Алтынньы 1 күнүгэр күнүс түөрт чаас саҕана Дьокуускайга уот баран, уулуссаларга светофор тохтоон, массыыналар тоҕуоруһа мустан, “пробка” аймалҕана саҕаламмыта. Куорат дьиэлэрин лииптэригэр 150-ча киһи хаайтарбыта…
edersaas.ru
Дьокуускайдааҕы ГРЭС саппаас энергияны биэрэр туспа турар дьиэтигэр эстии тахсан, саахалтан харыстыыр аптамаат-тиһилик үлэлээн, Дьокуускай куорат уонна уонча улуус уота суох хаалбыттара. 1970 сыллаахха үлэҕэ киирбит Дьокуускайдааҕы ГРЭС быйылгы саахала — иккис түбэлтэ. Бастакы – 2002 сыллаахха ахсынньы 19 күнүгэр буолбут. Оччолого саппаас источник суох буолан, саахалы туоратыы уустуктардааҕа. Быйыл саахал кэмигэр ГРЭС-2 баар буолан, саппааска көһүү дэбигис буолбут.
Саахал тахсаатын кытта чаас аҥаарын иһинэн Ил Дархан Егор Борисов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах Суһал ыстаап тэриллэн, социальнай эбийиэктэр, уулуссаларга айан-суол туруга тута болҕомто киининэн буолбуттара, полиция үлэһиттэрэ хонтуруолу күүһүрдүбүттэрэ. Ил Дархан Егор Борисов бэйэтин социальнай ситимигэр дьонугар-сэргэтигэр саахал кэмигэр тахсыбыт ыксаллаах балаһыанньаны сөптөөхтүк өйдөөбүттэригэр махтанан туран: «Бу тахсыбыт саахал өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай кииҥҥэ ГРЭС-2 ыстаансыйаны тутууну анаан туруорсубута сөптөөҕүн бигэргэттэ”, — диэн бэлиэтээбитэ.
Кырдьык, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ыксаллаах балаһыанньаҕа бары да тургутууну аастыбыт диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол туһунан дьон санаатын истиэҕиҥ.
Александр АТЛАСОВ, “Нам улууһа” МТ баһылыга:
— Электричество уота тыа сиригэр чаастатык барар буолан, улахан соһуйуу-уолуйуу суоҕа. Улууспут хочуолунайдара улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох бары саппаас источникка холбонон тураллар. Онон ханнык баҕарар балаһыанньаҕа (саахал, өрөмүөн үлэтэ, уот линията быстыыта) оператордар саппаас уоту холбуур эбээһинэстэрин чопчу толороллор. Маны таһынан, аныгы үйэ буолан, дьон-сэргэ социальнай ситимнэринэн саахалы туоратыыны билсэ олорбута. Араас сурах-садьык тарҕанарын бопсон, официальнай бэчээт уорганнара балаһыанньаны тута билиһиннэрэн испиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол да иһин буолуо, ыксаллаах балаһыанньаны дьон-сэргэ холкутук ылынна.
Ангелина ГОВОРОВА, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах сэлиэнньэтин олохтооҕо, учуутал:
— Уот барыытыгар астаары бэлэмнэнэ сылдьыбытым. Биһиэхэ уот сотору-сотору барааччы, онон соһуйбатаҕым. Иллэҥсийбиччэ, батсааппын хаһыспытым – куоракка ГРЭС саахалламмыт эбит. Уопсайынан, тыа сирин олохтоохторо чүмэчибит, гаас билииккэбит аттыбытыгар хаһан баҕарар чугас. Онон итинник балаһыанньаларга толору бэлэмнээхпит.
Ньургуйаана ЗАМОРЩИКОВА, куорат олохтооҕо, урбаанньыт:
— Мин лиипкэ хаайтаран турбут видеобын (фейсбукка укпутум) араас иһитиннэрэр эйгэҕэ туһаннылар. “Кучу” чэйбин амсатар церемония оҥороору анаан тэринэн, “Сэттис халлаан” рестораҥҥа лиибинэн тахсан истэхпинэ, арай уот баран хаалла! Сэттис этээскэ бэһиэ буолан хаайтаран хааллыбыт. Кыра оҕолоох ыал, эдэр киһи уонна мин. Ким да уолуйбата. Тэрийээччилэргэ эрийдим, онуоха уот куорат үрдүнэн барда диэтилэр. Батсаапка, фейсбукка суруйбуттар аҕай. Айманыахча курдук буолбуппар, эдэр киһи буойда. Санаам барыта — дьиэбэр соҕотоҕун хаалбыт алталаах оҕобор. Кини соҕотох буоллаҕына, хараҥаттан куттанан дьиэтин уотун, тэлэбиисэри барытын холбоон олорооччу. Сотору соҕус буолан баран, эр дьоммут лиип аанын сэрэнэн арыйдылар. Мин тугу барытын быраҕаат, дьиэбэр тиийбитим, оҕом Саҥа дьыллааҕы чүмэчилэри булан, испиискэни ыскаап үрдүттэн ылан, уот-күөс бөҕө буолан олорор эбит. Ыксаабатах, уолуйбатах. Онон бу маннык түгэҥҥэ оҕону уолуйбат гына үөрэтэр ордук эбит диэн санааҕа кэллим.
Надежда САМСОНОВА, “Эдэр саас” сайт эрэдээктэрэ:
— Саахал кэмигэр дьон-сэргэ ордук официальнай иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ итэҕэйэрин бу түбэлтэ көрдөрдө. Ол курдук, биһиги сайтпытын биир киэһэ түөрт чаас иһигэр 6482 киһи киирэн көрдө. Матырыйаалларбытын көрүү 18 449 ахсааҥҥа тиийдэ. Интэриниэт үлэлээбэт буолан, суһал матырыйааллар нууччалыы уонна сахалыы тылынан тахсыбыттара. Инньэ гынан, “Эдэр саас” сайт ЯСИА суруналыыстарын матырыйаалларын эмиэ суһаллык тиэрдэ олордо. Маннык түгэннэргэ, буоларын курдук, араас сурах-садьык тахсыталыы сырытта эрээри, суруналыыстар саахал буолбут сириттэн, туһааннаах салайааччылартан тута иһитиннэрии ылан иһэр буолан, киһи эрэ буоллар, балаһыанньаны тыҥааһынныы сатааччылар ньимийэн хааллылар. Онон ыксаллаах балаһыанньаҕа иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ суолтата улаханын “Сахамедиа” суруналыыстара өссө төгүл дакаастаатылар.
… Буолан ааспыт саахал уу-нуурал олох күн аайы буолбатын, ыксаллаах кэмҥэ ким хайдах дьаһаныан сөптөөҕүн үөрэтэн, тургутан көрдө. Хас биирдиибит – салалта да, дьон-сэргэ да — туһааннаах түмүгү оҥордубут уонна маннык ыксаллаах түгэннэргэ бары өттүттэн бэлэмнээх буолуохтаахпытын өйдөөтүбүт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas