Тумул олохтооҕо: «Баһылыкпын таллым!»

Ааптар: 
10.09.2017
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥаласка улуус дьаһалтатын, сүүрбэ икки нэһилиэк уонна Майа сэлиэнньэтин, Алын Бэстээх бөһүөлэгин дьаһалталарын баһылыктара, улуус мунньаҕын дьокутааттара талыллаллар.

Тумул нэһилиэгин олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо, «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин салайааччы Таисия Десяткина быыбарга сарсыарда эрдэттэн сырытта:

— Мин улууһум баһылыгын таллым. Талбыт киһим урут быыбар иннигэр туруоруммут бырагырааматын олоххо киллэрдэ, үлэни-хамнаһы нэһилиэктэр уратыларын учуоттаан тэрийтэрэр, чуолаан, тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтотун уурар, үп-харчы дьыалатын үчүгэйдик быһаарсар күүстээх финансист, онон үлэлиир кыахтаах диибин.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0