Туоһу көрдөххө, тоҕо эрэ күн сырдыгын көрөргө дылыгын. Дьиэҕэ киирдэххэ, туох эмэ туос оҥоһук баар буоллаҕына, тоҕо эрэ киһи кута-сүрэ тохтуур. Бу оҥоһуктары илиигэр тутан олордоххуна, түбүктээх олохтоох түрдэстибит санааҥ дьайҕарар, кыараабыт көхсүҥ кэҥииргэ дылы буолар. Ол курдук туос курдары тардар дьикти күүстээх.
edersaas.ru
Тэмэлдьи диэн тугуй?
Туос хастанар кэмэ сүнньүнэн бэс, от ыйдара. Сороҕор хатыҥ сэбирдэҕэ сыстаҥнас, күп-күөх, собо тылын саҕа буолуута, сүмэһинэ үгэннээн сүүрэр кэмигэр хастыыллар. Хатыҥы харыстыыр туһуттан уута сүүрэн бүтүүтэ, бэс ыйын бүтэһик күннэриттэн от ыйын ортотугар диэри хастыыллар. Бу кэмҥэ хастаммыт хатыҥ кыратык ыарыыланар, туоһун оннугар харыстыыр хах үүнэр. Эһиилгитигэр сүмэһинэ таах тохтубат. Дьылыттан уонна Саха сирин хайа муннугар олороргуттан көрөн, бу ыйыллыбыт болдьох сыҕарыйыан сөп. Хойутаан хастыыр буоллахха, өҥүрүк куйааска тахсар ордук, оччоҕо дөбөҥнүк хоҥнумтуо буолар.
Тэмэлдьилээх туоска наадыйдаххына, уута сүүрэн бүппүтүн кэннэ, туоһа этигэр сыстан эрэр кэмигэр, от ыйын бүтүүтэ хастыыгын. Тэмэлдьи диэн туос уонна көмүрүө икки ардыгар баар чап-чараас араҥа туос. Бу араҥа туос өҥүн уларытарга туһаныллар.
Саас быстах кэмҥэ туттарга туос наада буоллаҕына, муус устар бүтүүтэ, күн сылыта-сылыта тоҥорор кэмигэр тоҥот туоһа диэн хастанар. Манна сайыҥҥы курдук буолбат, бэрт эрэйинэн хастанар. Ону даҕаны аһаҕас сиргэ турар, халдьаайы эҥээринэн үүнэр хатыҥы эрэ хастыыгын. Кыһынын хатыҥы хастыыр ньыма эмиэ баар. Былыр оҕонньоттор (сорох сирдэргэ 50-с сылларга диэри) кыс хаар ортотугар тууйас оҥорон атыылыыллара. Бытарҕан тымныы үгэннээн турдаҕына сөбүлээбит хатыҥнарын, балаҕан баҕаналарын икки ардыларын саҕаны кэмнээн, быһан киллэрэллэрэ. Төһө усталаах туоска наадыйалларынан, быһаҕынан эргиччи туоһу быһаллара. Онтон икки баҕанаҕа икки уһугуттан туора кэлгийэн уонна өтүүнэн эрийэ тардан баран (биирдэ тардыыга эргиирин бүтүннүү сылытар гына), харса суох тардыалыыллара. Оччоҕо туоһа ирэн, сылыйан сыыйа хоҥнор, көмүрүөтэ саккыраан соҕотох туос эрэ толугураан хаалар. Итинник хоҥнорон, тууйаһы, холтууну, чэй иһитин, о.д.а. оҥоһуктары оҥороллоро.
Бааһырдыбакка, араҥалаан ылыы
Туос хастыыр кэмҥэр сөбүлүү көрбүт хатыҥҥын ханан элбэх мутуктаах, куобах уостаах ( хара мэҥнээх) өттүн (ыраас сирэйин аҥаардаабат гына) сытыы быһаҕы туруору тутан, көмүрүөтүн кыратык да бааһырдыбакка араҥалаан ылаҕын. Өскө алҕас бааһыртаххына, маслянай кыраасканан бүөлүү сотон кэбиһэҕин.
