Туох көмөнү ыларгын ЕГИССО-ҕа көрдөө

Бөлөххө киир:

Биир кэлим судаарыстыбаннай социальнай хааччыйыы информационнай систиэмэтэ (ЕГИССО) – бу федеральнай информационнай систиэмэ. Манна туох баар социальнай өйөбүл миэрэлэрин, араас төлөбүрдэр, чэпчэтиилэр тустарынан сибидиэнньэлэр тахсаллар.

ЕГИССО саайтыгар http://www.egisso.ru/ Арассыыйа ханнык баҕарар гражданина киирэн, бэйэтин Тус кэбиниэтин арыйыан сөп. Бу саайтка көмпүүтэртэн, ноутбуктан, төлөпүөнтэн киириэххэ сөп. Аан бастаан «Госуслуги» порталга регистрацияламмыт логины уонна паролу киллэриэххэ наада.

Манна ханнык баҕарар киһи туох көмөнү, босуобуйаны, биэнсийэ төһө кээмэйин ылыан сөбүн туһунан информацияны көрүөн сөп. Бу социальнай көмөнү ылар бырааптаах дьоҥҥо олус табыгастаах. Холобур, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар декларацияларыгар суруйалларыгар маннык сибидиэнньэлэр наадалар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0