ТУРГУТУК: Саха таҥаһын төһө билэҕин? Ааптар: Эдэр Саас 23.05.2022 Бөлөххө киир: Whatsapp Kөrdөө Саха таҥаһа Өбүгэлэрбит таҥастара-саптара хайдах этэй, төһө билэбитий? Этэрбэс, саппыкы иһинэн кэтиллэр остоох уктас: Түөһүттэн ыла туспа быһыллан кэҥээн түһэр гына тигиллибит дьахтар кэтэр таҥаһа: Cылгы самыытын тириитин, түү өттүн сүлэн, ис эрэ өттүн хаалларан, хоруотаан уратытык таҥастаммыта (холобур, этэрбэс буолар): Былыр киһи икки атаҕар туспа сылдьар ыстаан буутун курдук бэрбээкэйиттэн ньилбэгин аһара тардынан, үөһэ өттүн сыалдьатыгар иҥиннэрэн кэтэр таҥас. Киһи ньилбэгин ортотун ааһар уһун остоох тыстан тигиллибит атах таҥаһа: Урут ынах тириитин, түүтүн илитэн, кырыстары соролотон ыраастаммыт тирии таҥас: Үлдьү сыҥаахтаах, үрдүк оройдоох мара бэргэһэ: Былыр киһи ытыһын көхсүн, бэгэччэгин тымныыттан харыстаан баанар түүлээх таҥас: Дьахтар төбөтүн эргитэ баанар эбэтэр оннук кэтэр таҥаһа: Түүлэри имитиллибит тириинэн тигиллэр, этэрбэс иһинэн хос кэтиллэр таҥас: Таҥастаммыт тайах тириитэ(түүтэ суох): Кулгааҕа, куондара суох кыра ичигэс бэргэһэ: Оо, мөлтөх! Билбэт эбиккин! Син билэр эбиккин! Бэрт! Маладьыас! Элбэҕи билэр эбиккин! Quiz Maker — powered by Riddle Оцени: +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 1 +1 0