Туман дьон (кэпсээн)

Ааптар:   Петр Павлович Чириков 
24.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Дьокуускай куорат. Дьон-сэргэ тоҕуоруһар-аасыһар, сүпсүлгэн аарыма таас туөлбэтэ «Полярная звезда» гостиница киин куорат бастыҥ проспегар дьэндэйэр. Сүүнэ түннүктэр таастарыттан тэбинэн күн уота кырынаастыы ыстаҥалыыр, ааһар массыыналардыын илин-кэлин сырсар. Манна куорат иһийбэт туоната.

Гостиница бастакы этээһигэр үлэлиир «Батас» дьоҕус маҕаһыын анаан-минээн улуустарга олорор саха уустара охсубут саха быһахтарын атыылыыр. Саха уустарын чэрдээх илиилэрин сатабыла уонна өбүгэ утума иҥмит булт быһаҕа хамаҕатык атыыланар. Аныгы сайдыылаах кэм сиэринэн, ыраах сиртэн тиийэ сакаастыыллар.

— Дорообо! Хата, саха уустара охсубут быһахтарын анал маҕаһыынын чопчу буллум ээ, — өстүөкүлэ ааны сэгэтэн саас ортолоох нуучча киһи киирдэ. Кугас сулардыы бытыга, тыал-салгын килэриппит иэдэстэрэ, булду кыҥыы үөрүйэх харахтара, арааһа, киирбит киһи геолог биитэр идэтийбит айанньыт буолуон сөбүн  туоһулууллар. Кыараҕас иэннээх маҕаһыын ыраах туундара сайар салгынынан тыынна.

— Дорообо, айан киһитэ, — хоруйдуубун. Харахтара уоттаммытын бэлиэтии корон, «оо, булгуччу атыылаһар киһи», диэн астына сыаналыыбын: — Туох сонуннаах, хайа эргин киһитэ буолаҕын?

Сыалын-соругун, кини Санкт-Петербург куоракка төннөөрү сылдьарын уонна араас омуктар булка туттар быһахтарын коллекциялыырын судургутук сэһэргээтэ. Анал быыстапкалары отой көтүппэт эбит.

Хайа да тыйыс хааннаах эр киһи айаҕа аһыллар, сэһэн-сэппэн өһүллэр уораҕайа  булт тэрилин атыылыыр маҕаһыын! Кырдьыга даҕаны, булт абылаҥар куустарбыт эр бэртэрэ уонна хантан алтыһыахтарай! Оттон эһиги анааран көрбүккүт дуо, булчуттар уонна геологтар хайдах үөруйэхтик хамсанан ыарахан рюкзактарын көхсүлэригэр сүгэллэрин? Отой атын хамсаныылар. Болҕойон көрөөрүҥ эрэ.

— Мин туохха да биэрбэт быһахпын көрдөрүүм эрэ,- рюкзагын түмүл быатын сыыйда уонна үгүмэн элбэх сыл туттуллубут, сытыыланан-чочуланан биитэ синньээбит, өҥө суппут тирии кыыннаах саха быһаҕын хостоото. Соһутта. Чахчы харыһыйар киһи кэпсээтэ:

— Бэйи, эн сэҥээрбит кэриҥнээххин. Кэпсиим, бу туохха да тэҥнэммэт саха быһаҕа хайдах миэхэ тиксибитин. Эн сахаҕын, эн итэҕэйэҕин саха быһаҕа тыыннаах иччилээҕин. Мин идэтийбит геолог аатырыахпыттан, сылы көтүппэккэ манна, Саха сиригэр, сир баайын көрдүүр экспедицияҕа үлэлиибин, — кугас бытык быыһынан мүчүҥнүүр: — Халыҥ тайҕаны, бүппэт систэри кэрийэн сэниэм быстан, аны отой төннүбэппин диибин ээ, күһүн аайы. Суох, саас кэлэрин күүтэбин, эмиэ бырдахтары кытта күөн көрсөөрү тиэтэйэбин! Дьэ, эдэр исписэлиис астынабын, өттүкпэр харыс усталаах, килэрийбит-халырыйбыт ньиэмэс омук аатырбыт кынчаала, эн көмүскэлиҥ мин диэбиттии курбун аллараа тардара астыга. Сыаналаах этэ, харчым нэһиилэ тиийэн атыыласпытым баара.

Үлэ кэнниттэн мустан, отуу уотун тула олорон аһыыбыт. Отуу омуннаах кэпсээнэ буруо сылаас тыыныгар олорсон, сэттис халлааҥҥа харбыалаһар. Сирдьиппит саастах саха, булчут. Кэтит куругар сэмэй, тирии кыыннаах саха быһаҕа саспыт. Эдэр киһиэхэ кэпсииллэр, тыын былдьаһыгар саха быһаҕа биитэ уһуур дьиктилээҕин. Аһары түһэн, саха быһаҕа дириҥ далайга да түстэҕинэ тимирбэт, хайаан да иччитигэр төннөр үһү. Эс, оттон айылҕа сокуона? Итэҕэйбэтэҕим. Тула олорооччулар күө-дьаа тэптэрэллэр – эн уонна сирдьит быһаҕын күөлгэ тимирдиэххэ! Ким быһаҕа күөл сирэйигэр дагдайан төннөрүн көрүөххэ. Долгуйбаппын, иккиэн тэҥэр хааларбыт биллэр дьыала. Илии охсуһабыт. Киһим ыгылыйбыта көстүбэт, ама, эргэ быһаҕы того харыһыйдаҕай…

Тыы икки өттүнэн быһахтары тэҥҥэ ууга түһэрдилэр. «Чоп!» — күөл ньуура мэниктээн ылла. Чуумпурабыт, кэтиибит. Күүттэрбэтэ, уу дьэҥкир сиэркилэтин тыастаахтых тэһэ көтөн, саха быһаҕын уга күөрэс гынна! Соһуйбут, хомойбут дьүһүммүн көрөн буоллаҕа, сирдьит быһаҕын: – «Доҕор оҥоһун, бэйэҕиттэн араарыма», — уокка ас кээһэн алҕаан миэхэ биэрбитэ. Балачча булумахтанан, мин кынчаалбын күөл көппөх түгэҕиттэн буллум. Саха быһаҕын чараас биитэ уонна хатыҥ тэллэйиттэн оцоһуллубут уга тэҥ усталаахтар. Ол иһин хайа да ууттан быһах уга биир-икки тарбах дагдайан тахсар кистэлэҥнээх эбит, Манна эттэххэ, дойдубар бу ньыманан элбэхтик доҕотторбун соһутарым. Ымсыырдарым, — атыылаһааччы быһаҕын кичэйэн тутан-хабан кыыныгар кистээтэ уонна рюкзагар укта. Уутугар-хаарыгар киирбит киһи сэҥээрбит истээччитин болҕомтотун тутар:

— Эһиги дойдугут биллибэт кистэлэҥнэрдээх. Кистэлэҥэ киһини абылыыр даҕаны, куттуур даҕаны күүстээх. Оннук дьикти сир! Мин өйдөөбүтүм – манна айылҕаны кэрэһэлиир, сиэри-туому тутуһар киһи олоруон сөптөөҕун, — уу сахалыы үгэһинэн тарбахтарын тыҥырахтарынан бииртэн биир биини сыыйа сүүрдэр, кыҥыыр. Быһах угун ытыһыгар бобо тутан билгэлиир:

— Дьикти түгэни ахтыым. Бу сайын хотугу улуус уһуктаах хайаларын, халыҥ тыатын батан үлэлээтибит. Алыһардаах — тыһыынчанан кус хонон ааһарынан, эмис балыгынан аатырбыт күөл. Киэҥ таһаата уҥуоргу туруору таас хайаҕа иҥнэр. Хоту эҥэринэн нэлэмэн туундара көҕөрүмтүйэр. Олохтоох сахалар этэллэринэн, тоҥ күөс быстыҥа үрдүк долгуну хайыта эрдэн тыынан уҥуоргу кытылы булуохха сөбө үһү.

Суугунуур күөх тыата, лыахтаах алаастара киһи таптаан олохсуйуох кэриҥнээх. Ол гынан, үһүйээн кэпсииринэн, бу түөлбэни олохтоохтор ырааҕынан тумналлар эбит. Ол туспа, ураты ыарахан ис төруөттээх. Быдан дьыллар аннараа өттүлэригэр, өссө нуучча ыраахтааҕыта түүлээҕинэн дьаһаах хомуйар үйэтигэр, күөл кытылын кыйа элбэх дьон тоҕуоруһан олорбут. Эр дьон бултуур, балыктыыр. Дьахтар аймах балаҕаннарыгар түбүгүрэр, оҕолорун такыйар эбит. Уу холку олохторо үтүмэн үйэлэргэ устуо диэн эрэллэрин сааскы этиҥ халлааны хайыппытыы хара дьаҥ имири соппут. Аҕыйах тыыннах ордубуттар ытык сирдэрин тиһэх төгүлүн аһатан, ытаан-соҥоон чиэски сиргэ күрэммиттэр. Дьоллоох дьонноох Алыһардаах ити хара күнтэн ыла тулаайахсыйбыт.

