Тумуулаабыт киһи больничнайын балыыһаҕа барбакка оҥотторуон сөп

15.02.2022
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар мэдиссиинэ көмөтө табыгастаах буоларын хааччыйарга өссө биир саҥа өҥө баар буолла.

edersaas.ru

Бу өҥөнөн туһанарга  https://eln.mzsakha.ru. сиэрбис нөҥүө быраас аудиоконсультациятыгар сайаапкалары түһэриэххэ сөп.
Онуоха 18 сааһын туолбут тымныйан ыалдьыы сибикилээх (кыраадыһа үрдүк, сөтөллөр, күөмэйэ кычыгыланар, тумуулуур, амтаны билбэт) киһи эрийиэн сөп.
Бу өҥө  бырааһы кытары  кэпсэтэн сүбэ-ама ыларга уонна ОРВИ сибикилээх эмтэнээччигэ быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонорун туоһулуур лииһи (больничнай) аан бастаан арыйарга аналлаах.

Санатан эттэххэ, быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонорун туоһулуур лииһи электроннай көрүҥүнэн уһатар эбэтэр сабар кыаллыбат.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0