ТУРГУТУК: Түмэл эспэнээттэрин төһө билэҕин?

Ааптар:  Ем.Ярославскай аатынан түмэл
18.05.2023
Бөлөххө киир:
СИА хаартыската.
Аан дойдуга түмэл күнүнэн билиигитин-көрүүгүтүн хаҥатыҥ, ыйытыыларга хоруйдааҥ. Эһиэхэ Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах Саха судаарыстыбаннай түмэлин кэлэктиибэ бу тургутугу анаан бэлэмнээтэ.

1886 сыллаахха Семен Егоров диэн Үөһээ Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин олохтооҕо ханнык эрэ түҥ былыргы кыыл чөмчөкөтүн уҥуоҕун таба хаампыт. Бу Саха музейын бастакы экспонатынан буолар уонна «Музей эһэтэ» диэн ааттанар. Кэпсиир булумньубут ханнык былыргы кыыл уҥуоҕай?

Правильно! Не правильно!

Саха музейын биир саалатын сүрүн экспонатынан 30 тыһ. сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт сэлии (мамонт) дьардьамата буолар. Бу экспонат булуллубут үрэҕин аата?

Правильно! Не правильно!

Улуу Туймаада хонуутун саамай хоту уһугар 1959 сыллаахха былыргы киһи уҥуоҕа ханна көстүбүтэй?

Правильно! Не правильно!

Б.э. иннинээҕи 2 тыһ. сыл бүтүүтэ, Саха сиригэр боруонса үйэтэ саҕаланар. Ити кэм стоянка аатынан Уус-Мильскай культура диэн биллэр. Саха сирин араас сирдэриттэн боруонса үйэтээҕи 20 кэриҥэ оҥоһук көстүбүт. Музейга баар боруонса солуур Саха сиригэр хаһыс үйэлэргэ киэҥник тарҕана сылдьыбытый?

Правильно! Не правильно!

Кыталык Россия Федерациятын эндемигэ. Арҕааҥы популяцията уйаланар сирдэрэ Объ өрүс алын өттүгэр баар. Саха сиригэр уйаланар сирдэрэ?

Правильно! Не правильно!

Бастакы таас дьиэ Дьокуускай куоракка хас сыллаахха тутуллубутай?

Правильно! Не правильно!

Индигир өрүс биэрэгэр турбут Зашиверскайдааҕы таҥара дьиэтин куопуйата ханна турарый?

Правильно! Не правильно!

Кымыс көөнньөрөргө аналлаах улахан тирии иһит аатын билэҕин дуо?

Правильно! Не правильно!

XVII-XIX үйэлэргэ Саха сиригэр туһаныллыбыт биилээх сэбиргэллэриттэн биирдэстэрэ. Бу биилээх сэбиргэли булка илдьэ сылдьыахха сөп. Дьиэ хаһаайыстыбатыгар быһах, сүгэ, хотуур оннугар туттуллар.

Правильно! Не правильно!

Музей биир сэдэх экспонатынан тиигир (баабыр) чуучалата буолар. Бу кыыл хайа улууска бултаммытай?

Правильно! Не правильно!

ТУРГУТУК: Түмэл эспэнээттэрин төһө билэҕин?
Оо, билбэт эбиккин! Мөлтөх!

Чэ, син билэр эбиккин! Бэрт!

Олус үчүгэй! Элбэҕи билэр эбиккин!

+1
10
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0