Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Тумулга Кыайыы искибиэрэ болҕомтону тардар. Бороҕон нэһилиэгин аҕа баһылыга Василий Алексеев искибиэр туһунан иһитиннэрдэ:
—Бороҕон Уус Алдан биир улахан нэһилиэгэ. Тумул, Элэһин, Арыы Тиит бөһүөлэктэрэ киирэллэр. Уопсайа 977 киһи олорор. Кииммит Тумул бөһүөлэгэ.
2015 сыллаахха бэтэрээннэрбитигэр, ытык кырдьаҕастарбытыгар Өйдөбүнньүк искибиэрин оҥоруоҕуҥ диэн былааннаабыппыт. Ону олоххо киллэрэр туһуттан, нэһилиэк иһигэр аахсыйа тэрийбиппит. Онно хомуллубут харчынан уонна дьаһалта үбүлээһининэн 1000 м2 иэннээх сирбитин бүрүйэн, киирии ааркалаан уонна аҕыйах матырыйаалы ылан бытархай үлэлэрин оҥорон бүтэрбиппит. Онтон үп-харчы боппуруоһа кыаллыбакка, икки сыл курдук бу саҕалаабыппытын тохтотон эрэргэ тиийбиппит.
Толкуйга түһэ сырыттахпытына, биһиги дьолбутугар, Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпыт, «Стройград» диэн маҕаһыыннаах урбаанньыт Петр Алексеев: «Дойдубар туох эмэ бэлиэни оҥорор киһи», — диэн санаатын үллэстибитэ. Онно биһиги бу бырайыакпыт туһунан эппиппитигэр, көрөн баран, сөбүлэһэн үөрүүбүтүн үрдэппитэ. Матырыйаалын булан, үлэһиттэри кэпсэтэн, саас ыам ыйыттан үлэ саҕаламмыта. Балаҕан ыйыгар ситэн-хотон түмүктэммитэ. Оттон дьон-сэргэ сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, сэриигэ кыттыбыт аймахтарын, өбүгэлэрин, эһээлэрин, аҕаларын, убайдарын, таайдарын, абаҕаларын мөссүөннэрин билиитэҕэ оҥотторууга көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Онон Улуу Кыайыы умнуллубат 75 сылыгар улахан үлэ ситэриллэн киирбитэ биһигини олус үөрдэр. Нэһилиэк дьоно бука бары уолбутугар Петр Спиридоновичка махталбыт муҥура суох. Искибиэр ураты кырасыабай көстүүлээх, олус тупсаҕай, үчүгэй оҥоһуулаах. Харахха ыраахтан быраҕыллар. Манна киһи астына сынньанар, оҕо үөрэ-көтө оонньуур, ыччат сөбүлээн мустар сирэ.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги нэһилиэктэн уоттаах сэриигэ 137 киһи барбыта. Итинтэн 79 киһи дойдутугар тыыннаах эргиллибитэ. 58 киһи сэрии толоонугар охтубута. Алта киһи сураҕа суох сүппүтэ.
Хаартыска: Бороҕон нэһилиэгин дьаһалтата, батсаап