Тулунаҕа “Көмүс күһүн бэлэҕэ” быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ
Бу кэмҥэ ханна да буоларын курдук, биһиги »Татыйык» уһуйааммытыгар »Көмүс күһүн бэлэҕэ» быыстапка-дьаарбаҥка үрдүк таһымҥа ыытылынна.
edersaas.ru
Түөрт бөлөх түөрт дьыл кэмэ буолан дьаарбаҥкалыыр миэстэлэрин киэргэттилэр. Иитиллээччилэрбит, төрөппүттэрбит, уһуйааммыт үлэһиттэрэ бары көхтөөхтүк, биир санаанан үлэлээбиттэрэ харахха тута быраҕылынна, саалабыт тупса түстэ. Төрөппүттэр күүстэринэн дьаарбаҥкаҕа туох суоҕуй?! Бары-барыта баар: барыанньа, салаат арааһа, борщ, мииҥҥэ кутуллар оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут тума эгэлгэтэ, хонуу лууга, тууһаммыт тэллэй… Ийэлэр, эбээлэр астаабыт минньигэс астара »Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн саха өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэҕин бигэргэттилэр.
Сайыны быһа бүөбэйдээн, уу кутан, буорун көбүтэн үүннэрбит оҕуруот астарын икки ардыгар »Саамай — саамай…» күрэх түгэннэрэ биир долгутуулаах тыҥааһыннаах түһүмэҕинэн буолла. Ол курдук, “Саамай улахан кабачогу” (3 киилэ 226 кыраамнаах) Тимур Тарабукин, “Саамай улахан помидору” (178 кыраам) Валерия Константинова, “Саамай бөдөҥ хортуосканы” (988 кыраам) Милана Атласова, “Саамай улахан моркуобу” (396 кыраам) Милана Атласова, “Саамай бөдөҥ оҕурсуну” (1 киилэ 570 кыраам) Сахалина Троева, “Саамай улахан сүбүөкүлэни” (1 киилэ 368 кыраам) Милана Атласова, “Саамай минньигэс биэрэһи” (146 киилэ) Сахалина Троева, “Саамай улахан тыкваны” (8 киилэ 405 кыраам) Элеонора Троева, “Саамай минньигэс арбуһу” (1 киилэ 60 кыраам) Сахалина Троева аҕалан соһуттулар.
Ону тэҥэ киһи илиитинэн да чочуйан оҥорботор, айылҕабыт бэйэтэ айан оҥорбут »Дьикти дьиибэ оҕуруот аһа» диэн муннукка дьон сөҕө-махтайа тоҕуоруста.
Быйылгы сыл Экология сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн бырааһынньыкпыт биир түһүмэҕинэн »Чыычаахтары харыстааҥ» диэн чыычаах уйатын оҥорууга күрэхтэһии буолла. Манна бииртэн-биир, кэрэттэн-кэрэ хатыламмат араас дьикти чыычаах дьиэлэрин көрдүбүт. Күрэххэ 18 үлэ киирбититтэн 1 миэстэни Элеонора Троева дьиэ кэргэнэ, 2 миэстэни Павел Тарабукин дьиэ кэргэнэ, онтон үһүс бочуоттаах миэстэни кыракый Эрэл Колодезников дьиэ кэргэнэ ыллылар. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу суруктар туттарылыннылар.
Маннык түмсүүлээх үлэҕэ төрөппүт уонна уһуйаан биир ситиминэн, биир санаанан, биир салгынынан тыынан олороллоро көстөр. Төрөппүттэрбит биһиэхэ күүс-көмө буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтиэхпитин баҕарабыт.
Ити курдук, самаан сайыммыт маанылаан бэрсибит бэлэҕин биир түгэҥҥэ бэлиэтээн аастыбыт.
Татьяна ВАСИЛЬЕВА, иитээччи.