥырабын!
Василий Атласов ыҥырыытын өйөөн, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Изабелла Сивцева социальнай ситимнэр нөҥүө Өлүөнэ Эбэ илин биэрэгэр, Амма уонна Алдан өрүстэр сүнньүгэр олорор Илин Эҥэр улуустар олохтоохторугар маннык ыҥырыы таһаарда. Кини ол туһунан бу курдук кэпсиир:
— Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги улууспутугар Туризм сылынан сибээстээн, предпринимателлэрбитин мунньан анал сэминээр ыыппыппыт. Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархан Айсен Николаев Сомоҕолоһуу сылын биллэрбитин тутуһан, Таатта улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн, «Атласовтар уһаайбалара» өйөбүлүнэн «ЛААЛ-1» (Лена-Амма-Алдан-Лена), «ЛААЛ-2» (Лена-Алдан-Амга-Лена) төгүрүмтэ туристическай маршруттар 2019 сылтан үлэлээн барыахтара. Бырайыакка кыттыһыы бары хайысханан барыан сөп: маршруттарынан хоннорор, аһатар сирдэринэн, такси, самолет, оҥочолоох тыы, сирдьит өҥөтө, балыктааһыны, араас тэрээһиннэри, сынньалаҥы тэрийии. Илин эҥээр улуустарыгар туризмы сайыннарыыга, тыа олохтоохторо үлэлээх-хамнастаах буолалларын хааччыйыыга бары күүспүтүн холбуоҕуҥ диэн Таатта улууһун предпринимателлэрин кытта бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ ыҥырабыт.
Ким бу кэскиллээх хамсааһыҥҥа кыттыһыан баҕалаахтар 89142789287 төл. билсиҥ. Мантан инньэ анал батсаап бөлөх тэриллэн, үлэбитин саҕалыахпыт. Суон тиит курдук, сомоҕолоһо сылдьан, сыалбытын ситиһиэҕиҥ!
Этнографическай туризмы сайыннарар соруктаах Василий Атласов илин эҥээринэн ааһар «Халыма» федеральнай суол хотугулуу-илиҥҥи улуустарын хабан, төгүрүмтэ маршруттары үлэлэтэргэ көҕүлүүр. Ол эбэтэр улуустар туризм эйгэтигэр биир-биир бытанан сайда сатаабакка, бары бииргэ сомоҕолоһон, биир сүрүн маршрут тула түмсэллэрэ ордук. Оччотугар күүстээх хамсааһын тахсыаҕа, туристар тэрээһиннээхтик кэлиилэрин ситиһэн, Сахабыт сирин туһунан билиилэрин хаҥатан, интэриэстэрин көбүтэн, туризмы сайыннарыыга улахан хамсааһын тахсыаҕа.
Хас биирдии улуус бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат кэрэ көстүүлээх, историялаах, туристары интэриэһиргэтэр өрүттэрдээх. Онон бары биир ситиминэн үлэлиири өссө кэҥэттэххэ, туристар ахсааннара элбииригэр олук ууруллуо этэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru