Туобуйа 50 %-а куоластаата

Ааптар: 
09.09.2018
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Андросов быыбар хаамыытыгар пресс-конференция биэрдэ.

edersaas.ru

От ыйын 1 күнүнээҕи чахчынан, өрөспүүбүлүкэ быыбардыыр учаастактарыгар испииһэккэ 631 тыһ. 302 быыбардааччы, ол иһигэр Дьокуускай куоракка – 186 тыһ. 148 быыбардааччы киирбитЫраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх учаастактарга, таба ыстаадаларыгар, сир баайын көрдүүр-хостуур артыалларга атырдьах ыйын 19 күнүттэн саҕаламмыт болдьоҕун иннинэ куоластааһыҥҥа 4 тыһ. 42 хабыллыбыт. Холобур, Анаабырга 701, Эдьигээҥҥэ 374, Өлөөҥҥө 529 киһи болдьоҕун иннинэ куоластаабыт.

Эрдэ эппиппит курдук, алта хотугу улууска куоластааһын икки чааһынан, үс хотугу улууска биир чааһынан эрдэлээн саҕаланна. Сарсыарда 10 чаастаах чахчынан, Биир кэлим быыбарга Саха сирин үрдүнэн 41 тыһ. 603 киһи кытынна, ити быыбардааччы 7 %-на. Бу  иһигэр, Анаабырга уонна Өлөөҥҥө быыбардааччы 33 %, Эдьигээҥҥэ 15 %-а, Эбээн-Бытантайга 15 %-а, оттон Дьокуускайга 3 %-а куоластаабыт.

                                         

Пресс-конференция кэмигэр быһа сибээскэ тахсыбыт үс улуус быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, Үөһээ Бүлүүгэ 586 киһи, ол иһигэр Туобуйа нэһилиэгин олохтоохторо 50 % куоластаабыттар, оттон Томпо уонна Мирнэй улуустарыгар быыбарга кыттыы 5,9 %-ҥа тэҥнэспит. Өскөтүн быйыл саас, кулун тутар 18 күнүгэр, ыытыллыбыт Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыыга быыбардааччы 10 %-а кыттыбытын кытары тэҥнээн көрдөххө, бүгүн халлаан да туругуттан буоллаҕа (үгүс улууска тыал түһэр, ардыыр, оттон сорох сиргэ хаардыыр), быыбардааччы кэлиитэ арыый бытаан курдук. Ол эрээри, мантан күнүс дьон көхтөөтүк кэлиэҕэр эрэл улахан.

Быыбар чиэһинэйдик ыытылларын, барыта дьэҥкэ буоларын туһугар быыбардыыр учаастактарга кэтээн көрөр тэриллэр туруоруллубуттар, хандьыдааттар уонна политическай баартыйалар өттүлэриттэн уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр. Быыбар бара турар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0