Туристар Саха сиригэр интэриэстэрэ өссө улааппыт

Ааптар: 
23.08.2017
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин бырабыыталыстыба иһинэн тэриллэн үлэлиир туризм Сүрүннүүр сэбиэтин мунньаҕын салайан ыытта.

edersaas ru.

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр туристскай индустрияны 2025 сылга диэри сайыннарыы Стратегиятын 2012 – 2016 сс. иккис түһүмэҕин дьаһалларын олоххо киллэрии түмүктэрин туһунан инвестиция уонна предпринимательство дьыалатын миниистирин солбуйааччы Александр Андросов иһитиннэрдэ. Стратегия иккис түһүмэҕин былаанын (“Суол каартатын”) олоххо киллэрии үлэтин түмүгэр,  туристар кэлиилэрэ 37 %, өҥөнү оҥоруу икки төгүл, гостиница өҥөтүнэн туһаныы 36 %, эйгэҕэ үлэлиир киһи ахсаана 5 % улааппыт, бу кэм устата 193 тыһыынча турист сылдьыбыт. Ол эрээри, билигин даҕаны туристар ордук талаһар сирдэригэр, сүрүннээн хоту, суол-иис, сибээс мөлтөҕө, бөртөлүөтү түһэрэр былаһааккалар оҥоһулла иликтэрэ, онно көҥүлү ылыы уустуга, анал оптуобустар уонна уу ааллара суохтара, атын дойдулартан, омук сириттэн киирэр дьону аһардыы мэһэйэ элбэҕэ, чартернай рейстэр тохтобулларыгар федеральнай тарыып наһаа улахана сайдыыны кыаһылыыр эбиттэр.

Инвестиция уонна предпринимательство дьыалатын миниистирэ Антон Сафронов Стратегия чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ туризмы сайыннарыы 2030 сылга диэри былаанын билиһиннэрдэ, 2050 сылга диэри сайдыы сүрүн хайысхаларын быһаарда. Туристскай-рекреационнай комплексы улуустар уратыларын учуоттаан тэрийэр ордук көдьүүстээх. Холобур, промышленнай улуустарга промышленнай, илин эҥээр уонна киин улуустарга экология, култуура, этнография, история уо.д.а. хайысхаларынан. Итиэннэ бу уратылары чорботон, сырдатар уонна болҕомтону тардар үлэни күүһүрдэр, өҥөнү (куттал суох буолуутун, сервиһи, төлөбүр ситимин, туристары көрсүүнү, арыаллааһыны, хааччыйыыны) аан дойду таһымнаах стандартарынан тэрийэр ирдэнэр.

Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Евгений Чекин өрөспүүбүлүкэҕэ туристскай индустрияны сайыннарыы Стратегиятын бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаата.

Стратегияны олоххо киллэриигэ судаарыстыбаннай былаас 17 толоруулаах уоргана, улуустар бары үлэлииллэр. “Суол каартатын” 98 %-а олоххо киллэрилиннэ, сүрүн көрдөрүүлэр ситиһилиннилэр, 50 эбийиэктээх 18 муниципальнай туркомплекс тутулунна, —диэтэ.

2016 сыл бүтүүтүгэр бырабыыталыстыба туризмы сайыннарыыга саҥа боломуочуйалары тыырбытын, олохтоох салайыы уорганнарын туризмы сайыннарыыга бырааптара чопчуламмытын эттэ. Туризмҥа күрэстэһии күүһүрэн итиэннэ сынньалаҥҥа саҥа-сонун сирдэри көрдөөһүн кэҥээн иһэринэн, Саха сирэ урукку өттүгэр туһанылла илик эйгэҕэ (экологическай, промышленнай туризмҥа, уунан устууга) ылсара көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ.

Раиса Сибирякова, Саха сирэ” хаһыат, edersaas ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0