«Тупсуу олоҥхото»: Гаврил Андросов ураты түһүлгэтэ

13.12.2019
Бөлөххө киир:

Ярославскай аатынан саха мусуойун биир тупсаҕай саалатыгар «Тупсуу олоҥхото» (АМНИСТИЯ) диэн ураты суоллаах -иистээх, дириҥ көрүүлээх поэт публицист Гаврил Андросов хоһоонун түһүлгэтигэр сылдьан, ааспыт үйэ историяҕа киирбит «дирбиэн-дарбаан» күннэригэр ыалдьыттаабыт саҕа сананным.

edersaas.ru

Тэрээһин Россия Конституциятын бэлиэ күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сомоҕолоһуу сылын түмүктүүр күннэригэр ыытыллыбыта бэйэтэ туһунан суолталаах. Автор «Уус-уран литература холобуругар дойдубут обществота 1917 сыл кэнниттэн үрүҥ уонна кыһыл бөлөххө хайдыһыыта күн бүгүҥҥэ диэри ситэ силбэһэ илигин тус хоһооннорбор уонна оччотооҕу кэм туоһулара, кыттыылаахтара буолбут биллэр да, биллибэт да саха суруйааччыларын айымньыларыгар тирэҕирэн арыйарга холоннум», — диэн ааҕар-кэпсиир киэһэтин быһаарбытын кэннэ, истээччилэргэ Саха музейын гражданскай сэриигэ анаммыт саалатыгар экскурсия буолла.

Дойдубут историятын быыллыйбыт быыстарын арыйан, оччотооҕу кэм тыынын биэрэр тулалаан турар музей экспонаттара уонна Станислав Афанасьев дьүһүйүүлэрэ, сахалыы тыас-уус доҕуһуола өрөбөлүүссүйэлэр, гражданскай сэрии «буурҕа-буулдьа дьылларын» тилиннэрдилэр диэтэхпинэ сыыспаппын.
Бастакы түһүмэххэ ааптар «Дойдулаах суор» хомуурунньугун «Үрүҥ бөрөлөр» түһүмэҕэр киирбит хоһооннорун айымньыларын геройдара Георгий Ефимов, Петр Оросин-Хайыкы, Михаил Артемьев, Константин Ксенофонтов дьылҕаларын уонна кинилэр саха историятыгар суолталарын билиһиннэрэ-билиһиннэрэ ааҕан иһитиннэрдэ.

Иккис түһүмэх Алампа тылларыгар, Адам Скрябин матыыбыгар айыллыбыт саха уус-уран литературатын сүҥкэннээх айымньыта «Саха ырыатын» Лука Турнин толорон хаалларбытын иһиттибит. Бу айымньы быйыл 100 сылын туолбута Сомоҕолоһуу сылыгар болҕомтоҕо ууруллубатаҕын ааптар сүрэҕэр ыттара бэлиэтээтэ. Ол курдук, саха омук көҥүлгэ дьулуура буолбут айымньытын уустук уонна хааннаах дьылҕатын арыйан кэпсээбитэ истээччилэргэ элбэҕи өйдөппүтэ буолуо диибин.

Үһүс уонна төрдүс түһүмэхтэр саха үрүҥ уонна эмигрант поэттара Алампа, Николай Неустроев, Алтан Сарын, Хайыкы Бүөтүр, Михаил Корнилов-Мээнчэ Уолун, Федор Сольскай айымньыларын билиһиннэрэн туран, кинилэр уо.д.а. үрүҥ хамсааһыҥҥа кыттан дойдуларыттан тэлэһийбит саха литератордарын дьылҕаларын туһунан сэһэргээтэ. Биир дойдулааҕа Ньургун Бэчигэн поэттар хоһооннорун истээччи уйулҕатыгар тиийэрдик уус-ураннаан аахпыта киэһэни киэргэтэн-ситэрэн биэрдэ.

Бэһис түһүмэххэ норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал Асклиопеодот Рязанскай архыыбыттан булбут Портнягин диэн киһи ханна да биллибэтэх хоһоонун киэҥ эйгэҕэ таһаарыыларыгар, Гаврил улахан суолтаны биэрэрин биллэрдэ.

Суруйааччы быһыытынан сиппит-хоппут, айар үлэтигэр бэйэтин аартыгын булан айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар поэт, публицист Гаврил Андросов «ТУПСУУ ОЛОҤХОТО» ааҕар-кэпсиир киэһэтигэр ыалдьыттаан, хомоҕой хоһооннорун астына истэн кэллим. Доҕорбунан өссө төгүл киэн тутуннум!

Дириҥ ис хоһоонноох, ырытыылаах тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон элбэҕи билэн-көрөн, өйдөөн тарҕастахпыт. Кэлбэтэх дьон, ордук эдэр дьон, элбэҕи сүтэрдигит, онон маннык биэчэрдэргэ инникитин сылдьаргытыгар сүбэлиибин.

Надежда ИЛЬИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0