Тулагы бөһүөлэгин олохтоохторо Федоровтар 55 сыл устата иллээх-эйэлээх ыал аатын чиэстээхтик сүгэн кэллилэр.
Ыал аҕа баһылыга Юрий Иванович сааһын тухары сопхуоска сылгыһытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Дьөһөгөй оҕотун иитиигэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин “Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” аатынан бэлиэтэммитэ, оттон ыал ийэтэ Екатерина Николаевна ыарахан үлэҕэ сылдьар кэргэнин үлэлиир-хамсыыр усулуобуйатын тэрийбитэ, оҕолорун көрбүтэ-истибитэ.
Иллээх ыал алта оҕону төрөтөн, олох киэҥ аартыгар көччөх гынан көтүппүтэ билигин бэйэлэрэ ыал эһэтэ-эбэтэ буолбут дьоһун дьоннор. Онон, ытык кырдьаҕастар уон биир сиэннээхтэр, биэс хос сиэннээхтэр. Соторутааҕыта Тулагыга “Ил Эйгэ” сайыҥҥы кафеҕа Юрий Иванович уонна Екатерина Николаевна сиэттэрэ бары сахалыы таҥнан кэлэн эҕэрдэлээн, дьоро киэһэни киэргэттилэр. Сандалы хотойорунан сахалыы ас тардыллыбыта, элбэх алгыс тыл этиллибитэ киһини эрэ үөртэ-астыннарда.
Александра ФЕДОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru