«Сиэкистэһии төбө ыарыытын эмтиир, ыйааһыны түһэрэргэ, депрессияҕа, уйулҕа уларыйыытыгар уо.д.а. көмөлөһөр», – дииллэр.
Оннооҕор тымныйыыны уонна кирииби сиэкиһинэн эмтээччибит диэччилэр эмиэ бааллар эбит. Хата, бу көрүдьүөс уонна мөккүөрдээх буолаарай?
Дьиҥэр, киһи саҥа ыалдьан эрэр кэмигэр эрэ туһалаах буолуон сөп эбит. Тоҕо диэтэххэ, тото-хана көлөһүннүрэҕин уонна тыынар уорганнаргын «салгылатаҕын». Онтон салгыы туох да көдьүүһү аҕалбат. Ол оннугар бэйэ-бэйэттэн сыстыһыахха сөп. Ол аата, ыалдьар дьон ахсаанын элбэтэҕит.
Сиэкис – тымныйыыны утары быһыы кэриэтэ.
Сорох учуонайдар бигэргэтэллэринэн, сиэкиһинэн актыыбынайдык дьарыктаныы эккэр-хааҥҥар ыарыыны утары охсуһары көҕүлүүр антителалары элбэтэр. Саҥа ыалдьан эрэр кэмҥэ сиэкистээһин ыарыһах ыарыыны утары охсуһар көҕүн күүһүрдэр уонна вируһу утары охсуһарыгар көмөлөһөр. Таҕыл ханнарар кэмҥэр настарыанньаҥ көтөҕүллэр, үчүгэйдик утуйаҕын, астыныы-дуоһуйуу араас кыһалҕалары чэпчэкитик туоруургар көмөлөөх.
Ол гынан баран, эт-сиин эстиитэ (ол иһигэр, сиэкис) кириип эбэтэр тымныйыы хаамыытын биллэ уустугурдуон, а.э. кыраадыһыҥ тахсыан, сүрэҕиҥ, былчыҥнарын ноҕуруускаланыахтарын, хааныҥ баттааһына үрдүөн сөп. Кыраадыһа тахсыбыт киһи сиэкис кэнниттэн туруга өссө мөлтүүр. Ыарыыны утары охсуһар организмҥар баар күүскүн сиэкистиир кэмҥэр халтайга ороскуоттаан кэбиһэҕин. Онон сөтөллөр, тумуулуур, төбөҥ ыалдьар кэмҥэр сиэкис туох да туһаны аҕалбат диэн утарсааччылар эмиэ бааллар.
Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА