Тулагыга оҕолор «күүлэйдээтилэр»

Ааптар: 
11.08.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Тулагыга оҕо лааҕырын үлэтэ күөстүү оргуйар. 

Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр орто оскуола аана сабыллыбат. Күннэтэ манна оҕо чуопчаарар куолаһа чугдаарар. Ол курдук, сайын устата үлэ-сынньалаҥ лааҕыра оҕолорго анаан үс болдьоххо үлэлиир. Атырдьах ыйын саҥатыгар киин куораттааҕы үөрэҕирии салалтата бу оскуола иһинэн үлэлиир оҕо лааҕырын базатыгар Тулагы Киллэм биир киэҥ арыытыгар Дьокуускай куорат үлэ уонна сынньалаҥ оҕо лааҕырдарын иитиллээчилэригэр анаан оттооһуҥҥа анаммыт   бастакы “Күүлэй-2018”  күрэҕи тэрийэн ыытта.

Манна Хатас уонна Тулагы Киллэм орто оскуолаларыттан 25 үөрэнээччи от охсон,  оллооҥҥо ас астаан күөн көрүстүлэр, бэйэлэрин кыахтарын холоннулар.

Тэрээһин саҕаланыытыгар, буоларын курдук, сири аһатан, салама ыйаан ыалдьыттар, сүүрбүт-көппүт салайааччылар оҕолору эҕэрдэлээтилэр. Дьокуускай куорат үөрэҕириитин салайааччытын солбуйааччы Е.А. Охлопков, «Тулагы Киллэм нэһилиэгэ» МТ баһылыга Е.Г. Попов уонна Тулагы оскуолатын дириэктэрэ И.С. Иванова оҕолору үтүө тылынан кыайыыга, ситиһиигэ кынаттаатылар.

Сотору  кэминэн хотуур сытыылыыр тыас иһилиннэ, күн оройо үүннэ, күүлэй саҕаланна.

Ол кэмҥэ оллоон тула үмүөрүһэн, үстүү киһилээх хамаанда чилиэннэрэ алаадьы астаан, отуу миинэ уонна иккис бүлүүдэ буһаран, доҕотторун тото-хана күнүскүлэрин аһаттылар. Күрэх бу түһүмэҕэр кыттааччылар бастакы, иккис миэстэлэри номнуо үллэстэ оҕустулар. Ол курдук, алаадьы астааһыныгар София Иванова(Хатас) – 1 миэстэ,  Валерия Прибылых (Тулагы Киллэм) – 2 миэстэ буоллулар “Отуу миинэ” күрэххэ:  Ньургуйаана Никифорова (Хатас) – 1 миэстэ, Кеша Тихонов  (Тулагы Киллэм) – 2 миэстэ.  Оллооҥҥо иккис бүлүүдэ буһарарга:  Вова Попов (Тулагы Киллэм) – 1 миэстэ, Света Слепцова (Хатас) – 2 миэстэ.

 Күүлэйгэ от охсуута түөрт көрүҥүнэн ыытылынна. Манна уолаттар 14 диэри уонна 14-18 диэри саастарынан икки бөлөххө арахсан, кыргыттар, «мотокосанан» охсууга, барыта холбоон 19 оҕо кытынна. Оҕолор чээлэй күөх ходуһаҕа киирэн эрчимнээхтик хамсанан барбыттарыгар, охсуллубут от сыта дыргыйа түстэ, саха хараҕа сылаанньыйда. Ким сымсатын, ким ыраас суоллааҕын, ким ордук уопуттааҕын бириэмэ көрдөрдөрүүтүнэн, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ сэттиэ буолан сыаналаатылар.

Улахан саастаах уолаттар уонна «мотокосанан» охсооччулар биир-биир бүтэн таҕыстылар. Кинилэртэн кыргыттар да, кыра да саастаах уолаттар улаханнык хаалсыбатылар. Бары бэркэ туттан-хаптан, сөптөөхтүк дьаһанан, утуу-субуу сирдэрин бүтэрэн, ылсыбыттарын тиһэҕэр тиэрдэн, кыайыыга дьулууру көрдөрдүлэр.

Күүлэйгэ сылдьыбыт эр дьон сытыы хараҕынан  Юрий Лыткины  (“Ыраас суоллаах” номинация), 12 саастаах  Эрик Афанасьевы  (“Саамай эдэр кыттааччы” номинация) хайҕыы көрдүлэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Тулагы уола Миша Васильев быйыл от ыйыгар Аммаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күүлэйгэ бастаан, матасыыкыл хаһаайынынан буолан турар. Мишаны үгүс дьон ыарахантан чаҕыйбат, кыра эрдэҕиттэн олус үлэһит оҕо быһыытынан билэллэр, хайҕыыллар. Онон бу да сырыыга кыайыылаах тахсыбыт, «Бастыҥ от охсооччу» аатын бигэргэтэн, уолбут аны тэлэбиисэр сүүйэн үөрүүтэ үксээтэ.

Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэри туруорарга үбүлээһини Дьокуускай куорат үөрэҕириитин салалтата уйунна. Саха төрүт үгэһин эттэринэн-хааннарынан билбит оҕолор тэлэбиисэр, микроволновка, мультиварка, метеоыстаансыйа, вай-фай роутер, иһит-хомуос — арааһы барытын холбоон 18 устуука дьиэҕэ-уокка туһалаах бириистэри ыларга сэртэпикээттэри туттулар. Онон үөрэҕирии салалтата оҕону үлэҕэ көҕүтэр бэртээхэй  тэрээһини саҕалаата. Бу күрэс тиһигин быспакка салҕанан барыа диэн икки бүк эрэллээхпит.

Тулагы оскуолата үлэ-сынньалаҥ этэрээтин (ЛТО) быйыл бэһис сылын үлэлэтэр. Ол иһин оҕолор оттуу үөрүйэхтэр, сыл аайы сатабыллара тупсан иһэр. Бу барыта, биллэн турар, күүстээх эр санааттан, оҕону батыһыннара сылдьан иитэр-үөрэтэр, такайар үлэттэн саҕаламмыта. Биэс сыллааҕыта эппиэтинэһи сүгэн, оҕолору окко таһаарбыт оскуола үлэһиттэрэ Н.Н. Цыпандин, Б.Е. Данилов, А.В. Атласов, А.С. Софронов бу күн куорат Дууматын аатыттан уонна дьокутаат Сергей Черных Бэлиэ суруктарынан наҕараадаланнылар.

Суолталаах тэрээһини тэрийэрбитигэр Тулагы-Киллэм баһылыгар Е.Г. Поповка уонна “Түһүлгэ” култуура киинин салайааччытыгар М.П. Игнатьевка өйөбүлэрин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Маны тэҥэ   оҕолорун туһугар өрүү кыһаллар төрөппүттэргэ Я. Ю. Федоровка, С. Г. Афанасьевка, З. Е. Ивановка уонна В.В. Григорьевка махтал истиҥ тылларын этэбит. Бу  аҕалар Күүлэйгэ үлэни сүрүннээччи буолан, ходуһаҕа оҕолору кытта тэҥҥэ сүүрэ сырыттылар. От үлэтин ымпыгын-чымпыгын билэр, өбүгэлэрбит үгэстэрин утумнуур дьон баара эдэр ыччаты иитиигэ улахан өйөбүл буолар.

Бу курдук, Дьокуускай куорат дьаһалтата оҕолорго анаан аан маҥнай тэрийбит “Күүлэй-2018” күрэҕэ бэрт сэргэхтик сайыммытын киэргэттэ. Оҕолорбутугар үөрүү-көтүү, кыайыы-хотуу аргыстаах биир умнуллубат үлэ, доҕордоһуу күнүн бэлэхтээн, олохторугар умнуллубат өйдөбүлү хаалларда. 

Саргылана ТИХОНОВА,

Тулагы Киллэм.  

Наталья Кузьмина хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0