Бу күннэргэ Саха сирин бары улуустарыгар сандал сааһы илдьэ туллуктар кэллилэр.
edersaas.ru
Тыа сиригэр олорор дьон бу кэрэ хартыынаны күннэтэ илэ дуоһуйа көрөллөр. Оттон киин сирдэргэ олорор дьон хаартыскаҕа эрэ көрөн астынабыт. Бу күннэргэ айар куттаах Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ туллуктары түһэрбит хаартыскалара батсаап ситиминэн киэҥник тарҕанна.
Туллуктар барахсаттар, сааскы ылааҥы күн илдьиттэрин күннээҕи олохторо — киинэ лиэнтэтин кэриэтэ.
Син эмиэ дьон курдук, туохтан эрэ тапсыбакка, «этиһэн», кыыһырсан да ылаллар…
Атыттартан ойдон, оччугуйкаан сүрэхтэргэ таптал кыыма эмиэ умайар…
Күннээҕи мөккүөр, санаа атастаһыыта да ханна барыай? Син эмиэ дьон кэриэтэ…
Бу курдук туллуктар күннээҕи олохторун таба көрөн, Тымныы Полюһун — Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ хаартысканан бэртээхэй «киинэ»-дьүһүйүүнү оҥорон таһаарда.
— Тойтоҥолоһон, тойтоҥноһон сэргэх бэйэлээх чыычаахтар, туллуктар барахсаттар Орто дойду оһуордаах олоҕун кырачаан оҕокколоро, сүрэхпин үөрдэн, чуубу-чообу чубугураһан, чыыбы-чаабы чыыбыгыраһан сааскы күнү ырыанан толороллор. Кинилэр биир кэм күн солото суох сиргэ тохтубут эбиэс туораахтарын харса суох мотуйа-мотуйа ойуоккалаһа сылдьалларыттан киһи хараҕа манньыйар буоллаҕа. Ол иһин ити биир күн анаан туллуктары түһэрэн кэлбитим уонна биир дойдулаахтарым батсаап бөлөхтөрүгэр ыыппытым, улуустарынан тарҕаммыт, — диэн кэпсиир Өймөкөөн Сэмэнэ.
Уопсайынан, Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэрбит хаартыскалара өрүү интэриэһинэй буолан, үгүс киһи болҕомтотун тардаллар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru