Устудьуон сылдьан, сири-сибиири кэрийдибит ини, кэрийбэтибит ини. Биир кэмҥэ ыччат дьон мустан чугас дэриэбинэлэргэ гостуруоллуу бардыбыт. Күһүөрү кэм этэ, тымныйан, сир-дойду тоҥон эрэрэ.
Эдэр саас хаһан баҕарар бэтиэхэлээх, эрчимнээх, ырыалаах-тойуктаах. Оннук сылдьан кыраҕа кыһаммаккын. Мин массыынаҕа үрдэрэн, итииргии-итииргии таһырдьа тахсан, тымныйан, күөмэйбин кычыгылата-кычыгылата киирэр, тахсан биэрбэт сөтөл буулаата. Түргэнник уонна тута көмөлөһүө диэн олохтоох биэлсэртэн тымырга итии укуол ыллым. Аптекаттан эмп атыылаһан иһэ сатаатым да, туһа тахсыбата.
Оннук хахсыйа сырыттахпына, биир киэһэ, арай, биир киһи миигин көрөр. Кириэһилэҕэ маҥхайбыт астаах, чаҕылыйа сылдьар харахтаах, эһээм саастыыта киһи олорор эбит. «Хайа, тукаам, сөтөл киирэн баран тахсыбат дуу?», — диэн тыл кыбытан ылла. Мин ити икки ардыгар ол сөтөлүм туһунан умна охсон кэбиспиппин. Кэпсэттибит. Кэнсиэргэ мин кыттарбын, саҥарарбын-иҥэрэрбин истибитин, кытаатарым, маладьыаһым туһунан эттэ. Онтон «бэйи эрэ, оҕобор көмөлөстөхпүнэ, мин эрэ көмөлөһүүһүкпүн дуу», — диэтэ уонна сиэбиттэн тугу эрэ хостоон таһааран, ытыһыгар тутан, дьаҥ-дьаһах тумуннун диэх курдук тыллары туттан сибигинэйдэ. Ол кэнниттэн миэхэ утары уунна, «эмэ сырыт» диэтэ. Маҥнай билбэт киһим тоҕо миэхэ көмөлөһө сатыырын сатаан өйдөөбөтүм, саараан баран, ыллым. Куһаҕан амтаннаах буоллаҕына, төттөрү хостоон кэбиһиэм дии санаатым. Эмин тута биллим, глюкоза эбит. Үөрэ-көтө сиэн кэбистим.
Киэһэ оҕолорум массыынанан айаннаан иһэн «тыый, үтүөрбүккүн» диэбиттэригэр биирдэ өйдөөбүтүм, чахчы, хас да күнү быһа эрэйдээбит сөтөлүм суох буолбут, күөмэйим кычыгыланара сүппүт.
Эмтээбит киһибэр соннук махтаммакка хаалбытым. Кэлин алгысчыт, сахалыы туойар, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах-өстөөх киһи буоларын истибитим. Онтон ыла тыл күүһүгэр итэҕэйэбин. Оҕолорбор, чугас дьоммор тугу эрэ утары уунар буоллахпына, алгыыр санаалаах тиэрдэбин.
“Абааһылаах кэпсээннэр” батсаап бөлөхтөн.