«Туой-Хайа — 2022 эстрада үбүлүөйдээх бэстибээлэ саҥа ааттары таһаарда
Быйыл киэҥник биллэр аныгы муусука «Туой-Хайа» өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан бэстибээлэ отутус төгүлүн АЛРОСА өйөбүлүнэн ыытылынна. Бу сыллар тухары бэстибээл саха эстрадатын элбэх саҥа сулуһун таһаарда. Ити — эрэгийиэҥҥэ биллэр-көстөр уонна киэҥ хабааннаах ырыа бырайыактарыттан биирдэстэрэ.
edersaas.ru
Ырыа куонкуруһа Мииринэй улууһун Туой-Хайа сэлиэнньэтигэр 1992 сыллаахха тэриллибитэ уонна сэлиэнньэ турар өрүһүн кытылын аатынан «Чуона» диэн ааттаммыта.
«Туой-Хайа» бэстибээл 30 сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх биллэр толорооччу суолун-ииһин арыйбыта. Үс сыллааҕыта куонкуруһу тэрийии АЛРОСА Култуураҕа-успуорка комплексыгар бэриллибитэ. Онуоха диэри хампаанньа хос тэрийсээччи быһыытынан үлэлээбитэ.
Ырыа куонкуруһа сылтан сыл аайы сайдан, 2020 сылтан бэйэтин кэриҥин уларыппыта. Билигин «Туой-Хайа» икки көрүҥүнэн -– 8-17 саастаах оҕолор уонна 18-25 саастаах улахан дьон ортолоругар ыытыллар. Бэстибээл тэрээһинин туһунан сиһилии АЛРОСА Култуураҕа-успуорка комплексын салайааччыта Мотрена Скрябина кэпсээтэ.
«Биһиги хамаандабыт куонкурус тэрээһинин тупсарар туһугар улахан үлэни ыытта. Билигин биһиги кыһамньыбыт туһалааҕын көрөбүт -– кыттааччылар ахсааннара эрэ буолбакка, куонкурус географията кэҥиир. Бэстибээлгэ кыттаары өрөспүүбүлүкэттэн барытыттан кэлэллэр. Биһиги бириис пуондатын биллэ улаатыннарбыппыт -– 2022 сылга 675.000 солкуобай буолбута, биллэн турар, куонкуруска кыттааччылары көҕүлээбитэ. Хас биирдиилэрэ дьоһуннаахтык кыттарга бэлэм этилэр. Ити, саарбаҕа суох, нүөмэрдэри толоруу маастарыстыбатын таһымын уонна хаачыстыбатын үрдэппитэ.
Быйыл сайаапкалары биэрии көрүҥүн уларыппыппыт. Бастакы түһүмэх ыраахтан ыытыллыбыта, ол география кэҥииригэр уонна кыттааччылар бириэмэлэрин мээнэҕэ ыыппаттарыгар көмөлөстө. Үбүлүөйдээх ХХХ куонкурус кыттааччыларынан өрөспүүбүлүкэ 24 улууһуттан кэлбит бэрэстэбиитэллэр буоллулар. Куонкуруска кыттааччылар сайаапкаларын онлайн уонна ырыаларын видеоҕа устан ыыппыттара. Бэстибээл сонуннарын кэтээн көрүү, балаһыанньаны билсии уонна урукку куонкурустар хаартысканан отчуоттарын көрүү куонкуруска анаан оҥоһуллубут tuoihaya-ksk.ru саайт көмөтүнэн ситиһилиннэ.
Үбүлүөй чиэһигэр бэстибээлгэ оҕолор аан бастаан кытыннылар — куонкурус чэрчитинэн «Туой-Хайа. Оҕолор» саҥа көрүҥ үөскээтэ. Биһиги оҕолорго саха эстрадатын улахан кыахтаах, кэскиллээх ырыаһыттарын көрдүбүт. Онон, инникитин даҕаны оҕо куонкуруһун ыытар былааннаахпыт. «Туой-Хайа. Оҕолор» куонкурус -– кырачаан толорооччуларга үчүгэй саҕалааһын», – диэн Мотрена Скрябина кэпсээтэ.