Туоһу мээнэ хастыыр билигин бобуулаах. Оччоҕуна туоһу хантан ылыахха сөбүй? Мас кэрдэр сирдэргэ тиэхиньикэ тэпсиититтэн үгүс хатыҥ тостор, силистэриттэн түөрүллэн сытар буолаллар. Ол барахсаттар, быраһаайдаһар курдук, саас сүмэһиннэрэ сүүрэр. Бу кэмҥэ туоһун араҥалаан, умнаһын эриэннээн, үөрэҕэстээн, сүгэ угугар эбэтэр атын тугу эмэ оҥорорго анаан тиэйэн киллэрэҕин.
Өскө сүгэ уга, сыарҕа сыҥааҕа, сувенир, иһит-хомуос оҥорор дьон баар буоллахтарына, кинилэри кытары кэпсэтэн, охторор хатыҥнарын туоһун хастаан ылыаххын сөп. Оччоҕо биир хатыҥтан элбэх туоһу ылаҕын. Онтон бу дьонуҥ анал көҥүллээх буолаллар. Пилорамаларга, маһы таҥастыыр тэрилтэлэргэ, ыскылааттарга хатыҥ үгүстүк көстөөччү. Сувенирга, ойууга-бичиккэ туттарга аналлаах кыра туостары мантан да булуохха сөп. Үчүгэй хаачыстыбалаах туоска наадыйдаххына (иһит туоһугар), аналлаах тэрилтэ көҥүлүнэн эрэ чараҥҥа тахсаҕын.
Туохха туттаргыттан көрөн…
Өбүгэлэрбит туоһу туохха ананарыттан көрөн, атын-атын сиргэ үүнэр хатыҥнартан хастыыллар эбит.
-Иһит туоһун орто саастаах, ыраас чараҥ ис өттүгэр, хото күлүктэтэ соҕус турар көнө дьылыгыр, чүмэчи маҥан хатыҥтан хастыыллара. Туоһа мутук онно, куобах уоһа суох, кылгас туора харалардаах, аһара халыҥа суох буолар.
-Таспа, тыы туостарын өрүс тардыылаах чараҥтан сөбүлээн бэлэмнииллэрэ. Бу эҥээр хатыҥнар үөскүлэҥ, үрдүк, суон буолаллар. Мантан тирии курдук халыҥ, иэннээх, бөҕө туоһу хастыыллара.
-Ойууга-бичиккэ, киэргэлгэ туттуллар араҥа туоһун ылаары эдэр соҕус чараҥҥа тахсаллара. Онно тиийэн, туоһа чап-чараас гына араҥаланан тыалга тэлибирии турар хатыҥы булаллара. Ону хастаан ылан араҥалыыллара: тэтэрээт лииһин курдук санаа хоту дөбөҥнүк кэлэр. Быһарга-оторго, кырыйарга, ойуулуурга, силимнииргэ кэбирэҕэ, табыгаһа бэрт буолан, этиэхтэн кэрэ оҥоһуктары оҥороллоро.
ххх
Айгыр-силик Аар хатыҥҥа саха киһитэ сүгүрүйүөн сүгүрүйэр. Хатыҥ курдук бөҕө, остуоруйа дойдутун курдук ойуулаах удьурҕайдаах мас хатыҥтан ураты суох. Саха олоҕун дала туоһу кытта ыкса ситимнээх: олорор дьиэтэ, иһитэ-хомуоһа, эмэ-томо, туттар тэрилэ, оннооҕор дойдулаатаҕына саптар суорҕана кытта туос.
(Мандар Уус «Саха ойуута-бичигэ» кинигэтиттэн)
Надежда ЕГОРОВА «Саха сирэ» edersaas.ru бэлэмнээтэ