Туочунай наукаларга ситиһиилээх Коля Никифоров

06.09.2017
Бөлөххө киир:

«Саха сирин айдарыылаах оҕолоро» – барыны-бары билиэн-көрүөн баҕалаах, туох эрэ дьикти дьарыктаах, ыарахаттары сатабыллаахтык туоруур, о.д.а. үтүө хаачыстыбалаах уолаттар-кыргыттар тустарынан бырайыак. Хас биирдии оҕо тугунан эрэ уратылаах уонна дэҥҥэ көстөр хаачыстыбалаах. Биһиги кимиэхэ да сыана туруорбаппыт, күрэстэһиннэрбэппит. Арай, кинилэр тустарынан кэпсиибит, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэбит. Саха сиригэр хайдах курдук чаҕылхай уонна талааннаах оҕолордоохпутун билиэхтээхпит. 

edersaas.ru

Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 1992 с. үөрэх инновационнай тэрилтэтин быһыытынан тэриллибитэ. Ханнык да материальнай-техническэй базата суох сылдьан, улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн уонна СӨ Үөрэххэ министиэристибэтин коллегиятын быһаарыытынан, үлэ кэлэктиибэ тэриллибитэ.

Онтон ыла лиссиэй-интэринээт «Арассыыйаҕа сыл оскуолата» куонкуруска түөрт төгүл кыайыылаах тахсыбыта, 2000 с. «Арассыыйаҕа үйэ оскуолата» үрдүк ааты ылбыта.

Лиссиэй-интэринээт солбуллубат дириэктэрэ Олег Сосин бэлиэтииринэн, кэлэктиип оскуоланы бүтэрбит ыччаттарынан киэн туттар. Лиссиэй тыһыынчаттан тахса ахсааннаах үөрэнээччититтэн үгүстэрэ кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэринэн бүтэрэллэр. Бастыҥтан бастыҥнар кандидатскай диссертацияларын көмүскүүллэр.

Лиссиэй үөрэнээччилэрэ аан дойдутааҕы, федеральнай, регионнааҕы уонна өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар бириистээх миэстэлэри ылаллар. Ол туо­һутунан манна чахчы да билиигэ тардыһыылаах, талааннаах, ураты дьоҕурдаах оҕолор үөрэнэллэрэ буолар.

Кинилэртэн биирдэстэринэн билигин 10 «б» кылаас үөрэнээччитин Коля Никифоровы ааттыахха сөп. Коля Никифоров туочунай наукаларга уһулуччу дьоҕурдааҕын кини ситиһиилэрэ көрдөрөллөр. Аҥаардас физика олим­пиадаларыгар ситиһиилэрэ сөхтөрөр. Ол да иһин, номнуо Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет үөрэ­тэр-научнай анал киинигэр мэктиэлэннэҕэ.

Коля, эн физика биридимиэ­тигэр дьоҕуруҥ хаһыс кылаастан биллэн барбытай?

— Физика таайыллыбат таабырыннарын сэргиирбин, интэриэһиргиирбин алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан чопчу билбитим.

Онуоха атын киһи сабыдыала баара дуу? Холобур, интэриэһи тардыбыт бастакы учууталгынан кими ааттыаҥ этэй?

— Интэриэһи тардыбыт бастакы учууталбынан лиссиэй физика предметин учуутала Римма Григорьевна Алексеева буолар.

Өссө ханнык биридимиэ­ттэри сөбүлүүгүнүй?

— Физикаҕа олус ыллардым. Итинтэн ураты өссө математиканы уонна информатиканы сөбүлүүбүн.

«Инникигэ хардыы» өрөспүү­бүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ «Использование газогенераторной печи для утилизации твердых бытовых отходов» диэн дакылаатынан кыттыбытыҥ. Бу тиэ­мэни тоҕо талбыккыный?

— Биллэрин курдук, дойдуга экология киртийиитин кыһалҕата сытыытык турар. Экология сыла биллэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын. Тулалыыр эйгэбит ыраас, чэбдик буоларыгар, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаммыт уларыйарыгар баҕарабын. Туһаммыт малбытын-салбытын, аһы-үөлү айылҕаҕа буортута суох гына хайдах дьаһанарга уо.д.а. ити­ниэхэ сыһыаннаах боппуруостарга эппиэти тобула сатыыр этим. Ол иһин, бэйэм кылааппын киллэрээри, дьоҥҥо туһалаах буолаарай диэн ити тиэмэни талбытым.

Олимпиадаларга кыттыы ­эйиэхэ тугу биэрэрий?

— Мин билэрбинэн, араас хабааннаах олимпиадаларга кыттыы үрдүк үөрэххэ үөрэнэргэ улахан көмөнөн буолар. Ону сэргэ, билиигэ-көрүүгэ, наукаҕа сыстарга интэриэһи үөскэтэр.

Чугас доҕотторуҥ эйигин хайдах киһи диэн сыаналыылларый?

— Бэйэбин кэпсэнэрим сатала ­суох курдук. Мин холкутук, чуумпутук сылдьарбын сөбүлүүбүн. Саха оҕолоро бары да сэмэйдэр. Туохха да ээл-дээл сыһыаннаспаппын, туруоруммут сыалбын-сорукпун ситиһэргэ дьулуһабын, тулуурдаахпын. Бэйэм, элбэх тылынан ыһыахтаммакка, киһиргээбэккэ элбэҕи оҥорор, ситиһэр дьону убаастыыбын. Элбэх билиилээх-көрүүлээх, саҥаны сомсорго дьулуурдаах киһи бу олоххо элбэҕи ситиһэр дии саныыбын.

Сынньалаҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

— Кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Спорт өттүнэн эттэххэ, сүүрэбин, күүһү-уоҕу сайыннарар араас көрүҥнэринэн дьарыктанабын.

Эн элбэх оҕолоох саха сайдам ­ыалын оҕото эбиккин. Төрөппүттэргит эһигини иитэллэригэр ханнык тускуллары тутуһалларый?

— Миигин оҕо сааспыттан бэйэ эрэ иннин көрүммэккэ, бэйэ эрэ туһугар олох олорбокко, норуотум туһугар үлэлиирбэр, онуоха сөптөөхтүк сайдарбар сүбэлииллэр. Оннук иитэллэр.

Оскуоланы бүтэрдэххинэ, ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕын?

— Туочунай наукалары интэриэһиргиирим быһыытынан, инженер-механик буоларбын ыраланабын. Маныаха физиканы уонна математиканы дириҥник үөрэтиим туһалыаҕар эрэнэбин.

Чугастааҕы былааннарыҥ?

— Өссө да элбэх куонкурустарга, олимпиадаларга кыттыахпын баҕарабын. Лиссиэйбин ситиһиилээхтик бүтэрэн, биир кэлим эксээмэннэрбин үчүгэйдик туттаран, киин үрдүк үөрэҕин кыһатыгар киирэр сыал-сорук туруорунабын.

Саха сиригэр ыытыллар элбэх куонкурустарга кыттыбыккынан, арааһа, биир саастыылаахтаргыттан ойуччу тураҕын. Итиннэ сылдьыыҥ уонна кыттыыҥ түмүгэр тугу хайгыы көрөҕүн?

— Тэрээһинин хайгыы көрөбүн.

Оттон туох да итэҕэс-быһаҕас эн хараххар быраҕыллыбат дуо?

— Туох да итэҕэһи-быһаҕаһы көрбөппүн.

Биир саастыылаахтарыҥ, о.э. ыччат туһунан санааҥ?

— Биһиги көлүөнэбит ааспыт көлүөнэтээҕэр өссө үчүгэй буоларыгар эрэнэбин.

Билиҥҥи олорор кэммит туһунан өйдөбүлүҥ?

— Мин санаабар, аныгы быһыы-майгы кэлэр көлүөнэ сайдарыгар олус элбэх кыаҕы биэрэр.

Арай, «аптааҕыҥ» буоллар, история ханнык кэрдиис кэмигэр олоруоххун баҕарыаҥ этэй? Тоҕо?

— Хомуһуннааҕым эбэтэр дьиктилээҕим буоллар, уодаһыннаах сэрии­лэр кэмнэригэр төннүөм этэ уонна норуоттар икки ардыларыгар тахсар ­хаан тох­туутун бопсуом этэ. Сэриинэн ииригирии кэлэр көлүөнэ инники дьылҕатын сарбыйарын өйдөтөр туһугар!

