«Тупсарыы бэйэ дьиэтиттэн, тиэргэниттэн саҕаланыахтаах» диэн өйү-санааны бу тиэмэҕэ суруйдаҕым ахсын тиэрдэ сатыыбын. Кэлиҥҥи кэмҥэ сыл аайы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн нэһилиэк ахсын бэриллэр мөлүйүөнүнэн үп оччоҕуна эрэ көдьүүстээҕин көрдөрүөҕэ. Бөһүөлэк уулуссалара уонна тулалыыр эйгэбит, суугунуур күөх айылҕабыт өрүү ыраас, чэбдик, сэргэх, кэрэ буолалларыгар хас биирдии киһиттэн ис култуура эрэйиллэр.
Тоҕо «ис култуура» диибиний? Биир киһи ыраастыы сатыыр, 99 киһи киртитэр буоллахтарына, туох даҕаны туһа тахсыбата чахчы. «Абааһы даҕаны атаҕын тоһутар» бөҕүн-сыыһын ортотугар олорор дьоҥҥо төһө да килбэт, хас да дыбарыаһы тут – харыстыахтара, баардылыахтара суоҕа. Ол иһин лэбэйдиибин: тупсарыы бэйэттэн, бэйэ дьиэтин иһиттэн, бэйэ тиэргэниттэн саҕаланыахтаах диэн.
Сахаларга «Дьиэлээх хайдаҕа тиэргэниттэн биллэр» диэн бэргэн этии баар. Нам улууһугар сылга хастыыта да сылдьабын. Улуус хоту эҥээринээҕи нэһилиэктэригэр массыынанан баран истэххэ, Модут бөһүөлэгэ айан суолун уҥа өттүгэр ойуур хаххалыыр буолан, киһи хараҕар улаханнык хатаммакка хаалар. Быйыл күһүн «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара «тыыннаах эрдэҕинэ» сүгүн-саҕын киллэрбэт таас хотонноругар анаан-минээн сырыттыбыт. Онно таарыйа бөһүөлэк мөссүөнүн сиһилии көрдүбүт.
Модут – бэҕэһээ тэриллибит нэһилиэк буолбатах. Эһиил төрүттэммитэ 385 сылын бэлиэтиэхтээх. Быйыл саас муус устар 24 күнүттэн баһылыгынан талыллан үлэлии олорор Петр Сокольников: «Модут Дьокуускай куораттааҕар даҕаны кырдьаҕас», – диэн киэн тутта этэр эрээри, бөһүөлэк сэбэрэтигэр үбүлүөйгэ бэлэмнэнии сибикитэ көстүбэт. Арай, кырдьык, дэриэбинэ «кырдьыбытын», «эргэрбитин» киһи хайдах даҕаны мэлдьэһиэ суох курдук.
Петр Григорьевич тылыттан сирдэттэххэ, быйыл тупсарыы үлэтигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн «кэлимник сайдыыга» диэн бэриллибит 2 мөл. солк. иһинэн 1 км усталаах уулусса суолун, сатыы дьон сылдьар тротуарын, бөх кутуллар 10 дьааһыгын оҥорбуттар, 200 маһы олордубуттар, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна оҕо саадын иитиллээччилэрэ кэлэ-бара сылдьар Мир уулуссаларыгар прожектордары ыйаабыттар. Бөһүөлэк генбылаанын оҥотторо сылдьалларыгар 1 мөл. солк. төлүөхтээхтэр.
Үбүлүөйдүүр дьон быһыытынан, чугастааҕы былааҥҥа Сынньалаҥ пааркатын саҥалыы сөргүтүүнү туруораллара сиэрдээх. «Перспектива» уонна «Молодежнай» диэн тоҥ нууччалыы ааттаах түөлбэлэригэр электроэнергия ситимин тардыахтаахтара, бөһүөлэк чэрчититтэн тэйиччи (биирэ айан суолун уҥуор) сыталларынан, быһаарылла илик. Оҕо саадын таас дьиэтин тутуу торумнанар. Быйыл мантан күһүн хочуолунайын саҕалыахтаахтар.
Баһылык этэрин курдук, үлэ букатын ыытыллыбат буолбатах. Ыытыллар. Ол гынан баран, бөһүөлэк олус ыһыллаҕастык олорор буолан дуу, тупсарыы үлэтин түмүгэ үчүгэйдик көстүбэт. Хас даҕаны ыал уһаайбатыгар эргэ массыына кузовтара «тимир үйэ» туоһута буолан өрөһөлөнөн сыталлар. Ыал барыта буолбатаҕына, үгүстэр былыргылыы үс сүрдьүгэстээх күрүөлээхтэр. Аныгы кырааскалаах тимир ылтаһынынан олбуордаммыт ыал тарбахха баттанар. Иччитэх дьиэлэр, сиҥнэн эрэр мас олбуордар, биллэн турар, уопсай хартыынаны «тупсаран», «киэргэтэн» биэрэллэр…
Сыыппара кэпсииринэн, Модукка 1200 киһи олорор. Саха сирин таһымыгар орто улахан нэһилиэк ахсааныгар киирэр. Баччалаах киһини, сатаатар, аҥаарын дуу, чиэппэрин дуу субуотунньукка таһаардахха – тугу даҕаны тулуппат сөҕүмэр күүс буоллаҕа. Модут дьоно – үлэһиттэр. Ону быйыл кыстатыахтаах 810 ынах сүөһүлэригэр уонна 900 сылгыларыгар 2903 туонна оту бэлэмнээбиттэрэ даҕаны туоһулуур. Улахан хаһаайыстыбаттан босхоломмучча, улуустарыгар окко бастаатылар, улуус үрдүнэн бу эрэ нэһилиэк былаанын аһара толордо. Аны дьиэни-уоту, олбуору оҥостууга «оттуу» турунналлар, дьоһуннаах дьон буолуох этилэр.
Түмүктээн эттэххэ
Саха сирин саамай кырдьаҕас нэһилиэгэ тупсарыы үлэтигэр омсолоох холобур буолбакка, үбүлүөйдээх сылын өрө тардынан, мантан инньэ сайдарыгар, сырдыырыгар, эдэримсийэригэр тосхоллоон, бу кылгас бэлиэтээһини бичийдим. Модут олохтоохторо өһүргэммэккэ, ону таба өйдүүллэригэр, бэйэлэригэр сыанабыл оҥостоллоругар баҕарабын. Нэһилиэк арыылыыр сыаҕа сайыҥҥы ыйдарга күн аайы сүөһүлээх ыаллартан 2-лии туонна үүтү тутан эрийтэрэр-астыыр. Онон, Модут ыаллара тупсарыыттан туора турбакка, эбэтэр ханнык эрэ биригээдэ уолаттара үөһэттэн көрүллэр харчыга босхо тутан биэрэллэрин кэтэспэккэ, бэйэлээх бэйэлэрин дьиэлэрин, олбуордарын хайа баҕарар саҥалыы туттар-оҥостор үптээхтэр-астаахтар дии саныыбын. Сананыахтарын, турунуохтарын эрэ кэрэх.
Василий НИКИФОРОВ.
Александр НАЗАРОВ (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.