Светлана Егорова (Габышева) — Тулуйхаана айар үлэ абылаҥар эдэр эрдэҕиттэн ылларбыта.
Маҥнайгы хоһоонноро олохтоох ааптардар “Чэчир” диэн литературнай түмсүүлэригэр бэчээттэммитэ. Кинигэлэригэр киирии тыллары бөлүһүөк-суруйааччы К.Уткин-Нүһүлгэн, бэйиэт Христофор Горохов-Элгэстэй, саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин суруйбуттара.
edersaas.ru
Хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тиһигин быспакка бэчээттэнэллэр. Тулуйхаана литература араас жанрыгар холонон, 8 кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэхтээтэ. Үгүс ааҕааччы үөрэ-көтө бэлиэтииринэн, кини кинигэлэрэ ис хоһооннорунан эрэ буолбакка, кыраһыабай көстүүлэринэн, хаартыскаларынан, уруһуйдарынан баайынан уратылаах буолаллар. “Тохтобул” диэн кинигэтигэр саха дьахталларыттан бастакынан сахалыы тылынан рубаи суруйан, литература эйгэтигэр биир сонун көстүүнү киллэрбитэ. Кинигэ илиигэ тута-хаба сылдьан ааҕарга киһини астыннарар, арыйаат да, илиҥҥи дойдулар храмнарыгар киирэн эрэр курдук сананаҕын.
Ааптар өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар литература куонкурустарыгар кыттан элбэхтик биһирэннэ. Элбэх хоһооно ырыа буолан ылланна. Ол курдук, Саха сирин норуодунай артыыстара Екатерина уонна Алексей Егоровтар Тулуйхаана 5 хоһоонун ырыа гынан көтүппүттэрэ. Олортон “Суһуох”, “Махтаныаҥ дьылҕаҕар” ырыалара уостан түспэт ырыаларга кубулуйдулар.
Светлана Георгиевна хоһоонунан хоһуйуу абылаҥар ылларбыт дьоҥҥо эмиэ ураты болҕомтолоох, үтүө сүбэһит. Алта ааптар хоһооннорун ырытан, “Тыл хомуһуна хонноҕуна” диэн туспа кинигэ оҥорон, поэзияҕа, хоһоону суруйууга бэйэтин билиитин үллэстэн, саҥа суруйар дьоҥҥо туһалаах сүбэлэри-амалары биэрбитэ.
Аҕыйах тылынан элбэҕи этии
Тулуйхаана рубаи суруйарыгар:
“…Сахалыы саҥардан, холонон көрөммүн –
Мин айар таһыммын дьиҥ чахчы тургутуом…”,
— диэбиттээҕэ. Ол да курдук, кини поэзия хонуутуттан тэйэн хаалбакка эрэ прозаҕа ылсыһан, “Аартык арыллыыта” диэн кинигэтин туһунан санааларбын үллэстиэхпин баҕардым.
“Аартык арыллыыта” диэн кинигэтин ааҕа иликпинэ, ааптар прозаҕа киирэригэр аартыга арылларын таайтаран эппит диэн санаан ыллым. Онтон кинигэни ааҕан баран сөбүлэстим. Тоҕо диэтэххэ, Тулуйхаана проза курдук биир улахан жанрга бэйэтин уонна ааҕааччытын бэлэмниир курдук, 7 тэттик кэпсээни киллэрбит. Этэллэрин курдук, ханнык баҕарар кэпсээн кээмэйинэн сыаналаммат, кыра кээмэйдээх айымньыны суруйуу ордук уустук. Онуоха аҕыйах тылынан элбэҕи этэр сатабыл, талаан наада. Суруйааччы, «100 кэпсээн» ааптара Николай Габышев эппитинии, кылгас кэпсээн аҕыйах тылынан элбэҕи этэр, киһи “һык” гына түһэр уобарастардаах буолар.
Уобарастар Тулуйхаанаҕа бааллар. “Харах уулаах Кыайыы күнэ” диэн кэпсээнигэр ийэтэ Анисия Гаврильевна Габышева кэпсиир кэпсээнинэн, сэрии кэминээҕи саха кыыһын, дьахтарын бүттүүн уобараһын арыйар. Кэпсээн сүрүн дьоруойа сэрии бүппүтүн туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрэр долгутуулаах мүнүүтэтин уһун олоҕун биир дьоллоох түгэнинэн ааттаан:
“Сахалар биһиги да улахан үөрүүлээх түгэҥҥэ харахпыт уутуттан кыбыстыбакка үөрүүбүтүттэн ытыыр буолар эбиппит. Дьон-сэргэ итинник үөрбүтүн-көппүтүн кэлин бырааһынньыктарга түбэһэн көрбөтөҕүм”, — диэн харах уулаах Кыайыы күнүн эдэр ааҕааччыга билиһиннэрэр. Манна даҕатан эттэххэ, кэпсээннэргэ харах уута балачча элбэхтик көстөр: харах уулаах кыайыы күнэ, туора киһиттэн хаһан да «сээн» дэппэтэх тулаайах кыысчаан уйадыйан, саҥа таһааран ытаан барара уо.д.а.
Тулуйхаана кэпсээннэрин биир уратытынан кини хас биирдии сэһэргээһинин айылҕаны ойуулааһынтан саҕалыыра буолар. Айылҕаны таба ойуулуур, ааҕааччыны ол эйгэҕэ киллэрэр талаан суруйар киһиэхэ барытыгар бэриллибит ээ. Сахабыт сиригэр «сыдьаайар сырдык күннээх саас», «сири-буору ньүөлсүтэр сайыҥҥы ардах», «кыһыҥҥы халлаан соҕотох муҥур хотуна кытархай күн» төрөөбүт дойдугар ахтылҕаны уһугуннараллар. Кини, бэл, сөмөлүөт иһиттэн одуулуур: «Үрүҥ күн барахсан халҕаһа былыттары уҥуордаан, ардыгар сэгэччи тыган сэргэхситэр, оонньоһордуу күлүмнүүр, көстө-көстө саһан хаалар…». Аны Сахабыт сирин уратытын: «Биһиэхэ, сахаларга, түптэ сыта суох -– сайын суох, будулуйар тумана суох -– кырыа кыһын суох», -– диэн бэрт бэргэнник этэн кэбиһэр.
Кини кэпсээннэрэ социальнай уонна иитэр-үөрэтэр хайысхалаахтар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Хас биирдии кэпсээнигэр киһи киһиэхэ сыһыана, кыаммакка-кыһалҕалаахха көмөлөһүү, оҕоҕо, төрөппүккэ таптал, үөрэххэ тардыһыылаах оскуола оҕолоро омук сиригэр баран кимтэн да итэҕэһэ суох туйгуннук үөрэнэллэрэ, саха омугун үрдүктүк ааттаталлара, саха тыла симэлийбэтин туһугар оҕоҕо тылга тапталы иҥэрии, инники кэскили да сарбыйыан сөптөөх күннээҕи кыһалҕалар уо.д.а. көрдөрүллэллэр.
«Олоххо туох куһаҕан буола турарын уус-уран айымньыга көһөрөн аҕалыы, ааҕааччыга тириэрдии үчүгэйэ суох. Онон, ортотунан сылдьыы ирдэнэр курдук», -– диэн ааҕан турардаахпын. Ити тылларга «Кыамматы атаҕастаама» диэн кэпсээн дьоруойа Анна Гаврильевна: «Ааспыт олохтон атаҕастабылы ааҕа, хомолтону умнубакка хомуйа сылдьыы -– кэскилэ суох дьыала буоллаҕа», -– диэн сөбүлэһэн ылар. Ол эрэн, «Чахчы оннук эрээри, мин бу уһун олоҕум тухары кыра тулаайах эрдэхпинэ, саҥаспыттан Арыппыастан атаҕастаммыппын умна сатыыбын да, ол ааспыт сыллар оспот баас буолан, син биир саната сылдьаллар эбит…» -– диэн кини ааспыт олоҕун кэпсиир кэрчигэ муус да сүрэхтээҕи уулларыах курдук.
Ааптар сибилигин буола турар түгэни кэпсиир кэмигэр биһиги, сахалар, бары билэр суруйааччыларбыт ахтыллан, миэстэтигэр киирэн биэрэллэрэ уус-уран айымньытын өссө дириҥэтэн биэрэллэр, көлүөнэлэри ситимнииллэр. Ол курдук, «Бэйэҥ кыаххар эрэн» кэпсээнигэр ааҕааччы оскуола оҕолоро Дайааналаах Тимуру кытары элбэх суруйааччы олоҕун, үлэтин билсэн ааһар. Дьэ, бу манна суруйааччы Тулуйхаана эмиэ учуутал идэтин талан, өр сылларга оскуолаҕа үлэлээбит үөрүйэҕэ, билиитэ-көрүүтэ, онтон суруйааччы буолбутугар улуу суруйааччыларга махтала этиллэр курдук.
«Кинилэр биһиги төрөөбүт тылбытын, төрүт культурабытын, ытык укулааппытын тарҕатааччыларбыт… Суруйааччылар, бэйиэттэр норуот туһугар айымньыларын суруйаллар, хоһооннорун айаллар. Эһигини ааҕыахтара, олохторугар туһаныахтара, саха тылын сайыннарыахтара диэн итэҕэйэн».
Саха оҕото саамай күндүтүн атын киһини кытары үллэстэр айылгылаах. Ол суруйааччы Светлана Егорова-Габышева кэпсээннэригэр элбэхтик көстөрө кэрэхсэбиллээх. Кини оҕолор, сиэннэр улаатан үлэһит киһи буолуохтарыгар диэри майгылара-сигилилэрэ, омук быһыытынан уратыларын билинэ улаатыылара киһи эрэ санаатын көтөҕөрдүү кэпсэнэр. Кырдьыга да, олох күлүм гынан ааһар сылаас түгэннэрэ кинилэрэ суох хайдах да сатаммат.
Тулуйхаана саҥа кинигэтэ эдэр да, эмэн да ааҕааччыга элбэх саҥаттан саҥа санааны саҕыаҕа. Ол курдук, кини хас биирдии кэпсээнигэр норуот ох тыла, бэргэн этиилэрэ элбэҕин ааһан, чопчу миэстэтигэр киирэн биэрэллэр, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар.
Суруйааччы тэттик кэпсээннэрин түмүктэрэ үтүө санааны саҕаллар. Бэйэтэ этэринии: «Олох үтүөтэ, үөрүүтэ-көтүүтэ мөкү өрүттэрдээҕэр элбэх. Дьоҥҥо маҥнай үчүгэй эрэ өрүттэрин көрөргө үөрэн, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕар. Оччоҕо эйигин кытары эмиэ үчүгэй эрэ эҥэрдэһиэ. Киһи барыны бары үчүгэй эрэ өттүнэн ылынан, сырдык ыра санаанан салайтаран сылдьыахтаах».
Суруйааччы — бэйэтин кэмин, олорор үйэтин сиэркилэтэ. Cветлана Егорова-Тулуйхаана поэзияҕа уонна прозаҕа кинигэлэрин кэнэҕэски ыччаттарбыт ааҕар айымньыларынан буолуоҕар эрэллээхпин.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru