Тумуунан ыалдьыы элбээн эрэр

16.04.2021
Бөлөххө киир:

Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрбитинэн, олунньу ый бүтэһик нэдиэлэтигэр 7,5 тыһыынчаттан тахса киһи тумуу (ОРВИ) инфекциятынан ыарыйда. Бу кэмҥэ тумуунан ыалдьыы ахсаана эбиллээччи.

Бу ыалдьыбыт дьон ахсааныттан 78%-ра – оҕолор. Оскуола үөрэнээччилэрин истэригэр ыалдьыы ахсаана эпидемическай кэрдиискэ чугаһаан эрэр. Онтон нэһилиэнньэни ылар буоллахха, эпидемическэй кэрдиис таһымыттан 6,4%-нан намыһах.

Өрөспүүбүлүкэҕэ парагрипп, аденовирус, риновирус, бокавирус, метапневмовирус, RC-вирус бааллара биллибит. Бу кириип вирустара буолбатахтар, ол эрээри бастакы сибикилэрэ саҥа коронавируснай инфекция сибикилэрин кытары маарыннаһыахтарын сөп.

Онон маасканы кэтэн, дьонтон 1-2 миэтэрэ тэйиччи сылдьары тутуһан, илиини-муруну суунан, күөмэйи сайҕанан, үчүгэйдик аһаан, утуйан, иммунитеты бөҕөргөтөн, тоҥмокко, тыалга үрдэрбэккэ, бэйэни харыстанан сылдьар ирдэнэр.

Тумуулаатаххытына, бэйэҕит эмтэнэ сатаабакка, бырааһы дьиэҕитигэр ыҥырыҥ диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ыҥырар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: tass.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0