Тургун Попов – «Урааҥхай» түмсүү салайааччыта, икки кинигэ ааптара. Тургуннуун кэпсэтээри сэрэдэ күн күнүс 11.00 чааска редакцияҕа көрсүһэр бириэмэбитин болдьоотубут. Кыраттан ымыттыбат сирэйдээх-харахтаах, спортивнай көрүҥнээх бөдөҥ киһини көрөн, «Урааҥхай» түмсүү салайааччыта бу буоллаҕа дии санаатым.
- Тоҕо Тургун диэн ааты ылыммыккыный?
- Мин оскуоланы соторутааҕыта бүтэрбит, мэник-тэник эдэр киһи, аармыйаттан кэлэн баран, биир сыл милииссийэҕэ спецнаһынан үлэлээбитим. Оччолорго, саҥа оскуоланы бүтэрэр кэммэр, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы-тэлэрийии, биһиэхэ, 70-с сыллааҕы төрүөхтэргэ улахан охсууну оҥорбута. Бэҕэһээ аҕай итэҕэйэ, эрэнэ сылдьыбыт улуу Ленин эһэбит аата умнуллубута, комсомуол, пионер эстибитэ. Баара-суоҕа 22 саастаахпар, олох очуругар оҕустаран хаайыыга киирбитим. 11 эдэр уолаттартан иккибит усулуобунай ылбыта, уоннааҕылар бары барбыппыт. Онон эдэр сааһым чаҕылхай кэмнэрэ, хомойуох иһин, хаайыыга ааспыттара. Аҕыс сыл олорон, оруобуна 30 сааспар көҥүлгэ тахсан, олохтон кэлэйэн сылдьар кэмим этэ. Оннооҕор төрөөбүт дойдубун хаалларан, атын тас дойдуга олохсуйуох баҕа баара. Ол эрээри, доҕотторум баар буоланнар, кинилэр өйөөннөр, спорка төннүбүтүм. Үөлээннээҕим Александр Рехлясов «Мохсоҕол» спортивнай кулуубу төрүттээбит Алексей Уваровтыын билиһиннэрэн, кинилэри кытта дьарыктанар буолбуппут. Биһиги «Быраабылата суох охсуһуу» көрүҥүнэн дьарыктанарбытын көрөн, эдэр уолаттар чугаһаан кэпсэтэр, биһиэхэ эрчиллиэхтэрин баҕаралларын эппиттэрэ. Онтон саха эдэр дьонун спорка уһуйар, мин манна дойдубар наада эбиппин диэн өйтөн-санааттан «Урааҥхай» түмсүү үөскээн тахсыбыта. Ол кэмҥэ бу ааппын ылыммытым.
- Барыа суохтаах киһи барбытым диэн билигин хом санаалааххын дуо?
- Оччолорго акаары оҕо буоллаҕым. Олохпут даҕаны охсуутун сабыдыала буолуо. Тыала суохха мас хамсаабат. Оҥорбут буруйбун боруостаабытым. Мин оҕо эрдэхпиттэн тоҕо эрэ байыаннай буолар баҕалаах этим. Ол эрээри, киһи олохтон охсуу ыллаҕына, өссө кииллийэн, кытаатан иһиэхтээх, киһитийиэхтээх. Антах даҕаны туспа олох баар. Киһи хаайыылаах буолан төрөөбөт. Киһи барыта ийэттэн төрүүр.
– «Урааҥхай» түмсүү туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитэй? Эһигини националистар дииллэрин хайдах ылынаҕын?
- Түмсүүбүтүн тэрийбит сүрүн сорукпутунан, өбүгэлэрбит албан ааттарын сөргүтэр сыаллаах-соруктаах диэм этэ. Урааҥхай диэн тыл «Уран» уонна «Хайыт» диэн өбүгэлэрбит тимири уһаарар кыахтаахтарын, уһанар уран тарбахтаахтарын туоһутунан буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Оттон биһигини националист диэн ааттыылларыгар, мин этиэм этэ, националист диэн дойдутугар бэриниилээх, бэйэтин омугунан киэн туттар киһини ааттыахха сөп. Шовинизм уонна фашизм тыына биһиэхэ суох. Түмсүүбүт сүрүн хайысхата — чөл олох, чэгиэн-чэбдик кут-сүр.