ххх

Ыспыраапка:

Коля Никифоров

2000 с. ахсынньы 12 күнүгэр төрөөбүтэ.

Ийэтэ Маргарита Михайловна Тимофеева – Технология Сунтаардааҕы колледжын уопсай дьиэтин комендана, аҕата Николай Егорович Никифоров – урбаанньыт.

Никифоровтар – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн. Түөрт оҕолоохторуттан иккитэ – устудьуон, икки оҕо оскуолаҕа үөрэнэр. Коля дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕо.

Дьоҕурдаах Коля Никифоровка хас биирдии сыл уһулуччу ситиһиилэри аҕаларын бэлиэтиэххэ сөп.

СИТИҺИИЛЭР

2015-2016 үөрэх дьылыгар:

Физикаҕа үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр III истиэпэннээх призер;

«Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ III истиэпэннээх дипломана;

«Дьоҕур» эдэр математиктар уонна физиктэр XXII фестивалларыгар Сунтаар улууһун 11 үөрэнээччитэ кыттыбыта. Ол иһигэр, Коля Никифоров ахсыс кылаастар ортолоругар историяҕа уонна географияҕа кыайыылаах тахсыбыта.

Физикаҕа М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи интернет-олимпиадаҕа – 1 миэстэ;

«Дьоҕур» улуустааҕы түһүмэҕэр математика олимпиадатыгар – 2, физика олимпиадатыгар – 1, физмат-бойга – 1 миэстэлэр;

«Дьоҕур» регионнааҕы түһүмэҕэр физика олимпиадатыгар – 1, физмат-олимпиадаҕа —2, физмат-бойга 2 миэстэлэр;

«Дьоҕур» өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр физмат-бойга – 2, история уонна география интеллектуальнай марафоныгар – 1 миэстэлэр;

Нуучча тылыгар улуустааҕы олимпиадаҕа уолаттар ортолоругар – 1-2 миэстэлэр;

Үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларын муниципальнай түһүмэҕэр географияҕа – 3, физикаҕа – 1, обществоҕа – 1-2, химияҕа – 1, историяҕа – 1, математикаҕа – 1, информатикаҕа 3 миэстэлэр;

Арассыыйа историятыгар «Мириады открытий» аан дойдутааҕы куонкуруска литэрэтэрииҕэ, биологияҕа, обществознаниеҕа – 1 миэстэ;

2016-2017 үөрэх дьылыгар:

— Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр наука Аччыгый академиятын кэрэспэдьиэн-чилиэнэ;

Математикаҕа үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларын регионнааҕы түмүк түһүмэҕин II истиэпэннээх призера;

— «SAPIENTI SAT» Бүтүн Арассыыйатааҕы VIII предметнэй олимпиадаҕа – 3-с миэстэ;

— Лиссиэй нэдиэлэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт интеллектуальнай марафон муҥутуур чөмпүйүөнэ;

«Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ III истиэпэннээх дипломана;

«Инникигэ хардыы» регионнааҕы НПК лауреата;

Программированиеҕа өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин хамаанданан олимпиадатын III истиэпэннээх призера;

Математикаҕа үөрэнээччилэр хотугулуу-илиҥҥи олимпиадаларын призера;

Химияҕа К.С.Павлова аатынан үөрэнээччилэр улуустааҕы олимпиадаларын муҥутуур кыайыылааҕа;

— Ксения Степановна Павлова аатынан Грант кыайыылааҕа;

РФ-га Экология сылын чэрчитинэн «Саха сирин эдэр олохтоохторо» өрөспүүбүлүкэтээҕи биктэриинэ II истиэпэннээх призера;

«Самый инновационный проект утилизации твердых бытовых отходов» номинацияҕа Таатта улууһун баһылыгын Гранын кыайыылааҕа;

— Наука Аччыгый академиятыгар Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет уонна Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет үөрэтэр-научнай анал кииннэрин оскуолатын кыттыылааҕа;

— Сайыҥҥы оскуолаҕа математика уонна физика олимпиадаларын түмүктэринэн 2-3 миэстэлээх;

— Сайыҥҥы оскуола түмүгүнэн Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет үөрэтэр-научнай анал киинигэр мэктиэлэммитэ;

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0