Туобуйалар тибииттэн аны куттамматтар

06.01.2017
Бөлөххө киир:

Олунньу, кулун тутар ыйдар дьүһүн кубулуйумтуолаахтарынан биллэллэр. Онон сотору кэминэн улуус кииннэриттэн ыраах сытар нэһилиэктэр  суолларын тибии тибэн, массыыналаахтар эрэйи көрүөхтэрэ турдаҕа.

Дьэ манна Үөһээ Бүлүү улууһун Туобуйа нэһилиэгин дьаһалтата бэрт ньыманы толкуйдаабыт. Өссө былырыын дьаһалта көҕүлээһининэн, күһүөрү  нэһилиэктэн 50-ча км ыраах сытар Саһыл уйалаах үрэххэ тибиигэ аналлаах 100 м уһуннаах күрүөнү туппуттар.  Кулун тутарга аһара тибэн, тимир көлө иннинэн да кэннинэн барбат оҥорон, олохтоохтору эрэйдиир  эбит. Анал күрүө тутуллубутун кэнниттэн олохтоохтор эрэйдэнэллэрэ тохтообут.

Туобуйа нэһилиэгин баһылыга Степан Алексеев:

—Бу бэрт ньыманы толкуйдуохпут иннинэ сааскы тибииттэн олохтоохтор эрэйи көрөөччүбүт.  Ол көстөн турар сири тимир көлөнөн бэрт өр айаннаан тиийээччибит. Саһыл уйалаах үрэх биһигини саас өрүү эрэйдиир. Аһаҕас сир буолан,  суолу үрдүнэн тибэн кэбиһэр. Быйыл Тиһик диэн сиргэ  1 км уһуннаах күрүөнү оҥорбуппут эмиэ абырыыр буолуохтаах. Итини тэҥэ, Туобуйаттан  чугас сытар Хойуо диэн сиргэ эмиэ  итинник анал күрүөнү оҥорор былааннаахпыт. Уолаттар сотору үлэлии тахсыахтара.

Дьэ кырдьык туобуйалар бэрт ньыманы толкуйдаабыттар. Маны хоту улуустар уонна  киинтэн ыраах сытар элбэх  үрэхтэрдээх нэһилиэктэр туһаныахтарын сөп эбит.

Александр ТАРАСОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0