10-ча сыл устата бэйэбит-бэйэбитигэр, ханнык да спорт эйгэтиттэн өйөбүлэ суох үлэлээн кэллибит. Арай, быйыл ол уонча сыллааҕы үлэбит түмүгэ – Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Егор Афанасьевич биһигини кытта анаан көрсүбүтэ буолар. Уон сыл устата таах сылдьыбатахпыт, сөптөөх суолу тутуспут эбиппит диэн санааҕа кэллибит. Биһиэхэ дьарыктанар уолаттар спорка ситиһиилэрэ – эмиэ кулууппут ситиһиитэ буолар. Уол оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайыннардахха эрэ, кини эр киһи буола улаатар. Билигин «Самородок» спорткомплекска саала арендалаан оҕолору, ыччаты дьарыктыыбыт. Алексей Лаптев өйөөн «Урааҥхай» кулууп үлэлиир. Онон, түгэнинэн туһанан, киниэхэ хаһыат нөҥүө махталбын тиэрдэбин. Маны сэргэ, былырыын Ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров ыҥыран көрсүбүтэ. Уол оҕону, ыччаты иитии тула кэпсэппиппит. Биһиги хайысхабытын, үлэбитин-хамнаспытын өйүөх буолбута. Онон салгыы оҕолору чөл олоххо уһуйууга Ил Дархан уонна Ыччат министиэристибэтэ өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин.
- «Урааҥхайдар» массыынанан кэлэн биирдэ кэлии омуктары кырбаабыттар үһү диэни истибитим. Эһиэхэ араас мэник ыччат сыста сатааччыта суох дуо?
- Биһиги ааппытын туһанан араас сурахтары ыыталларын истэбин. Оннооҕор «Урааҥхай» диэн футболканы кэтэн баран атын омуктары кытта охсуспут уолаттары истибитим. Суох, биһиги оннук атын омуктары тиийэн кырбаабаппыт. Бэйэм аттыбар сылдьар уолаттары хонтуруоллуубун. «Урааҥхай» аатын туһанан, онон киэптээн киһини атаҕастаабыт буоллахтарына, тус бэйэм тиийэн кэпсэтээччибин. Биһиги түмсүүбүтүгэр кыргыттары, уолаттары атаҕастыыр ыччат суох. Бэйэбит кыахпытынан кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт.
- Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ. Оҕоҕун хайдах иитэҕин?
- Мин биир уол оҕолоохпун. Аата Тургун диэн. Оҕом билигин аҕыс саастаах. Хапсаҕайынан дьарыктанар. Уолбун эр киһилии иитэбин. Оттон уруок аахтарыытынан, үөрэх эйгэтинэн ийэтэ дьарыктанар.
– Эйигин уонна түмсүүгүн политическэй күүстэр араастаан бэйэлэрин диэки иэҕэ сатаабаттар дуо?
- Мин политика эйгэтигэр сыста сатаабаппын. Ол эрээри, политикаҕа кыттыгастаах эрэ буоллаххына, эн дьоҥҥо санааҕын тиэрдэҕин. Политика эн дойдуҥ инникитэ буолар. Мин урут элбэх министиэристибэ аанын аһан көмө көрдөөбүтүм. Өйдөөх-төйдөөх дьону кытта кэпсэппитим. Хараны көрөн олорон маҥан диир дьоннор баар буолааччылар. Карьерист хаалтыстаах уолаттар туох туһаны аҕалыахтарай, сатаан омуктарын чиэһин көмүскүөхтэрэ дуо? Кириэһилэ эрэ сылыта олорор, оннооҕор бэйэлэрин күлүктэриттэн куттанар тойоттортон мин кэлэйэбин.
Олоҕун кэрчиктэрэ
1972 сыллаахха Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1989 сыллаахха Дьокуускайдааҕы №2-дээх оскуоланы бүтэрбитэ. «Бои без правил», «Урааҥхай» кинигэлэр ааптардара. «Урааҥхай» общественнай түмсүү салайааччыта. Кэргэннээх, биир уол оҕолоох.
Тургун – олох тургутуутун ааспыт, хатан, кытаанах диэн суолталаах. Кини бу аатын сахалыы ааттар кинигэҕэ төрөөбүт күнүгэр-дьылыгар сөп түбэһэрин иһин ылыммыт.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат диэн санааны тутуһар.
Сэмсэ тыл
Уйбаан Ойуур, суруйааччы:
- «Урааҥхай» түмсүү туһунан истэн билэбин. Салайааччылара ыччаты түмэр киһи диэн хайгыы саныыбын. Ыччаты түмүү, салайан илдьэ сылдьыы мээнэнэн дьыала буолбатах.
Кэпсэттэ Ульяна ЗАХАРОВА.
Айтаана АММОСОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.