Тумантан толлубат Туприналар

02.12.2018
Бөлөххө киир:

2000-х сыллар саҕаланыылара. Анаабыр улууһа, Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэ. Кырачаан игирэ кыргыттар сиэркилэ иннигэр туран араастаан тутта-тутта ыллыыллар, күлэллэр-үөрэллэр. Онно кыргыттар “биһиги хайаан да биллэр дьон буолуохпут, сыалбытын ситиһиэхпит” диэн бэйэ-бэйэлэригэр тылларын биэрбиттэрэ.

Аны былырыын ахсынньыга төннүөххэ. Инстаграмҥа киир, батсаабы арый игирэ кыргыттар толорор “таһырдьа тымны­йан туман сабардаан турбута дохсуннук” диэн тыллардаах ырыалара киэҥник тарҕаммыта. Анаабыр игирэ кыргыттара Кэскилээнэ уонна Кэрэчээнэ Туприналар сулустара сандаарыччы тыкпыта.

— Биһиги 1999 сыллаахха төрөөбүппүт. Кэскилээнэ биэс мүнүүтэ аҕа. Ыал улахан оҕолоробут, бииргэ төрөөбүт алта кыыспыт. Балтыларбыт игирэ буолбатахтар, төрдүөн утуу-субуу төрөөбүттэрэ. Билигин оскуолаҕа үөрэнэллэр. Аҕабыт ахсыс кылааһынан ыстаадаҕа табаһыттаан саҕалаабыта, ийэбит чуум үлэһитэ, — диэн кыргыттар кэпсииллэр.

Артыыс буолуохтара

Кэрэчээнэлээх Кэскилээнэ Хаҥаласка, Сунтаарга, Анаабырга хас да оскуоланан көһө сылдьан үөрэммиттэрэ. Бастакы кылааска Хаҥалас Кыһыл Үрүйэтигэр үөрэнэ киирбиттэрэ, салгыы Сунтаарга спортивнай оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Онно спордунан утумнаахтык дьарыктаммыттара: Кэскилээнэ – тустуунан, Кэрэчээнэ – волейболунан. 2016 сыллаахха дойдуларыгар оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Абитуралыы кэлэн, култуура колледжыгар туттарса сатаабыттар да, киирбэтэхтэр. Онон, кыргыттар Дьокуускайдааҕы өрүс училищетын курсаннара буолбуттара, аны сайын үөрэхтэрин түмүктүүллэр. Ол эрээри, Кэскилээнэлээх Кэрэчээнэ бу үөрэммит идэлэринэн олохторун ситимнииргэ ыксаабаттар эбит. Оҕо эрдэҕинээҕи ыраларын толорон, иккиэн киинэ уонна ты­­йаатыр артыыһа буолуохтарын баҕаралларын туһунан кэпсээтилэр. “Үөрэхпитин сирбэппит. Биһиги бэйэбитин кыра эдэхпититтэн ырыаһыт, артыыс эрэ быһыытынан көрөр этибит. Баҕабытын толорон Москватааҕы Щепкин аатынан училищеҕа туттарсан көрүөхпүтүн саныыбыт”, — диэн кыргыттар былааннарыттан үллэһиннилэр.

Олус уратылар

Кыргыттары бастаан көрөөт, киһи араарбат – үүт-үкчүлэр. Мин билсэ, кэпсэтэ олороммун уратыларын була сатаатым уонна: “Дьон эһигини хайдах араарыан сөбүй?” – диэн ыйыттым. Онуоха кыргыттар: “Тас дьүһүммүтүгэр уратыбыт элбэх – сирэйбит быһыыта, харахпыт олоруута, майгыбыт туһунан этэ да барыллыбат. Кэскилээнэ эдьиий киһи быһыытынан сытыы-хотуу, кэпсээннээх-ипсээннээх, оттон Кэрэчээнэ холку, ыксала суох. Тус-туспа дьон буоллахпыт дии. Дьон билсэн бардаҕына түргэнник араарар, булкуйбаттар”, — дииллэр. Саамай өр кэмҥэ – алта ыйга үөрэхтэрин быраактыкатын кэмигэр арахса сылдьыбыттар эбит. Кэскилээнэлээх Кэрэчээнэ оннук арахсар күннэригэр туохтара эрэ тиийбэт курдук буолар, ардыгар ыалдьан да хаалыахтарын сөп үһү. Игирэ буолалларынан туһанан биирдэ даҕаны дьээбэлэммэтэхтэр эбит: “Олус уратыбыт, тута биллэн хаалыахпыт этэ”, — диэн күлэллэр. Ол эрээри, сэһэргэһээччилэрим игирэ буолар наһаа үчүгэйин, бэйэҥ курдук үүт-үкчү киһи баара олус дьиктитин, онон инникитин игирэ оҕолонуохтарын баҕаралларын туһунан кэпсээтилэр.