Гала-кэнсиэр ааспыт сыллар кыттыылаахтарын уонна кыайыылаахтарын түмтэ. Сыанаҕа номнуо биллэр-көстөр ырыаһыттар: Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй, Дарья Лаврова уонна Уля Сергучева-Күннэй ыллаатылар. «Туой-Хайа» 2002 сыллааҕы кыайыылааҕа Лэгэнтэй Туой-Хайа саамай биллэр олохтооҕо, Монреалга Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара Александр Иванов туһунан ырыаны билиһиннэрдэ. Онтон бэстибээл бүтүүтүгэр Лэгэнтэй Мииринэй сүрүн болуоссатыгар оһуохайы таһаарда. Кини көрөөччүлэри кытары САССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан сомоҕолоһуу уонна ил-эйэ оһуохайын толордо.
Кинилэри кытары 30 сыл устата бэстибээл сыанатыгар Ангелина Файрушина, Алексей Потапов, Гаврил Николаев, Павел Семенов, Ольга Спиридонова-Ника, Василий Еремеев, Виктор Иванов-Сиэйэ Уола, Виталий Очиров уо.д.а. курдук саха эстрадатын сулустара арыллыбыттара. «Туой Хайа» үгүс сыллар тухары бэйэтин миссияларыттан биир сүрүннэрин толорор.
«Быйылгы үбүлүөйдээх бэстибээлгэ Саха сирин 24 улууһуттан 129 ырыаһыт куонкуруска кытынна, түмүккэ 40 кыттааччы -– 30 улахан киһи уонна 10 оҕо таҕыста. Түһүмэхтэр түмүктэринэн дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Кылаан бирииһи уонна 200 тыһыынча солкуобайдаах бирииһи Хаҥалас улууһуттан сылдьар Петр Пестерев «Туйаарыма» ырыатынан ылла. Оҕолор ортолоругар Кылаан бириис кыайыылааҕынан Дьокуускайтан кэлэн “Сардааналыын көрсүһүү” ырыаны толорбут чуор куоластаах Сайаана Неустроева буолла. Киниэхэ 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт туттарылынна.
Кэнсиэр быһа эпииринэн көрдөрүллүбүтэ уонна көрөөччүлэр сөбүлээбит артыыстарыгар онлайн-куоластыыр кыах бэриллибитэ. Ол курдук, ыалдьааччылар 17% ордук куолаһы Ньурбаттан кыттар Дора Бурнашеваҕа (18-35 саастаахтарга) уонна 28% куолаһы Дьокуускайтан Сайаана Неустроеваҕа (8-17) биэрдилэр», -– диэн «Туой-Хайа» Култуура дьиэтин дириэктэрэ Туйара Попова иһитиннэрдэ
Куонкуруһу тэрийээччилэр бэлиэтээн эппиттэринэн, быйыл бэстибээл үбүлүөйүнэн уонна САССР 100 сылынан Култуура-успуорт комплекса анал бириистэри (улахан дьоҥҥо — 20, оҕолорго 15 тыһыынча) аан бастаан олохтоото.
«Биһиги бэстибээл саҥа таһымҥа тахсарыгар уонна сайдарыгар үгүс сырабытын биэрэн, бэстибээл үгэстэрин уонна дьиктилээхэй култууратын кыһамньылаахтык харыстыыбыт. Национальнай култуураны өйөөһүн уонна сайыннарыы хампаанньа Култуура-успуорт комплексыгар туруорар сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн буолар», -– диэн АЛРОСА Култуура-успуорт комплексын салайааччыта бэлиэтээн эттэ.
«Мин ырыанан 2018 сылтан, тыа сиригэр звукорежиссерунан үлэлии киирэн баран дьарыктаммытым. Ыллыырга бэйэм үөрэммитим. Куонкуруска Хаҥалас улууһун Хоточчу сэлиэнньэтиттэн кытынным. Иккис сылбын кыттабын, былырыын 3 истиэпэннээх дипломант буолбутум. Быйыл кыттааччылар былырыыҥҥытааҕар олус күүстээхтэр. Ол гынан баран, мин кыайыыны эрэ ситиһээри иккистээн кэлбитим. «Туой-Хайа» үгүстэргэ карьераны оҥосторго тирэх буолар дии саныыбын. Мин билигин саха эстрадатыгар артыыс быһыытынан күүспүн холонон көрөргө бэлэммин. АЛРОСА курдук хампаанньалар аныгы муусуканы өйүүллэрэ олус суолталааҕын бэлиэтиибин. Бу Саха сирин атын тэрилтэлэригэр эмиэ олус үчүгэй холобур», -– диэн куонкурус Кылаан бирииһин кыайыылааҕа Петр Пестерев кэпсээтэ.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас