Тулагы уустара

23.02.2020
Бөлөххө киир:

Маҕаһыыҥҥа билигин дьиэ тэрилин арааһа баар эрээри, үгүс дьон олохтоох уустарга сахалыы моһуоннаах төгүрүк остуол, олоппос, ыскаап, сундуук сакаастыыллар, тиэргэннэригэр балаҕан туттараллар. Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр маһы тыыннаах курдук тилиннэрэн, ойуулаан-бичиктээн, оһуордаан-мандардаан таһаарар талааннаах тарбахтаах мас уустара бааллар.

Аркадий Эверстов дьиэтигэр киирдэххэ, тута сахалыы тыын илгийэр, аһыыр хоһу сиэдэрэй оҥоһуулаах, оһуордаах-мандардаах, уус илиитин сылааһын иҥэрбит ыскааба киэргэтэр. Дьиэлээх хаһаайын үрдүк кириэһилэтэ. Сүрүн олбоҕо төгүрүччү эргийэр. Түннүк сабыытын ыйыыр карниз, суунар хос тэрилэ эмиэ сахалыы оһуордаах. Дьахтар сундуугар дьиэ кэргэн харысхала чочуллубут, мастарыскыайга кэрэ аҥаар сиэркилэлээх туалетнай остуола оҥоһуллан бүтэн эрэр.

Сүрэх быһыылаах шкатулка

Дьон киниэхэ саахыматтыыр остуолу, дьиэ иһинээҕи тэрили сакаастыыллар эрээри, Аркадий бэйэтин баҕатынан оҥорорун сөбүлүүр. «Сорох дьон бырыынчыга элбэх, хонон тура-тура хос уларыталлара, көтүртэрэллэрэ элбээн иһэр. Бу дьиэбэр турар куукуна ыскаабын туох да станога суох барытын илиибинэн оҥорбутум. Ыал буолан олорбуппут 25 сылыгар сүрэх быһыылаах шкатулка оҥорон, иһигэр үрүҥ көмүс ытарҕа бэлэхтээбитим. Кустуу-хаастыы барарбар кэргэммэр сахалыы истииллээх миэбэл оҥорон биэрэбин, оччоҕуна ыытар», — диир кини.

Аркадий Эверстов үһүс кылааска диэри Тулагыга үөрэнэн баран Бүлүүгэ Тылгыны диэн нэһилиэккэ эһээтигэр уонна кини кыыһыгар, эдьиийигэр улааппыта. Оҕолор ийэлэрэ эрдэ суох буолбута, ол иһин эһээлэрэ уоллаах кыыһы атахтарыгар туруортаабыта. Эбээлэрэ олохтон эрдэ туораан, оҕонньор түөрт оҕотун, сиэннэрин эмиэ бэйэтэ киһи-хара оҥортообута. Аркадий балта Бүлүүгэ Лөкөчөөҥҥө олорор, дьахтар киһи быһыытынан арааһы бары иистэнэр, этэргэ дылы сатаабатаҕа суох.

Уһанар дьоҕур – эһээбиттэн  

Оттон Аркадий Яковлевич шкатулкаттан саҕалаан, дьиэ миэбэлигэр, араас малыгар-салыгар тиийэ барытын уһанар, ыалга алта кырыылаах беседка, балаҕан оҥорор. Өрөбүллэригэр куораттан уола, күтүөтэ кэлэн көмөлөһөллөр.

Тулагы кулуубугар остуорастыыр эрээри, хас бырааһынньык киэргэтиитэ барыта кини илиитин нөҥүө ааһар. Төгүрүк харахтаах туртас төбөлөөх сибэкки уурар тэрили киһи эрэ таптыы көрөр. Эһээлэрэ эмиэ уһанар идэлээҕэ, сиэннэригэр бэстилиэт оонньуур оҥорон биэрэрэ, аҕата дьиэ иһинээҕи тэрили барытын оҥороро. Онон Эверстовтар удьуор уустар.

Оскуола кэнниттэн Аркадий Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр суоппар үөрэҕин бүтэрбитэ, дойдутугар Тылгыныга тиийбитин, эдэр уолу ынах-сүөһү көрөр хотон үлэтигэр утаарбыттара.

Аҕыйах сылынан дьоллоох Дьокуускай куоракка тиийэн, уол СГУ-га БГФ салаатыгар үөрэнэ киирэн баран кэргэнин кытта билсэн, ыал буолбуттара, кэргэнэ Мария Майична оскуолаҕа бибилэтиэкэр. Үс оҕолоохтор, икки уол, биир кыыс. Улахаттар куоракка олороллор, үлэлииллэр, номнуо сиэн оҕону бэлэхтээтилэр. Улахан уол аэропуорка баһаарынай, кыыс ГРФ бүтэрэн баран менеджеринэн үлэлиир.

Мас – хаппырыыс дьахтар курдук

Аркадий куоракка эт кэмбинээтигэр оробуочайынан үлэлии сылдьан, 1998 с. Тулагыга пилорамаҕа болуотунньугунан киирбитэ, ол кэмтэн ыла уһанар идэлэммитэ.

“Интэриниэккэ, Инстаграмҥа, маҕаһыыннарга итальянскай дьиэ тэриллэрин интэриэһиргээн көрөн баран дьон сатыырын мин эмиэ оҥоруохпун сөп диэн  санаммытым. Бастакы үлэбин шкатулканы, сурунаал уурар остуолу кэргэммэр бэлэхтээбитим. Кэлин сыах туттан баран, улахан миэбэлгэ ылсыбытым.

Мас күлүккэ, күн көрбөт сиригэр туруохтаах, маһыҥ эмиэ хаппырыыс дьахтар курдук. Маһы ылан илиибэр туттум да хайдаҕын-тугун билэбин, кини чэпчэки буолуохтаах, ыйааһыннааҕа сымалалаах, сороҕо мутуктаах, ол иһигэр мас уган биэрэбин. Матырыйаалбын, хаптаһыннары, иэччэхтэри куоракка киирэн атыылаһабын, маһы мутуга суоҕун бэйэм таларбын сөбүлүүбүн.

Маһы хаһан, чочуйан, оһуордаан-мандардаан таһаарарга бастаан тимиргэ уһана үөрэниэххэ, быһах оҥоруохха, ону  сытыылыахха наада. Туттар тэрилбин барытын бэйэм оҥостобун. Хас даҕаны быһах уһугун тоһутан, уһанар буолаҕын. Быһах оҥорбот киһи маһынан сатаан уһаммат.

Мин саҥаттан саҥаны, дьон оҥорботоҕун оҥорорбун сөбүлүүбүн, оччоҕуна биирдэ үлэбэр интэриэс үөскүүр. Куруук биир олоппос, аан оҥорортон салҕан хаалабын. Биири ылыстым да хаһан бүтэриэхпэр диэри тэйбэппин.

Миэбэл оҥоһуутун, киэргэлин бастаан өйбөр оҥорон көрөбүн, тэтэрээккэ уруһуйдаабакка тута маска түһэрэбин, ол суолун батыһан, чочуйан таһаарабын. Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим: «Эн уруһуйдаабат эрээри, хайдах уус буоллуҥ?» — диэн сөҕөллөр. Сахалыы оһуордар ис хоһооннорун интэриэһиргээн үөрэтэбин, хас да кинигэлээхпин”, — диэн кэпсиир.

Соһуччу бэлэх

Балтын үбүлүөйүгэр куукунаҕа турар ыскаабы, иһин-таһын сахалыы оһуордаан, түөрт ый устата оҥорбута. Ыскаап эркинигэр сибэккилээх сыһыыга кыыс оҕону, лыахтары, мэччийэ сылдьар ынахтары маһынан кыһан таһаарбыта субу тыыннаах курдук. Дьонугар эрдэ эппэккэ, сиэдэрэй бэлэхтээх тиийэн, соһуччу үөрдүбүтэ.

Аркадий саха киһитин сиэринэн айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун сөбүлүүр. Ынаҕын-сүөһүтүн, хаһаайыстыбатын бэйэтэ көрөр. Билигин сыаҕын таһыгар саҥа дьиэ тутта сылдьар. «Иккис этээс туһата суох дииллэр, оҕолор бардылар да кураанах турар. Ол иһин дьиэбитин биир этээстээх оҥордубут», —диир кини.

Худуоһунньуктар дьиэ кэргэттэрэ

Роман Шадрин Тулагы оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Онтон Санкт-Петербурга технология уонна дизайн университетын бүтэрбитэ, үөрэнэ сылдьан Антонинаны кытта билсэн ыал буолбуттара. Шадриннар Оҕо искусствотын оскуолатыгар иккиэн бииргэ үлэлииллэр, иккиэн идэтийбит худуоһунньуктар. Роман Гаврилович уруһуй, композиция, живопись биридимиэттэрин үөрэтэр, оҕолору муоһу кыһарга, сувенир оҥорорго уһуйар.

Бу иннинэ Роман үлэтин үөрэммит училищетыттан саҕалаабыта, кэтэх урбааҥҥа эмиэ уһана сылдьыбыта. Аҕата Гаврил Николаевич эмиэ мас ууһа этэ, хомус, быһах, сувенир арааһын оҥороро, өр кэмҥэ “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитэ. Роман кыра эрдэҕиттэн бииргэ төрөөбүт убайын кытта аҕаларыныын тэҥҥэ уһаналлара. Убайа эмиэ худуоһунньук, Красноярскайдааҕы художественнай институту бүтэриэҕиттэн Арктика институтугар старшай преподавателинэн үлэлиир. Уолаттар аҕалара туппут мастарыскыайыгар маһы кыһан, чочуйан, киэргэтэн айа-тута үөрэммиттэрэ.

Оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн уһанабын

Рома өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэстилиэт, оонньуур, үлэ (труд) уруогар олоппос, сэргэ, сувенир, панно оҥорбута. «Питергэ үөрэнэр кэммэр Эрмитажка киирэн лиэксийэ истэр, уруһуйдуур этибит, устудьуон билиэтинэн Петергоф, Царское Село, Пушкино, Павловскай о.д.а. мусуойдарга барытыгар босхо сылдьан, улахан иэйии киирбитэ. Архитектурнай уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба муҥутуур чыпчаалын көрөн, кэрэ эйгэтигэр кыттыһан, айар-тутар баҕа уһуктубута. Дьиэ диэн улахан шкатулка, иһин-таһын бэйэҥ хайдах баҕарбыккынан оҥостоҕун.

Биһиги Сыырдаахха аҕабыт туппут дьиэтигэр олоробут, иккис этээскэ сайыҥҥы мансаардалаахпыт. Бу үһүс оҕобутун оҕолоннубут, онон үөһээ этээһи кыстыыр гына оҥосторбут буолуо. Аҕам уурбут-туппут оҥоһуктарын кэриэстээн илдьэ сылдьабыт, ыллым да баары көтүрэн, алдьатан, саҥардар санаа суох. Миэбэлбит эмиэ барыта бэйэ оҥоһуга.

Дьон ордук сахалыы миэбэли сакаастыыр, ойуулаах-бичиктээх үрдүк олоппостордоох төгүрүк остуолу, аһыыр хос ыскаабын, даачаҕа беседка. Биирдэ сакаас киирэн, балаҕаны, иһинээҕи миэбэли барытын биир истиили тутуһан, остуолун, ыскаабын, ааннарын таастаан, олоппосторун, сундуугун, тэлэбиисэр турар туумбатын лаахтаан, кырааскалаан оҥорбутум. Кыыспыт эмиэ биһигини батыһан, художественнай училищеҕа киириэн баҕарар», — диэн кэпсиир кини.

“Аврора” эрэстэрээни киэргэппит уустар

Роман сымнаҕас миэбэлтэн саҕалаан, готика, барокко, сахалыы, аныгы истиилинэн тугу барытын оҥорор. Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар омук тылын хоһун английскай истииллээх гына миэбэлигэр тиийэ таҥан биэрбитэ. Таас ааннардаах улахан модульнай ыскаабы, учуутал хоһун остуолун, сымнаҕас кириэһилэлэри оҥорбута.

Дьокуускай куоракка бу соторутааҕыта аһыллыбыт “Аврора” эрэстэрээн иккис этээһин киэргэтиитин Шадриннар икки сылы быһа үлэлээн, чочуйан таһаардылар. Антонина хостор лепниналарын, роспиһын, Роман мас өттүн,  баарын, ааннары, оһуорун-мандарын оҥортообута. Бастакы этээһигэр Эрнст Алексеев, атын уустар үлэлээбиттэрэ.

Маҕаһыын миэбэлэ үйэтэ суох  

«Сороҕор кыра сакаас түргэнник табыллан, оҥоһуллан хаалан үтүө өйдөбүлү хаалларар. Сакаасчыт астына-дуоһуйа биир да олоппоһу ыллаҕына, киһи санаата көтөҕүллэр. Сороҕор үптээх-харчылаах дьон сакаастаабыт элбэх сэниэни-күүһү ирдиир үлэлэрэ баар буолааччылар, оҥоһуктара табыллан испэтэҕинэ, ол дьонуҥ ыксаталлар, сирэллэр-талаллар.

Киһи диэн араас, тугу баҕаралларын да билбэт, оҥорбуккун хаста да уларыттарар сакаасчыттар бааллар, оччоҕуна бириэмэҥ уһаан-кэҥээн иһэр. Аны биир сакааһы оҥоро сырыттаххына атын кэлэн, хос үлэ буолан хаалар. Чааһынай киһи мастарыскыайа син биир кыра буолар, уону биирдэ оҥорбоккун, мас миэбэли таһырдьа таһаарбаккын. Оттон улахан сакааһы ылар биир өттүнэн эмиэ табыгастаах, биир сиргэ, биир халыыпка илиигин араарбакка үлэлиигин.

Миэбэл оҥоһуутун технологията оннук уустук буолбатах, биһиэхэ хатыҥ, бэс, тиит мас баар. Мин кэлин үксэ бэһи туттабын, соҕуруу дойду маһа —  дууп сыаналаах, ыраах сиртэн тиэйэн аҕалыахха наада. Миэбэлгэ туттар маспытын лаахтыыбыт, груннуубут, кырааскалыыбыт. Билигин маҕаһыын миэбэлэ МДФ, ЛДСП — искусственнай матырыйаал, мас көөбүлүн килиэйдээн баран оҥороллор, ол үйэтэ суох эрээри, сыаната чэпчэки. Маҥнай утаа үчүгэй көстүүлээх, онтон эргэрэн истэҕин аайы үллэн тахсыан, килиэйэ хоҥнуон сөп. Оттон дьиҥнээх маһыҥ сыл-хонук аастаҕын аайы кииллийэн иһэр», — диир кини.

Сүрэх баҕатынан, илии дьоҕурунан

Роман сайыҥҥы кэмҥэ ыһыах түһүлгэтин киэргэтэр, ураһалары, балаҕаннары тутар, кыһын сакааһынан эбийиэктэргэ сылдьар. «Мин атыны сатаабаппын, маһынан үлэлээтэхпинэ биирдэ үлэм табыллар. Харчыны-баайы эккирэтэн бу идэни талбатаҕым, сүрэҕим баҕатынан, илиим дьоҕурунан үлэлиибин. Аҕабыттан кэлбит сатабылы сайыннаран, инникитин мас оҥоһуктарбын мунньан, быыстапкалыахпын баҕарабын, онно иэйиибин күүтэбин. Уһанар тэриллэрим таах быыллыйан турбакка, хамсыахтарын, тыаһыахтарын-ууһуохтарын наада, ол иһин сакаас ылабын.

Уус үлэтигэр күүстээх баҕалаах киһи ким баҕарар үлэлиэн сөп. Аҕам эдэр сылдьан Быков тоҕойугар балыкка үлэлээбитэ, худуоһунньук үөрэҕэ суох этэ даҕаны араас наҕараадата элбэх, үтүөлээх албан аакка эмиэ тиксибитэ», — диэн кэпсээнин түмүктүүр.

Онон баҕалаах, бу эйгэҕэ сыһыаннаах эр дьон илиилэригэр маһы ылан, эргим-ургум тутан, уһанан бардахтарына, миэбэл, дьиэ тэрилин эҥин араас эгэлгэтин оҥорон, дьоннорун үөрдэр кыахтаахтар. Хайаан да үөрэхтээх киһи уус буолар диэн буолбатах.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0