Сыстыганнаах COVID-19 ыарыы тарҕаныаҕыттан ыла олохпут укулаата барыбыт киэнэ биллэ уларыйда, араас былааннаммыт тэрээһиннэр, ол иһигэр быйыл киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэхтээх Улуу Кыайыыбыт 75 сылын көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллар быһыылара-майгылара уларыйда.
edersaas.ru
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар эмиэ бэлиэ түгэннэр, улахан суолталаах тэрээһиннэр олус элбэхтэр. Ол курдук, Туобуйа нэһилиэгэ тэриллибитэ муус устар 7 күнүгэр 110 сылын туолла.
Бу күннэргэ «Туобуйа нэһилиэгэ 1910 сылга муус устар 7 күнүгэр Саха Уобалаһын уурааҕынан тэриллибитэ. Бастакы баһылыгынан Алексеев Михаил Николаевич (Суодьаах) үлэлээбитэ» диэн ис хоһооннох өйдөбүнньүк бэлиэни Туобуйа олохтоох дьаһалтатын дьиэтин таһыгар ыйаатылар. Бу туһунан Туобуйаттан Туйаара Сидорова иһитиннэрдэ.
⠀
Бу бэлиэ күн Туобуйа нэһилиэгин иһинээҕи суолларын оҥоруутугар үлэлиэхтээх тимир көлөлөр кэллилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1