«Тулуйдум эрээри, кэмсинэрим элбэх…»

Ааптар: 
06.08.2022
Бөлөххө киир:

Арыгылааһын, киниттэн тахсар алдьархай, арааһа, аҕыйыахтааҕар дэлэйэн иһэрин, бүтүн норуот кэскилин сарбыйар кутталлааҕын туһунан, этэргэ дылы, кумааҕы уйарынан сурулунна ини, суруллубата ини.

Араас таһымнаах мунньахтарга улахан үөрэхтээхтэрбит, норуот туһугар ыалдьар тумус туттар дьоммут эттилэр ини, эппэтилэр ини. Арыгы обургу дьаара дьалты хаампыт ыала, аймаҕа, арааһа, суоҕа да буолуо. Бэйэҥ дьиэ иһинээҕи эр дьонуҥ этэҥҥэ буоллахтарына, чугас, хаан-уруу аймахтаргын, убайгын, бырааккын, күтүөт уолгун «абылаабыт», олохторун огдолуппут арыгы айдаана кими баҕарар таарыйар, долгутар, аймыыр…

Оччоттон баччаҕа диэри арыгыга ылларбыт эр киһи эндирдээх, түһүүлээх-тахсыылаах олоҕун туох баар эрэйин дьиэ иһигэр саҥата суох, санныгар сүгэ сылдьааччынан ыал ийэтэ буолар. Төһөлөөх ыал ийэлэрэ эдэр, эрчимнээх саастарын иһээччи буолбут эр киһини кытта эриһэн, эллэһэн билбэккэ хаалаллара, олох үөрүүтүттэн үксүттэн матан үйэлэрин моҥууллара буолуой?! Саҥата суох илдьэ сылдьан дууһа түгэҕэр эрэйдэнии, санньыар санаа, ийэ эрэйдээх баттаҕын эрдэ маҥхатар, кэмин иннинэ сааһын сарбыйар.

Өрдөөҕүтэ үлэбинэн командировкаҕа сылдьан, оннук дьылҕалаах ийэни көрсөн ааспытым өйбүттэн-санаабыттан арахсан биэрбэккэ, бүгүҥҥү суруйуум төрүөтүнэн буолла. Сайыҥҥы, намыын киэһэҕэ сөп түбэһиннэрэн, дууһатын аспыт ийэ кэпсээнэ, баҕар, биир эмэ ыал аҕатын, эр киһи, уол болҕомтолоругар ылыллан, тугу эмэ өйдөтөөрөй, туох эмэ санааларга тиэрдээрэй.

Урут командировкаҕа сылдьан сопхуос хонтуоратыгар, эбэтэр сэбиэт дьиэҕэ тохтуугун, онтон онно-манна бараҕын. Оннук хонтуораҕа кэлэ-бара сылдьан, дьиэ хомуйааччынан үлэлиир Акулина Ивановналыын билсибиппит. Биир киэһэ отчуттары кэрийсэн кэлэн баран, гостиницабар тахсаары олордохпуна кини миигин дьиэтигэр ыҥырбыта. Гостиница олоҕуттан салгыбычча, кинини кытта дьиэтигэр барсыбытым. Сайын барахсан үгэннээн турара. Тыа ыалын киэһээҥҥи түбүгэ, үлэтэ-хамнаһа бүтүө ырааҕа.

— Билигин аҕыйахпыт. Аҕабыт, уолаттар окко сылдьаллар. Кыралар, оҕуруокка үлэлээччилэр эрэ дьиэҕэ бааллар, — диэн Акулина Ивановна элбэх киһилээх дьиэ кэргэнин аа-дьуо билиһиннэрбитэ.

Чороччу улаатан эрэр эмдэй-сэмдэй уолаттар чэйдээт, таһырдьа ыстаммыттара. Акулина Ивановна ынахтарын ыан киирбитигэр сөп-сөрүүн салгыҥҥа, күүлэҕэ чэйдиэх буолан истэхпитинэ, дьиэ таһыгар матасыыкыл тохтуур тыаһа иһиллибитэ.

Күө-дьаа ньамалаһан кэпсэтэр саҥа кэнниттэн тэлгэһэни итирик киһи эгэлгэтэ биллибэт күргүйдүүр, көбүөлүүр былаастаах саҥата, онтон үөгүтэ-хаһыыта ылан кэбиспитэ. «Мин кэллим» эрэ диэни өйдөөн хаалбытым. Акулина Ивановна ойон турбута, киһини көрөөт дэлби ыксаан, сирэйэ кытаран хаалаахтаабыта.

— Аҕабыт киирбит дии. Бу үлүгэр куйааска үлэлээбэккэ тоҕо өрө-таҥнары тиэллэ сылдьар дьонуй? — диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ кэргэнигэр утары тахсыбыта.

Сотору сэрэнэн соҕус «дорообо-дыраастый» түһэрэн, дьиэлээх хаһаайын киирбитэ. Элбэҕи этиэ-тыыныа, саҥарыа эбит да, кыаҕа да кыра, кыбыстыбыта да быһыылааҕа, хоһугар киирэн «ыллыы-туойа» түһэн баран утуйбута.

Акулина Ивановна үөрэ-көтө сылдьыбыт бэйэтэ санаата түһэн хаалбыта. Өр чэйдии олорбокко тэпилииссэ диэки хаамсыбыппыт.

— Дьэ итинник, биһиги ыал ыалдьыты да киһилии, өйдөөх көрсөрбүт ахсааннаах. Дьылҕа оннук быһыылаах, аны кэлэн ити оҕонньор көммөт буоллаҕа, — диэбитэ. Онтон тоҕо эрэ санаатын тоҕо тэбиэн баҕарар түгэнэ түбэспитинии, үүнээйилэригэр уу кута-кута аргыый кэпсии олорбута.

— Биһиги улахана суох дэриэбинэбит да, эр дьоммут үгүстэрэ, кырдьаҕастыын-эдэрдиин иһэллэр. Сорохтор син аһара барбат курдук аһыыллар ээ. Оттон мин киһим, этэргэ дылы, саллар сааһын тухары истэ. Өссө бу кэлиҥҥи сылларга, доруобуйата мөлтөөн, арыый аҕыйаппыт быһыыта. Син биир тохтоон хаалбат эбит. Ыалдьан кэһэйэр да, аҕыйах күн аастаҕына умнан кэбиһэр.

Аат аһын олох да оҥорботторо буоллар диибин ээ, бобон-хаайан туһата суох быһыылаах. Кыралаан иһэрин билэ-билэ кэргэн тахсыбытым. Арыгыны амсайбат да киһини булар уустук этэ. Ол саҕана эдэргин, уһуну-киэҥи санаабаккын даҕаны. «Оҕолонноҕуна иһиэ суоҕа, буойуом, тутуом» диэн хорсуннук сананаҕын. Суох буоллаҕа дии. Оҕолор сыры-сыллата төрөөн испиттэрэ, кини иһэрэ-аһыыра аҕыйыахтааҕар сыл аайы элбээн испитэ. Этэллэрин курдук, төһөнөн иһэр да, этэ-хаана ирдиир, тулуппат буолбута быһыылааҕа.

Аны санаатахха, ол үлүгэр эрэйи эдэр, сэниэлээх эрэ буолан тулуйбут эбиппин. Күнү быһа оҕолору көрүү-истии, оҕо саадыгар, үөрэххэ тэрийии, ол быыһыгар онно-манна кыра үлэлэргэ үлэлээн харчы эбинэ сатааһын айдааныгар сырыттаҕым дии. Киһим хамнаһын сыыһын ыллаҕына, сороҕун эрэ ордорон аҕалар этэ. Хонтуораттан саҕалаан хаһан гараастары, хочуолунайдары, ыаллары кэрийэн ыкса түүн дьиэтин булуор диэри бүтэр.

Кэлэн баран, сүгүн утуйан хаалыа дуо, саҥата суох бэйэтэ хамаандаһыта, куолута, үөрэтэлиирэ дьэ киирэр. Баҕар, айдааран, ыһыытаан да туруо эбитэ буолуо, ааттаһан-көрдөһөн утута эрэ сатыыгын. Онно төһөлөөх сэниэҥ, ньиэрбэҥ барара буолуой. Оҕолуун-уруулуун кини хаһан уоскуйан утуйуор диэри атахпытыгар сылдьабыт. Оҕолорго киһилии уруок ааҕар усулуобуйа кэлиэ дуо, суох этэ. Онон да буолуо, биир да оҕо аанньа үөрэҕи ылбатылар. Оннук сылдьар киһи дьиэҕэ көмөтө кыра, онон уолаттар олох кыраларыттан дьиэ ис-тас үлэтин бэйэлэрэ дьаһайан кэбиһэллэр. Ол үрдүнэн киэһэ аҕабыт кэлэн «ол сыыһа, ити сыыһа» диэн сэмэ-суҥха бөҕөнү түһэртиир.

Олус тулуйбаккабын, хас да төгүл арахсан барар туһунан санаталыы сылдьыбытым. Оҕолорум 2–3 эрдэхтэринэ, сынньалаҥ олоҕу олорбут киһи диэн баҕаттан. Ол кэмҥэ хас да төгүл куораттан дэриэбинэ арыгыһыттарын эмтэтэлии кэлэ сылдьыбыттара. Онно күүспүтүнэн кэриэтэ хаста да эмтэтэ сатаабыппыт. Аҕыйах ый сылдьан баран эмиэ иһэллэрэ.

Кэлин оҕо элбээн, бэйэҥ сааһыран баран ханна арахсан сүүрүөҥүй. Аны эдэр сааскыттан сөбүлэһэн холбоспут киһигин, оҕолоруҥ аҕаларын аһынарыҥ диэн эмиэ баар. Мин оҕолорбун сиэппитинэн туран баран хаалбытым буоллар, киһи буолбат ээ. Санаабар да сатаан баппат. Аны оҕолорум уолаттар, аҕата суох, соҕотоҕун улаатыннартыыр уустуга биллэр. Син өйүн быыһыгар диэбиккэ дылы, окко-маска, булка-алка батыһыннартаан үөрэттэҕэ дии.

Ол быыһыгар, туох кистэлэй, кэмсинэр, абарар санаалар ардыгар эмиэ аалан ааһаллар. Сааһым тухары тэҥнээх дьүөгэлэрим курдук нус-хас, киһилии олоҕу олорботум. Дьон курдук бырааһынньыктартан сэргэхсийбэккэ, үөрбэккэ-көппөккө кырыйдым. Бырааһынньык буолла да, нуорматын хас да төгүл иһиэн наада, ол манабыла-кэтэбилэ. Биирдэ эмэ, эдэр да сылдьан, кулуупка кэнсиэрдэргэ, ол-бу сэргэх биэчэрдэргэ сылдьыбатым. Киэһэ хойукка диэри дьиэтигэр суох буолар, оҕолору итирик киһиэхэ хаалларан кулууптуу олоруоҥ дуо. Син көргө-нарга көхтөөх, сэргэх киһи этим да, дьонтон-сэргэттэн эрдэ тэйдим. Оҕолор да улааталларыгар иһээччи киһи оҕото буолалларын эттэринэн-хааннарынан билбэккэ улааттылар диир кыах суох. Майгыларыгар-сигилилэригэр барыта көстөр. Ньиэрбинэйдэр, энчини тулуйбаттар. Мин, саатар арыгыны абааһы көрөр дьон буола улаатыахтара дии санаабытым. Хомойуох иһин, оннук буолбата. Аны оҕонньор арыый да түспэтийиитэ, уолаттарым иһэллэриттэн эрэйдэнэн эрэбин.

Аны кыыһым олоҕун көрө-көрө олох сүрэҕим ыалдьар. Иһээччи киһиэхэ түбэстэ. Маннааҕы буолбатах, атын дойду уолун батыһыннаран аҕалбыта. Бэйэбэр дылы, аҕыйах сыл иһигэр оҕоҕо баттатта. Эмиэ олоро сатаан муҥнанар.

Саҥа кэргэннэммит уолум эмиэ иһэр. Биир оҕолоохтор. Кийиитим сотору-сотору арахса сатыыр. Оҕотун илдьэ баран хааллаҕына уолум иэдэйэр. Бэйэбинэн охсон, кийииппин эмиэ аһынабын.

Кыыһым аах дэриэбинэ биир уһугар олороллор, кинилэр этэҥҥэлэрин билэ сатаан эмиэ муҥ. Бүгүн ити дьон киирбиттэр, күтүөт ходуһаттан эмиэ итинник туруктаах киирбит буоллаҕына, «хайдах хоноллор» диэн санааҕа ыллара олордоҕум бу.

Аҕабыт уолаттар арыгыны саҥа амсайалларын да саҕана тугу да саҥарбат этэ. Бэйэтэ испэт киһи эбитэ буоллар, ыаллар аҕаларын курдук буойсуо, туорайдаһыа эбитэ буолуо. Мин соҕотоҕун этэ-тыына сатаабытым диэн, салгыҥҥа саҥарбыт курдук.

