Туолбатах нэрээт (Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» сэһэниттэн быһа тардыы)

08.05.2020
Бөлөххө киир:

Байкал кытыытыгар байыаннай үөрэххэ сылдьабыт, биһиги лааҕырбытыттан чугас колхоз баар. Колхоз эр дьоно, уолаттара – бары фроҥҥа барбыттар. Аҥардас оҕолору, дьахталлары кытта кырдьаҕастар эрэ хаалбыттар. Күһүн от-мас хагдарыйан эрэр, оттон колхоз бурдуга үксэ хомулла илик.

Биһиги, колхозка көмөлөһөн, үлэлээбиппит түөрт хонно. Бүгүн үлэттэн төннөн иһэбит. Колхоз үс туонналаах грузовой массыынатыгар аарааҥҥа диэри олорустубут. Биһигини кытта кыргыттар олорсон иһэллэр. Күлсүү-салсыы, ырыа-тойук. Маннык айаҥҥа сир ­ырааҕа биллибэт. Биһигини салайан үлэлэппит лейтенант Маруся диэн биригэдьиир кыыска:

— Массыына нэксиэтэ бэрт, түһэн хаалыаҥ, мин өйөөн иһиим, — диир уонна өссө тугу эрэ этэр да маннык айаҥҥа атын киһи тугу эппитин барытын истибэккин.

Лейтенант Лободаны көрөн уруккуттан билэр этим. Кини снайпердар взводтарын командира. Онно биһиги хас да сахаларбыт бааллар. Үчүгэй ытааччыларын иһин хайгыылларын истэ-истэ ордугургуу саныыбын. Мин, снайперга тү­­бэспэккэ, стрелковай взводка баарбын.

Кыһыл көмүс күһүн. Саха сиригэр билигин кустар бараары үөрдээн эрдэхтэрэ. Урукку буоллар бултуур-алтыыр кэм.

Биһигини кытта массыынаҕа барыта кыргыттар олорсон иһэллэр диэбитим, кинилэри кытары биир оҕонньор баар эбит. Биһиэхэ тэлиэгэнэн түүтэх та­­һааччы. Икки уостаах саатын өрө туппут, оҕолору батыһан ыллыы иһэр.

Ок-сиэ, саата үчүгэйиэн! Иннибитигэр үрэх көһүннэ. Сыыры түһүүтэ массыынабыт бытаарда.

— Сааҥ табара хайдаҕый? – диэн оҕонньортон ыйыттым.

— Хайдах ытаргыттан… — диэтэ оҕонньор уонна табах оҥостоору сиэбин хаһынна.

— Эн табаххын оҥостуоххар диэри сааҕын тутуум эрэ, — диэтим.

— Баһаалыста, — диэтэ оҕонньор.

— Табаарыс лейтенант, кырдьаҕас табаҕын уматтыар диэри саатын тутарга син буолуо дуо?

— Тут. Ол эрээри көр эрэ, иитиитэ суох дуо?

— Иитиилээх, — диэтэ оҕонньор. – бачча киһи киһини дэҥниэ буоллаҕай! Тоойуом, өрө тутан ис.

Икки уостаах саа барахсан. Дьиэбэр маннык сэгэртэйим хаалбыта. Үстүү-түөртүү хааһы биирдэ тэптэрии… Көтөн иһэр куһу төбөтүн хампы ытыы…

Инним диэки көрө түспүтүм – биир куоҕас үрэхтэн өрө көтөн чолоһу­йан иһэр. Икки өртүбүттэн ыга олорон ­иһэллэр. Көтөн иһэр көтөрү кырыыбалыы ааһан истэҕинэ эбэтэр төбөҥ үрдүнэн ааспытын кэннэ ытыллыахтааҕа, ол массыынаҕа истэххэ табыллыбат. Ыллым да, куоҕас уун-утары көтөн истэҕинэ, ыттым. Өлүү болдьохтоох, өс тоҕоостоох диэбиккэ дылы, куоҕас умса хойуостан массыына аттыгар түстэ. Саам быыһа лейтенант иилэ быраҕыммыт плащ-палаткатыгар түһэн сиэн эрдэҕинэ, били кинини кытта кэккэлэһэн испит биригэдьиир кыыс умуруорда.

— Сааны биэр! – диэтэ лейтенант уонна киһи кыыһырдаҕына көрөр хараҕынан миигин көрдө.

— Көр эрэ, бу оҕо кыраҕытын, көр эрэ, бу куоҕас эмиһин! – диэтэ түһэн куоҕаһы ылбыт саалаах оҕонньор. «Сааҕын ыл», — диэн мин имнэнэрбин истибэт.

— Барыҥ, — диэн лейтенант шоферга хаһыытаата. Оҕонньорго саатын биэрдим.

— Куоҕаһы эмиэ ыл.

— Баһыыба биэбэкээм, баһыыба! – диэмэхтээтэ оҕонньор. – Хантан кэлбит барахсаҥҥыный?

— Саха сириттэн.

— Ээ, ол иһин сэрэйбитим. Сахалар – төрүт-удьуор булчут аймахтар. Дьэ буоллаҕа. Өстөөҕү баҕас бу курдук. Төбөтүн… һэ –һэ…

— Өстөөххө да тиийиэхпит, — диэтэ ким эрэ.

Сотору массыынаттан түстүбүт, колхозтаахтар ааһа айанныы турдулар. Бэйэбит суолбутунан бараары, стройга турдубут. Лейтенант эмискэччи «Смирно!» команданы биэрдэ.

— Байыас Чээрин, стройтан таҕыс!

Үс хаамыыны тахсан баран строй диэки эргийдим.

— Байыас Чээрин көҥүлэ суох сааны эспитиҥ иһин биир нэрээти биэрэбин.

Казармаҕа кэлэн баран, лейтенант биэрбит нэрээтигэр бу түүн штабы сууйарым дуу, куукунаҕа хортуоппуй ыраастыырым дуу, ханна ыытыахтарын таайа сатаатым. Бу киэһэ ханна да ыыппатылар, үчүгэй баҕайытык утуйдум. Түһээн өссө биир куоҕаһы, үс фашиһы өлөрдүм.

Сарсыарда хонууга строевой занятиеҕа сылдьабыт. Хантан эрэ биир саллаат кэлэн биһиги лейтенаммытыгар тугу эрэ эттэ. Тыала бэрт буолан тугу эппитин биһиги истибэтибит. Лейтенант миигин ыҥыран ылла.

— Бу саллааты батыс.

Дьэ буоллаҕа, били нэрээппин толоро бардаҕым буолуо.

— Бу ханналаан иһэбит, доҕоор? – диэн, баран иһэн, аргыспыттан ыйытабын.

— Лейтенант Лободаҕа.

Чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх.

— Чээрин саллаат кэллим, — диэн лейтенант Лободаҕа дакылааттаатым.

— Вольно! – диэтэ лейтенант уонна биир старшай сержаны ыҥыран ылла.

— Занятиены салгыы ыыт. Батыс! – диэтэ лейтенант миэхэ. – Ити бинтиэпкэни ыл.

«Нэрээппэр харабыллыы барар ­буоллаҕым, кэм да үчүгэй», — дии са­­наатым.

Икки боллох икки ардыгар сытар дэхси сир устун баран истибит. Лейтенант тугу да кэпсэппэт, кыыһырбыта кэм да ааһа илик быһыылаах. Бүк туттан лейтенаны батыһа иһэн, кини тох­тообутугар көрө түспүтүм, сыал ытар сиргэ кэлбит эбиппит.

— Сыт уонна ол «фашиһы» ыт! – диэтэ лейтенант, биир ботуруону биэрдэ.

Бирикээһи толороору сыттым. Тугун ытарым эбитэй?

— Тугун ытабын, табаарыс лейтенант? – үс сүүс миэтирдээх сиргэ ха­­рааран көстөр «фашист» фигуратын кыҥаан сытабын.

— Фашист тугар кэбирэхтик өлүө дии саныыгын, ону ыт, — диэтэ лейтенант.

Кыҥыы сытан, тииҥ буоллар харахха ытыллыа этэ, оччоҕо тириитэ алдьаныа суохтаах, оттон фашист тириитэ ­туохха наадалааҕый диэн кыратык толкуйдаан баран ыттым.

Лейтенант сыалга урут тиийэн, чохчойон олорон саннынан бүөлээн «фашиһы» көрө-көрө:

— Тугун ыппыккыный? – диэн ыйытта.

— Сүүһүн ыппытым, табаарыс лейтенант.

Сыыһан кэбистэҕим дуу?.. лейтенант көнөн турбутугар көрбүтүм, «фашист» сүүһүн хаба ортотугар буулдьа суола чөҥөрүйэн көһүннэ. «Таппыппын!» — диэн үөрэ санаатым.

Лейтенант көхсүн этиттэ. Миигин көрөн баран хааһын түрдэҥнэттэ уонна ытар сир диэки хаамта. Мин батыһан истим. Итиччэ үчүгэйдик сыалбын таба ыппытым кэннэ бэл мичик гыммат, ити аата кыыһырбыта кэм да ааһа илик ­буоллаҕа.

Лейтенант бинтиэпкэни ылан, хайа, баҕар, алҕас турбута буолаарай диэбиттии, сыалын көрдө, хаастарын түрдэс гыннарда. (Дьэ били нэрээтин туһунан этээри гыннаҕа буолуо!)

— Фашист өссө туоҕар кэбирэхтик өлүөн сөбүй?

— Сүрэҕэр, табаарыс лейтенант.

— Сүрэҕин ыт! – биир ботуруону биэрдэ.

Сүрэҕин туһа буолуо диэн кыҥаан баран тардан кэбистим. Баран көрбүппүт, мин кыҥаабыт сирбэр түспүт.

— Сүрэҕин үөһэ өртүнэн түспүт курдук көрөбүн, эн санааҕар? – диэн ыйытта лейтенант.

— Табаарыс лейтенант, фашист сүрэҕэ, бөрөҕө дылы, оннук аллараа түһэрэ буолуо дуо? Бөрө – биллэр дьыала, хоройон олордор эрэ сүрэҕэ хабаҕын түгэҕэр чугаһыыр, оттон фашист…

Бөрө сүрэҕиттэн фашист сүрэҕэ сылдьар сирэ атынын туһунан өссө да элбэҕи этиэх киһи…

Лейтенанныын төттөрү кэлэн истибит. Саҥарбат. Бэҕэһээ кыыһырбыта аныаха диэри ааспат баҕайыта дуу? Старшай сержант салалтатынан үөрэнэ турааччыларга чугаһаан иһэн лейтенант тохтоото.

— Снайпер буолуоххун баҕараҕын дуо?

— Баҕарабын, — диэн ботугураатым.

— Штабы кытары кэпсэтиэм. Билигин взводкар бар.

Иккитэ-үстэ атыллаан иһэн тохтоотум:

— Табаарыс лейтенант, мин бэҕэһээҥи нэрээппин толоро иликпин…

— Бэҕэһээҥҥи нэрээти көтүрэбин. Кэлэр кэмҥэ холобурга сылдьар сал­­лаат буол, — диэтэ лейтенант уонна бара турда.

Ити күнтэн ыла снайпердар взводтарыгар кэллим. Биэстэ эстэр бинтиэпкэни кытта киһилии кэпсэтэргэ, атас-доҕор буоларга үөрэнэбин.

Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» сэһэниттэн. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0