ТУРГУТУК: Өбүгэлэрбит астарын төһө билэҕин? Ааптар: Эдэр Саас 06.04.2022 Бөлөххө киир: Telegram Kөrdөө Өбүгэлэрбит астарын төһө билэҕин? Өбүгэлэрбит аска-үөлгэ ураты сыһыаннаахтара. Кинилэр үрүҥ астан, булт-алт этиттэн, сылгы, ынах, таба этиттэн, уҥуоҕуттан тугу да ордорбокко барытын туһаҕа таһаарар мындыр өйдөөхтөрө уонна сатабыллаахтара. Аска кутуллар эбилик, ас амтанын тупсарары туох дииллэрэй? Симэһинэ сүүрэ сылдьар гына кыратык буспут ас туох дэнэрий? Сүөһү иҥиирин-силгэтин, куйахатын илдьи оргутан буһарыллыбыт, сойуттахха илибирэс буола силимнэһэ хойдор ас аата? Аһыйбыт суорат мунньуллан баран тоҥмута туох диэн ас буоларый? Сылгы тараһатын иһинэн үөскүүр сыата туох дэнэрий? Саас, сайын сииргэ аналлаах хаһаас ас туох дэнэрий? Былыр күһүн эрдэ мундуну буһаран баран сири хаһан эбэтэр уһаакка симэн салгын киирбэт гына сабан хаһааныллар ас аата? Бас уҥуоҕун ис өттө, иһинээҕи кэбирэҕэ, ону үлтү ыстаан силиитин обороллор, ол туох дэнэрий? Киһиэхэ күүс-күдэх биэрэр улахан иҥэмтиэлээх аһылык, сүмэ Бэс субатын эбэтэр унньуула силиргэҕин хатаран баран мэлиллибит бурдук кэриэтэ аһылыкка туттуллар ас аата: Буһаран баран хатарыллыбыт кыра, бытархай балык туох дэнэрий? Cүөгэйи ытыйан, иирдэн оҥоһуллар үрүҥ ас аата: Ууга, сиҥэҕэ, үүккэ эбэтэр сүөгэй уутугар кииһилэ, унньуула эбэтэр үөрэ отун эбэн оҥоһуллар утах туох дэнэрий? Аһыйбыт үүтү оргутан хойуутун ылан оҥорор ас аата: Cиикэйдии силиитин охсон сиэниллэр таба, тайах атаҕын бүлтэс уҥуоҕа туох дэнэрий? Пахай, билбэт эбиккин! Чэ, син билэр эбиккин! Бэрт! Бэртээхэй! Элбэҕи билэр эбиккин! Ульяна Захарова бэлэмнээтэ. СИА хаартыскалара. Оцени: +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0