Туос тордуйа (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
08.01.2018
Бөлөххө киир:

Түөрт хонугунан андыны бултааһын көҥүлэ бүтэн мончууктарын хомунан, дурдаларын эһиилгигэ диэри курулаан баран бөһүөлэккэ киирдилэр. Бүтэһик күннэригэр уон үөрдээх анды түспүтүн барытын ылбыттара. Онон быйыл бултуйан бэркэ астынан киирбиттэрэ. Баанчык биир күн ньиргиччи утуйан сынньанна. Онтон уолаттары көрсөн хайдах андылаабыттарын, сылгы чыычааҕын туһунан уонна дьонуттан тугу истибитин-билбитин кэпсээн улахан сэҥээриигэ сылдьар киһи буолла.

Биир күн Оруомускалаах Дьөгүөрүскэни кытары күөгүлүү барарга сүбэлэстилэр. Баанчык сөпкө туран күөл кытыытыгар бадарааны хаһан эп-эмис, суп-суон чиэрбэлэри булбутун бааҥкаҕа хаалаан, бөтүөн, өйүө ылан күөгүтүн сүкпүтүнэн үрэххэ сүүрдэ. Болдьоспут сирдэригэр тиийбитэ ким да кэлэ илик эбит. Уолаттар кэлиилэригэр балык бөҕөнү хаптаран көрсөр санаалаах күрүчүөгэр чиэрбэ иилэ охсон ууга бырахта. Кыһыл эриэн өҥнөөх лаппыныаҕа сонно тута иккитэ-үстэ умсаахтаан ылаат, тимис гынан хаалла. Баанчык сүрэҕэ дьикти баҕайытык мөҕүл гына түстэ, күөгүтүн эһэ тарта. Дьэ, доҕоор, омуннаатахха моҕотой саҕа уп-улахан мундуну ылыбыратан таһаарда. Балыгын арааран бөтүөнүгэр угаат, күөгүтүн иккистээн бырахта. Бу да сырыыга лаппыныаҕа ууга түһээт эмиэ тимис гынна, элгээн мэндээркэй ньууругар төп-төгүрүк иилэр эрэ дьэрэлиһэн хааллылар. Соһуйбут курдук күөгүтүн өрө тарпытыгар эмиэ мору-мотоҕор мунду мөхсөн кылыбырайбытынан тахсан кэллэ. Ити курдук балачча элбэх балыгы хостоото. Бөтүөнүн иһигэр номнуо мундулар мөхсөн уу тыаһа чалыгыраан олорор буолла. Бэркэ табыллан балыктыах киһини, тыынар да кыах биэриэ суох курдук сабыта түһэр бырдахтар иэдэттилэр. ¥өнэ бэрдиттэн ыксаан, бырдах эмэ ыла барыыһыбын диэн санаа киирэн эрдэҕинэ, үөттэр кэтэхтэригэр уолаттар саҥалара ньамаласта.

Өр-өтөр буолбата, Оруомускалаах Дьөгүөрүскэ тиийэн кэллилэр.

— Оо, бу киһи номнуо балык бөҕөнү хаптарбыт дии, — диэн Дьөгүөрүскэ бөтүөнү өҥөйөн көрөөт өрө көрө түстэ. – Чэ, Оруомуска, кытаат! Балык хабар да, хабар эбит, — дии-дии күөгүтүн бэрийбитинэн барда.

— Абытай! Бырдах кэһэттэ. Эмтээххит дуо? – Баанчык онон-манан бырдах сиэн лоппоруһан тахсыбыт сүүһүн тарбана-тарбана ыйытта.

Дьөгүөрүскэ саҥата суох сиэбиттэн бырдах эмин ылан быра ҕан биэрбитин хабан ылаат, бүөтүн төлө эрийэн сирэйин, моонньун, илиитин соттубутунан барда. Сонно тута сабыта түһэр, ааспакка-арахпакка дыыгынаһар бырдахтар аҕырыс гына түстүлэр. Уолаттар күөгүлэрин быраҕаат, тута мундуну хостообутунан бардылар. Баанчык, дьэ, арыый тыын ылан тулатын көрүннэ. Айылҕа барахсан көҕөрө чэлгийэн турара көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх эбит. ¥өт лабааларыгар араҕастыҥы өҥнөөх, түүлээх үөн курдук болчуохтар быыһа суох тыллан тахсыбыттар. Онно тойон ыҥырыалар лоҥкунаһа көтөллөр. Кэриигэ кэҕэ этэн чоргуйар, үөттэр кэтэх өттүлэринээҕи хонууга күөрэгэй тохтоло суох дьырылыыр. Аат үөннэрэ сабыта түһэннэр итинник кэрэни да өйдөөн көрбөккө өрө сапсына турбут эбит.

Балачча уһуннук күөгүлээтилэр. Дьөгүөрүскэ балык хаптардаҕын аайы үөрэн саҥа аллайа түһэр. Оттон Оруомуска тэйиччи соҕус тиийэн, туох да саҥата суох сотору-сотору мундулары кылабачытан таһаартыыр. Баанчык маарыын турбут сириттэн харыс да халбарыйбакка туран бөтүөнэ туолара чугаһаата, онон сынньана түһээри үрэх хааһыгар тахсан чыычаах уйата окко олорунан кэбистэ уонна өйүөтүн хостоон хаһыакка тэлгэттэ. Уолаттара ону көрөннөр эмиэ тиийэн кэллилэр. £йүөлэрин холбоон наҕылыччы аһаатылар, чэйдэрэ биир эрэ бытыылка эбит. Онон бэрт түргэнник бүтэн хаалла.

— Хочулуоктаахпыт буоллар чэй өрүнүө эбиппит, — диэн баран Оруомуска ханна эрэ хочулуок сытара буолаарай диэбиттии тула көрбөхтөөтө.

Баанчык эмискэ Суорун Омоллоон кэпсээнигэр Чүөчээски туос тордуйаҕа чэй өрүммүтүн санаан кэллэ. Кинилэр да оннук оҥостуохтарын сөп буоллаҕа дии.

— Туос тордуйаҕа өрүнүөххэ, — диэт дьонун сирэйин хардары-таары көрбөхтөөтө. – “Чүөчээски” диэн кэпсээҥҥэ баара дии.

— Кырдьык даҕаны, — Дьөгүөрүскэ тута сөбүлэстэ. – Уонна мунду үөлэн сиэхпит, — диэн баран ытыһын суураламмахтаата.

— Кырдьы-ы-ыык. Чэ, оччоҕо Оруомуска уотта отун, Дьөгүөрүскэ үтэһэтэ оҥор… Мин туос хастыы бардым, таарыйа чэйгэ анаан хатыҥ үөһэ булуом, — Баанчык сиэбиттэн бүк тутуллар быһаҕын ылаат, ойон турда. Тула көрүммэхтээн баран, тэйиччи үөттэр быыстарыгар кылбаһар хатыҥнар диэки сүүрэ турда.

£р-өтөр буолбата, сыттык хаатын саҕа туоһу түрбэлии эрийбитин туппутунан сүүрэн кэллэ. Оруомуска хаппыт мас хомуйан номнуо уот оттубут, Дьөгүөрүскэ үс үтэһэни оҥорон мунду үөлэ олорор эбит. Баанчык ууһумсуйан олорон туоһун кырыытын бүк тутуталаан, үөл талаҕынан үтэһэ оҥорон хараҕалаан, кылдьыылаан тордуйа оҥордо. ¥рэххэ сүүрэн киирэн уу баһан таҕыста. Оллоон оҥоро охсон тордуйаларын уокка ыйаатылар. Туостара төлөн салаан тута хараарыс гына түстэ, тордуйа кырыылара уот суоһуттан түүрэ тардыах курдук имиллэҥнээтэ.

— Оо, умайаары гынна! – диэн Оруомуска сөҥөдүйдэ.

— Ээ, суох, умайыа суохтаах. Чүөчээски тордуйата умайбатаҕа дии, — диэтэ Баанчык.

Төлөн салаан тордуйаларын тас өттө хап-хара буолла эрээри туостара умайбата. Сотору уулара тунааран таҕыста, тордуйа кытыытынан оҕуруо курдук хабахтар өрө кыынньан бардылар. £р-өтөр буолбата уулара оргуйан булдьугураан, өрүтэ куобахтаан барда. Баанчык эмэҕирэн охтубут хатыҥ үөһүн хаһан ылбытын бытарытан тордуйалаах ууга бырахта. Онто син чэй курдук саһаран таҕыста. Бэркэ сэрэнэн тордуйаларын оллоонтон ылан тохтубат гына сиргэ уурдулар. Баанчык соҕотох куруускалаахтарынан сомсон ылан, сойутаары уоһун үмүрүччү туттан үрэ-үрэ кыратык сыпсырыйан ылла. Айаҕар туос уонна хатыҥ үөһүн хабархайдыҥы амтана билиннэ. Уолаттара “хайа хайдах эбитий?” диэбиттии кини сирэйин мыҥаан аҕай тураллар эбит. Баанчык хаста да сыпсырыйан баран, саҥата суох хаҥас илиитин тойон эрбэҕин чочос гыннарда уонна куруускатын Дьөгүөрүскэҕэ уунна. Киһитэ эмиэ үрэн ыла-ыла сыпсырыйда уонна амтанын сөбүлээтэ быһыылаах, хараҕын быһа симэн тоҥхоҥноомохтоон ылла. Аны Оруомуска иһэн көрөр уочарата кэллэ. Иккитэ-үстэ сыпсырыйаат:

— Хайа, доҕоор, үчүгэй баҕайы эбит дии, — диэтэ. – Чэ, аны мундута үөлүөххэ, — дии-дии куруускатын тордуйа таһыгар уурда.

Уоттарын чоҕун чөмөхтүү түһэн баран, үтэһэлэрин кэккэлэччи анньан кэбистилэр. Чох суоһуттан мундулара уот диэки өттө кэдэччи тардан эрдэҕинэ эргитэн биэрдилэр. Ити курдук мунду үөлэн уоттарын таһыгар балачча өр букунастылар.

— Хайа, бу тугу гына сылдьаҕыт? – диэн саҥаттан соһуйан өрө көрө түспүттэрэ, аһаабыт сирдэрин таһыгар Лэгэнтэй оҕонньор кэлэн турар эбит.

— Мунду үөлэбит, — диэн баран Баанчык номнуо саһарчы буспут үтэһэлээх мундуну өрө уунан көрдөрдө.

— Ээ, бу маладьыастары! Хата үөлбүт мундута амсатыҥ эрэ, — дии-дии оҕонньор умса нөрүйэн икки илиитинэн сиргэ тайанна, онтон аҥар тобугар сөһүргэстээн бэрт ыараханнык лаҕыччы олордо.

— Ээ, сөп-сөп. Амсатан бөҕө буоллаҕа дии. Оруобуна буста ээ, — дии-дии уолаттар үтэһэлээх балыктарын туппутунан үрэх хааһын дабайбытынан бардылар.

Оҕонньорго биир үтэһэни туттаран кэбистилэр. Баанчык куруусканан тордуйаттан хатыҥ үөстээх чэйи сомсон аҕалан биэрдэ. Лэгэнтэй биир мундуну сыыйа тардан ылан бэрт минньигэстик сиэн кэбистэ. Онтон куруускаттан чэй сыпсырыйан баран, соһуйбут курдук иһитин өҥөс гынна:

— Бай, хатыҥ үөһэ чэй дуу? – диэтэ.

— Ээ, хатыҥ үөһэ, — диэн баран Баанчык өрө сыҥан кэбистэ.

— Бээрэ, ол эһиги хатыҥ үөһүнэн чэй оҥостоллорун хантан билэҕит? – оҕонньор оҕолор сирэйдэрин биир-биир кэриччи көрө-көрө ыйытта.

— Суорун Омоллоон “Чүөчээски” диэн кэпсээнигэр баар ээ. Өссө уубутун туос тордуйаҕа оргуппуппут. Ол турар, — диэн баран Баанчык тордуйа турар сирин диэки ыйан кэбистэ.

— Тыый… Дьэ, маладьыастар! Аахпыккытын, билбиккитин наадалаах кэмҥэ туһанан иһэр эбиккит дии. Хайаан даҕаны дьон бэртэрэ тахсар оҕолоро эбиккит ээ, — диэн Лэгэнтэй бэркэ үөрдэ- көттө.

Уолаттар хайҕаммыт дьон быһыытынан үөрэн ымаспытынан кинини утары кэккэлэһэ олорунан кэбистилэр.

Данил Макеев.

Уруһуй, хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0