ТУРГУТУК. Улуу Кыайыы 80 сыла: Дьоруойдар

Ааптар:  Эдэр саас
16.01.2025
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар хас да тыһыынчаттан тахса саллаат үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа – Кыһыл Көмүс Сулуска тиксибитэ. Олор истэригэр Саха сириттэн  ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа ааты эмиэ сүкпүт хорсун быһыылаах буойуттар бааллар. Бу тургутукка Саха сириттэн фроҥҥа ыҥырыллыбыт Дьоруойдар тустарынан ыйытыктары бэлэмнээтибит.

Аҕа дойду Улуу Сэриитин кэмигэр уонна кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа ааты уонна «Кыһыл көмүс Сулус» мэтээли Саха сириттэн ыҥырыллыбыт хас байыас ылбытай?

Правильно! Не правильно!

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар ханнык Дьоруой аатыгар үбү-харчыны хомуйан, «Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа» тааҥка оҥоһуллан, генерал-полковник тов. Рыбалко байыастарыгар туттарыллыбытай?

Правильно! Не правильно!

Бу аатырбыт Дьоруой сэрии кэнниттэн дойдутугар Баайаҕантайга төннүбүтэ уонна 1946 сыллаахха РК КПСС байыаннай отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ол кэннэ ССРС Үрдүкү Сэбиэтин национальностарын Сэбиэтин дьокутаатынан талыллан үлэлии сылдьыбыта. Снайпер байыас 400-тэн тахса фашиһы кыдыйбыта.

Правильно! Не правильно!

Дьоруой Бүлүү улууһуттан төрүттээх, сэрии иннинэ «Коммунист» холкуоска биригэдьиирдээбит. Батальон бөлөмүөччүгүн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа наҕараадаҕа 1944 сыллаахха түһэрбиттэрэ, ол эрэн 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр биирдэ Бэрэсидьиэн Ыйааҕынан Кыһыл Сулус мэтээл анаммыта.

Правильно! Не правильно!

Саха сириттэн биир бастакынан Дьоруой аатын сүкпүтэ. Красноярскай куораттан төрүттээх, омугунан нуучча. Бомбандировщик сөмөлүөт хамандыыра, 48 ситиһиилээх байыаннай көтүүлэри оҥорбута.

Правильно! Не правильно!

Дьоруой Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх, снайпер, 229 өстөөҕү ытан өлөрбүтэ биллэр, Украинаны, Молдавияны, Румынияны уонна Венгрияны босхолооһуҥҥа кыттыбыта.

Правильно! Не правильно!

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Саха сирин биллиилээх араадьыйа суруналыыһа. Сэрии кэнниттэн суруналыыстаабыта, тылбаасчыттаабыта, Саха Сирин араадьыйатын кэмитиэтин тутаах эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Кини аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммута.

Правильно! Не правильно!

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1944 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан Чернигов уобалаһын босхолооһуҥҥа хорсун уонна дьоруойдуу быһыытын иһин кыһыл армеец өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Омскай уобалаһыттан төрүттээх.

Правильно! Не правильно!

Тверь губерниятыгар Кашино дэриэбинэҕэ төрөөбүт. Омугунан нуучча. ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1944 сыллааҕы Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин капитаҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аат иҥэриллибитэ.

Правильно! Не правильно!

Дьоруой Ньурба улууһуттан төрүттээх. Майор хамаандалыыр батальона 1945 сыл муус устарыгар аатырбыт Зееловскай үрдэллэри тоҕу көтүүгэ сураҕырбыт. Хамандыыр бастакы ударнай бөлөҕү салайан өрүһү туоруур, батальон туоруурун хааччыйар.

Правильно! Не правильно!

ТУРГУТУК. Улуу Кыайыы 80 сыла: Дьоруойдар
Оо,олох билбэт эбиккин! Мөлтөх!

Чэ, син билэр эбиккин! Бэрт!

Олус үчүгэй! Элбэҕи билэр эбиккин! Маладьыас!

+1
47
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
0
+1
10