Кэлин булчуттар күөл кытылынан сыыдам аттарын тиҥилэхтээн ааһаллара үһү. Онтон күөл килэрийэр иэдэһинэн сииктээх туман сирийэ сүүрдэҕинэ, тумантан таҥыллыбыт дьон халлааҥҥа тиийэ харбыалаһаллар үһү. Инчэҕэй бэйэлэрэ ууга тимирбэккэ, кытылга кыбыллыбакка күөл ньуурунан субуллаллара кими эрэ, тугу эрэ  көрдүүр-ирдиир курдуктар үһү.

…Ол күн мин дьуһуурустубалыыр уочаратым кэлэн, ас астыы лааҕырга хаалбытым. Сайын устата маахта «тушенканы» уонна «килька» кэнсиэрбэни утары көрбөт буола салҕабыт. Дьонум тыаттан, хайаттан төннөллөрүгэр балыгынан күндүлээри, эрэһиинэ тыынан күөлгэ илим үтэ киирэбин.

Мэник долгуҥҥа охсуллан, эрдиини билиммэт эрэһиинэ эристиин илими түһэрэри атахтыыр. Балай эмэ бириэмэ ааста. Халтай мөхсөрбөр аралдьыйан, күөлгэ туман салгына түспүтүн билбэккэ хаалабын. Эмискэ тымныы сииги эҕэрийэн дьэ, этим -сааһым «дьыр» гынна. Уолуйан-куттанан, ким миигин быыһыай диэбиттии тула көрөбун. Дьэ түбэстэхпиэн! Тымныы уу хараҥарбыт таммахтара туман илиилэр курдаттыы көстөр тымырдарынан сүүрэллэр. Санаабар, сибилигин ситэн тыыбын түҥнэри тардыах айылаахтар.

Туман дьон күөлү тэлэйэ сүүрэллэр, сыыдамнара эчи. Эмиэ да халлааны өрө сүгэллэр, эмиэ да ыарахан «кирпииччэлэринэн» уу нэлэмин хам баттыыр курдуктар. Үрдүбэр ытыллан таҕыстылар, илиилэринэн сыыһа-халты харбаатылар, оо, тарбахтара уһунуон… Тыым эрэһиинэ ойоҕосторо туман ыар ыйааһыныттан аллараа, балайга баттанар курдуктар. Төһө өр маннык мучумааннаммыппыт өйдөөбөппүн, син кытылы булбут этим.

Киэһэ мустубут дьоммор кэпсиэхпин, куттаммыппын күлүөхтэрэ диэн саараабытым. Хата, дьонум сэрэйэн, туохха түбэстиҥ кэпсээ, искэр тутан «хоннорума» диэн сүбэлээтилэр. Хайыахпыный, сиһилии кэпсээтим. Истээччилэрим бары да истэн салыннылар холооннох. Киэһээҥҥи ньуурай чуумпуга харахпыт күөлтэн арахпат. Кэмниэ кэнэҕэс, саастаах саха геолог сөһүргэстээн уокка арыылаах лэппиэскэ биэрдэ, бэйэтин тылынан ботугураан үөһээ дьонтон көрдөстө. Миэхэ туһаайан: – Эдэр киһи, эн куттаныма. Олохтоох дьон этэллэринэн, «туман дьон» табыллар түбэлтэлээх киһиэхэ көстөллөр, — диэтэ.

Кырдьык, сарсыҥҥы күн мин лотуогум түгэҕэр кумах быыһыгар сайыҥҥы ыарахан үлэбит кэрэһитэ –күлүмүрдүүр кыырпах күлүм гыммыта!

Геолог кэмниэ кэнэҕэс быһаҕы талла. Кини саха быһаҕын уолун тохсус төрөөбүт күнүгэр бэлэхтиир ыра санаалаах эбит.  Этэҥҥэ буол, айан киһитэ.

 Петр Павлович Чириков

+1
25
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
6
+1
0