https://www.instagram.com/p/BpQ_4ACh1su/

“Пиарданаары буолбакка”

Алтынньы ортото Анаабырга үс киһи сүппүтүн туһунан сонун Саха сирин биир гына аймаабыта. Бу быһылаан этэҥҥэ түмүктэнэн, Кэрэчээнэни аҕатынаан уонна аҕатын доҕорун муммуттара алтыс күнүгэр булбуттара. Кэрэчээнэ: “Муннубут диэн куттамматаҕым, көрдүү сылдьаллар диэн билэрим”, — диир. Оттон Кэскилээнэ: “Игирэм аҥаара этэҥҥэтин ыраахтан сэрэйэр этим. Тоҕо бөртөлүөт көппөтүттэн кыһыйан, хомо­йон, “Инстаграмҥа” страницабар ­су­­­­­ру­йбутум. Онно тыһыынчанан киһи биһиги туспутугар долгуйбут этэ. Ил Дархан Айсен Николаев миэхэ эрийбитигэр олус соһуйбутум: “Бөртөлүөт көтүөҕэ, барыта үчүгэй буолуо”, — диэбитэ. Арай бу быһылаан кэнниттэн пиар оҥостоору муммута буоллулар диэн дьон сымыйа сурах тарҕаппытыттан олус хомойбуппут”, — диэн кэпсиир.

Билигин кыргыттарга сүүһүнэн киһи суруйар, эри­йэр. “Төлөпүөммүтүн ылбатахпытына, суруктарыгар эп­­пиэттээбэтэхпитинэ өһүргэнэн, ону-маны куһаҕаны суру­йар дьон баар. Бэйэҕитин билиммиккит, үрдүктүк санаммыккыт да диэччилэр. “Сулус ыарыытынан” ыалдьыбатахпыт, оннук буолуо да суоҕа. Хас биирдии киһи эрийдэҕинэ, суруйдаҕына, ону уруйдаан-айхаллаан кэпсэтэрбит эмиэ соччото суох”, — дииллэр игирэчээннэр.

Дьиҥэ, кыргыттар быраактыкаларыттан дьэ бүтэн, иккиэн дойдулуохтаахтар эбит, ону харчылара тиийбэт буолан, биирдэрэ эрэ айаннаабыт. Манна диэн эттэххэ, Кэскилээнэлээх Кэрэчээнэ устудьуон буолуохтарыттан төрөппүттэриттэн харчы ылбаттар, көрдүү да сорумматахтар. Дьокуускайга кэлээт, айахпытын бэйэбит ииттиниэхтээхпит диэн сыал-сорук туруоруммуттар.

«Добун» устуудьуйа

Соторутааҕыта игирэ Туприналар Дьокуускайга айар киэһэлэрэ буолар үһү диэн сураҕы истэн ааспытым. Онуоха кыргыттарым: “Суох, кэнсиэр тэрийэргэ тиэтэйбэппит, билиҥҥитэ ол кыаллыбат”, — диэтилэр.

Кэскилээнэлээх Кэрэчээнэни ырыаҕа ким да уһуйбатаҕа. Арай, ийэлээх аҕалара ыллыыр та­­лааннаахтар, бииргэ төрөөбүт балтылара эмиэ ыллыыллар эбит. Былырыын “Туман” ырыанан биллэн-көстөн истэхтэринэ, кыргыттарга Анаабырдарын улууһун салалтата эрийэн продюсерда булуҥ, көмөлөһүөхпүт диэн кэпсэппиттэр. Онон кыргыттар Антон Иванов салайар “Добун” устуудьу­йаҕа дьарыктаммыттара сыл кэриҥэ ­буолбут.

Бу биир сыл иһигэр Туприналар уонча ырыаны таһаардылар, кэнсиэрдэргэ кытыннылар, госту­руолларга айаннаатылар. Кыргыттар айаллара-туталлара өссө да иннилэригэр.

Татьяна Легантьева, Саха тыйаатырын артыыһа:

— Кэрэчээнэлээх Кэскилээнэ артыыс үөрэҕэр туттарсан холонон көрдүннэр, этэргэ дылы, шанс кимиэхэ баҕарар баар. Биһиги Щепкин училищетын бүтэрбиппит номнуо 16 сыл буолла. Мин биир бэйэм саха оҕолоро артыыс үөрэҕин баһылыылларын, киин куораттарга үөрэнэллэрин олус биһириибин. Кыргыттарга ситиһиилэри баҕарабын.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0