Тургутук ТУРГУТУК: Муҥха тэриллэрин төһө билэҕин? 10:22 09.11.202109:20 11.11.2021 Эдэр Саас Муҥха тэриллэрин төһө билэҕин? Кыһын муҥханы муус аннынан соһон ойбонтон ойбоҥҥо тиэрдэргэ туттуллар уһун ураҕаһы туох дииллэрий? Былыр-былыргыттан … биир-икки саамай бөдөҥ собону соболоҥ ылар үгэһэ баар. Ханнык тыл көппүтүй? Сүүр диэн тугуй? Муус аннынан муҥханы салайар мас туох дэнэрий? Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи диэн хайдах киһини этэллэрий? Муҥха өлүүтэ диэн тугуй? Улахан тэрээһиннээх, элбэх киһи кыттыылаах кыһыҥҥы муус аннынан муҥханы туох дииллэрий? Муҥха ньолбоҕор быһыылаах саппыйа курдук чааһын туох дииллэрий? Илим, муҥха алын өттүгэр баайыллар таастар, илим, муҥха тимирдиитэ. Бу тугуй? Муҥхаҕа ыт мас диэн тугуй? Оо, олох билбэт эбиккин дии! Хомолтолоох… Син билэр эбиккин, бэрт! Маладьыас! Элбэҕи билэр эбиккин! Хаартыскалар — интэриниэттэн. 166