ТУРГУТУК: Ханнык сир туһунан ылланарын таайыҥ Ааптар: Айтана Аммосова 11.08.2021 Бөлөххө киир: Whatsapp Kөrdөө Ханнык сир туһунан ылланарын таайыҥ Саха сирин ханнык улууһун, нэһилиэгин эбэтэр ытык сирин туһунан ырыа тыллара көппүтүн таайыҥ. Иллэҥ кэми атаарар Маннык үтүө киэһэлэр …, биһиэхэ, Мэлдьитин буолаллар. Үргэл дуу, чолбон дуу буоламмын Мин … үрэҕин үрдүгэр Өрүүтүн чаҕылла тыктарбын Үчүгэй да буолуо, үчүгэй. Көбүөр бэрдин тэлгэппит Көнө, налыы хонуулаах, Дьол кустугун түһэрбит Дьоһун мааны дьоннордоох …, … барахсан. …, … барахсан. …, … барахсан Мүөттээх сыта дыргыйан, Таала саһыл сыһыыта — Саха сирин талыыта. Күөх кырсыгар күөлэһитэн, Кырабыттан үлэлэтэн, Мөҕөн-таптаан, миигин бачча Киһи гыммыт баар — … Оҕо сааһым кыымнара Умайаллар … Кини сарба кыымнара Кытыасталлар ыраахтан. Бу мин киэн туттар төрүт түөлбэм Дойдум миэнэ — … Саха сирин талба сирэ Үүнэр-сайдар дьолу түстүүр. … кыыһа эн кэрэҕин, Сардаана сибэкки кэриэтэҕин, Ньургуһуннуу таһаалаххын, Күлүмүрдэс көстүүлээххин. Ньургуhуннаах кырдалга, Ньургуhун суhуохтаах, … талыы кыысчаана, Ньургуйаанам көрсүөҕэ. … уолаттара, … кыргыттара, Бары бииргэ мустаммыт Өрөгөйдөөн үөрүөххэйиҥ! … үрэх үрдүгэр, Таалар хонуу түөһүгэр, Таптал уотун күллэрэ, Тардыы талах үүнэрэ… Уҥуор эрдии элэҥниир, Тыы устан сундулуйар, Талаанныран килэҥниир — … эбэм улуутуйар. Нарыннык, наҕыллык Үйэлэргэ уста тур эн, Сүрэҕим чопчута — Кыыс … … кыыhа эн унаарар саҥаҥ миигин абылыыр, … кыыhа эн иhиркэй истиҥ күүhүҥ үөрдэр, … кыыhа эн сэгэрим олус да күндүгүн, Хаамсыахха биир тэҥҥэ … кыыhа. Ааспыт кэммит айхаллаах суола Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ. … дьоһун, дуолан Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ. Оо, мөлтөх! Ырыалары билбэт эбиккин! Син бэрт! Син балай даҕаны ырыаны билэр эбиккин! Маладьыас! Ырыа аргыстаах киһи эбиккин! Хаартыскалар — интэриниэттэн. Айтана Аммосова бэлэмнээтэ. Оцени: +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0