Элбэх уолу улаатыннарар уустугун билээхтээтим. Санаабар, арыгы диэн дьон өйүн сүүйэр ас суоҕа буоллар, уолаттар барахсаттар ситэн-хотон улаатыылара, киһи-хара буолуулара үөрүү эрэ буолуо этэ буоллаҕа дии. Ону баара улааппыттарын, оскуоланы бүтэрбиттэрин арыгынан бэлиэтииллэр. Кыра саастарынааҕар киһини өссө түбүккэ түһэрэллэр.

Арыгыһыт буолуу ыарыы дииллэрэ дьэ чахчы быһыылаах. Аҕабыт сааһын тухары төһөлөөҕү испитэ буолуой, билигин ыарыы бөҕөҕө ылларан да баран быраҕан кэбиспэтэ. Сотору-сотору бүгүҥҥүтүн курдук буолан турар. Уолаттара бары дьиэҕэ буоллахтарына бэрт эрэйинэн туттуна сатыыр. Иккиэйэҕин олорон этэ сатыыбын: «Саатар кыра уолаттаргын санаа. Кырдьар сааспар сынньат», — диибин.

Арыт холуочук олорон махтанан ылан «абырыыр». «Эн баран хаалбытыҥ буоллар киһи буолбаппын. Бу курдук оҕолордоох, сиэннэрдээх олорбоппун», — диэн. Кырдьыга да оннук. Арыгыга букатын ылларбыт, муор-туор буолбут киһини хайа дьахтар сууйан-тараан, тэбээн-сахсыйан илдьэ олордоҕой. Арай эмиэ иһээччи дьахтар быстах доҕор оҥостуо эбитэ буолуо.

Дьахталлар арыгыга ылларан хаалаахтыыллар дии, ол өссө иэдээн дьыала. Ыал ийэтэ, хаһаайка арыгыга «абылаттаҕына» дьиэ-уот, оҕо-уруу эстэр буоллаҕа дии. Сорох дьахталлар иһээччи кэргэннэрин тулуйбакка, «олохпут ыараханыттан иһэбит» дииллэр. «Арыгы көҕүрэтиһэ сылдьан үөрэнэн хаалабыт» диэн буолар. Мин төһөлөөх элбэх остуолларга иһээччи кэргэммин кытта олорбутум буолуой. Араас түгэннэргэ, араас түбэлтэлэргэ. Оҕолорум инникилэрин быһан, дьиэбин-уоппун сабан, тэҥҥэ арыгы көтөхсөн, олохпун чэпчэтиэхпин өйдөөбөппүн. Ол кэриэтин көрбөтүгэр аат утаҕын суох гына, тоҕо олоруом, оннук көҕүрэтэн абырыам.

Дьиэҕэ-уокка олох-дьаһах хайдах буолара син биир дьахтартан улахан тутулуктаах. Ыйаах хайдаҕынан олоҕу олороҕун быһыылаах.

Мин сааһым тухары сынньамматым, баҕарбытым курдук олоҕу көрбөтүм. Билигин эдэркээн бэйэлээх дьахталлар эмиэ иһээччи кэргэннэрин кытта эрэйдэнэллэрин аһына көрөбүн. Арыт-арыт «сибилигин эрдэтинэ баран хаалыҥ, ити көммөт олох» диэхпин баҕаран кэлэбин. Оттон бэйэм уолум кэргэниттэн үүрүллэн, оҕотуттан тэйитиллэн, таһырдьа таах хаамарын санаатахпына сүрэҕим ыалдьар. Сылдьаллар дии уолаттар, хаарыан олохтохторун арыгыга атастаһан, кэргэннэриттэн арахсан. Барыларын киһи ийэ быһыытынан аһынар эрэ.

Акулина Ивановна бэйэтин биир саастыылаахтарыттан быдан аҕа көрүҥнээҕин бэлиэтии көрбүтүм. Сааһын тухары сынньалаҥы билбэтэх ийэ санаатын күүһүн, оҕолорун улаатыннартыыр, алаһа дьиэтин харыстыыр туһуттан элбэҕи да тулуйбутун сөҕө эрэ санаабытым.

Манныкка майгылыыр дьылҕаламмыт ийэлэр хас сир аайы бааллар. Чуумпутук, элбэҕи саҥарбакка олохторугар аргыс оҥостубут кэргэннэрин, күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтарын, оҕолорун, бары чугас дьоннорун арыгы курдук куһаҕан дьаллыктан тэйитэ сатаан, хайдах сатыылларынан, кыайалларынан туруулаһаллар.

Галина Нельбисова,

«Арыгыһыт кэргэннээх — сор» кинигэтиттэн быһа тардыы.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0