Тулаайахтар (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
18.05.2017
Бөлөххө киир:

Кыһын. Тыбыс-тымныы. Кып-кыһыл күн былыт быыһынан кылайан көстөр. Хаар саҕынньахтаах тииттэр төбөлөрө тыалга аа-дьуо хоҥкунаһаллар.

Ойуур саҕатынан тыргыллар суол устун обургу уон үстээх уол, Ньукуута, кып-кыра үстээх-түөртээх балтын сиэтэн дэллэритэн иһэр. Таҥастара-саптара онон-манан тырыттыбытынан тымныы тыал курдары үрэр. Иккиэн тоҥон кумуччу туттубуттар. Уолчаан алдьаммыт сирин аҥаар илиитинэн саба тута сатыыра туһалаабат, тырыттыбыта элбэҕэ бэрт.
Биир модьу тиит аттынан ааһан эрдэхтэринэ, тиит тыал хоту хамныырыгар ынчыктыыр курдук хааҕынаан-хаачыргаан субу үрдүлэригэр саба түһүөх курдук иҥнэри барда, оҕолор соһуйан тохтуу түһээт, өрө көрдүлэр. Мастара кыычырҕаан-кыыкынаан аны атын өттүгэр иэҕиллиннэ.
— Хотуой, Боккуо, тоҕо турдуҥ, ычча, хааман ис, — уолчаан, балта соҕотоҕун тохтоон турбутунуу, өс-саҕа буолан илиититтэн тардар. Боккуота тугу эрэ ыйытыан баҕаран тиит диэки ыйан муҥнанар. Убайа ону өйдөөн көрбөтө, ол чугас бүгүн хонуохтаах ыалларын оһоҕун буруота бургучуйарын көрдө. Көрөөт, тиэтэйэн хаамыытын эбэн биэрдэ да, сиэтэн иһэр кырачаан киһитэ хантан түргэтиэҕэй? Хаарга охтуоҕун, хата, убайа илиититтэн тутан иһэр буолан өрүһүйдэ. Хайыаҕай, үөһэ тыынан баран, ылан көхсүгэр сүктэ. Боккуо маны эрэ күүтэн испит курдук үөрэ түстэ, убайын моонньуттан сүрдээх түргэнник кууһан, үөрүйэхтик оннун булунан кэбистэ.
Ньукуута аан таһыгар кэлэн балтын сиргэ түһэрдэ. Халҕан тутааҕын тутуохча туппакка саараан турда. Бу туран: “Оо дьэ, хайдах көрсөллөр? Хоннороллор дуу, үүрэн таһаараллар дуу?”— дии санаата. Кыра киһитэ: “Убайым тоҕо турарый, тоҕо сылаас дьиэҕэ киирбэппитий?”— диэбиттии өрө мыҥаан турда.
— Чэ, бачча кэлэн баран киириэххэ, — диэт, ыарахан ааны тэлэччи аста, балта кырата бэрт буолан киирэрэ-тахсара бытаан, ол иһин бэйэтэ көтөҕөн киллэрэн аан аттыгар туруоран кэбистэ. Кинилэри кытары тымныы тумана бургучуйан кииристэ. Эргиллэн аанын сабан эрдэҕинэ, оһох иннигэр аргынньахтаан олорор, муус маҥан баттаҕын сүүмэҕэ хаһааҥҥыта эрэ маҥан былаатыттан онон-манан быкпыт, хатыччы хаппыт, акыллыбыт хара бараан эмээхсин, аһын былдьаппыт суор курдук, өрө халаахтыы түстэ:
— Бу эмиэ кимнээх ырыллан кэллилэр?! Туох ааттаах ааны аһан тураҕыат?! Ычча, саба оҕус!
Боккуо эмээхсин хаһыытыттан соһуйан, саҥата суох ытаан мэрбэйбитинэн убайын
кууһа түстэ. Убайа үтүлүгүн устан, балтын бэйэтигэр ыга кууһан кэбистэ.
— Ийээ, Ньукуута дии, хайа оттон бу кып-кыра кимий? — диэн ыйыта-ыйыта кубаҕай сирэйдээх, хатыҥыр, уһун көнө уҥуохтаах, эдэрчи дьиэлээх Ааныска кыра оҕону көрөн курус санаа хоммут киэҥ хара хараҕа күлэн мичийдэ, утары хааман кэлэн, кыыс таҥаһын устан барда. Ньукуута итини истэн үөрэн эгди буолла:
— Балтым, Боккуо диэн.
— Оо, кыра да дьон тулаайах хаалаахтаабыт эбиккит дии, ийэлээх аҕаҕыт утуу-субуу өлбүттэрин истибитим, — Ааныска чахчы аһыммыт, хараастыбыт куолаһынан эттэ. Ньукуута аһынар саҥаны истэн күөмэйигэр туох бүөлүү түспүтүн курдук буолла. Хараҕа уунан туолан бычалыйда, уйа-хайа суох ытыан баҕарда эрээри, кыбыстан тохтоото. Ол икки ардыгар эмээхсин хабытайдана түстэ:
— Бачча улахан уол таах олоруо дуо, хотоҥҥо таҕыстын.
— Бэйи, бастаан аһаатын, — Ааныска остуолга ас тардан барда.
Оҕолор аһыы олордохторуна таһырдьаттан кыаһаан сирэйдээх, онон-манан абына-табына бытыктаах, модьу-таҕа көрүҥнээх, сааһырбыт киһи аа-дьуо киирэн кэллэ:
— Бу ас кырыымчыгар хантан айах адаҕалара кэллилэр, икки буола-буолалар, — диэн сөҥүдүйдэ. Үөрэ-көтө аһыы олорбут Ньукуута итини истээт, курус гынна, ыйыстан испит лэппиэскэтэ күөмэйигэр турда, чэй иһэн нэһиилэ ыытта.
— Бүөтүр, Сөдүөттээх Аана оҕолоро, Ньукууталаах Боккуо, — диэтэ Ааныска.
— Ньукууталаах Боккуо буолан, хас киирбит-тахсыбыт тулаайаҕы аһата олороҕун, хотоҥҥор таҕыс! — диэт Бүөтүр ойоҕун диэки харсаары турар оҕус курдук хаһылыччы көрдө.Биирэ саҥата суох ойон туран иһитин хомуйан барда.
— Ити уол тахсыстын, — эмээхсин ороҥҥо сытан дьаһалымсыйан хообурҕаата.
Киэһэ Ааныска кыыһы ньилбэгэр олордон, түөһүгэр ыга кууста. Боккуону ийэтэ суох буолуоҕуттан ким да маннык сылаастык кууһа, көтөҕө илигэ.Онон бастаан утаа кэмчиэрийэн хамсаабакка, мэктиэтигэр тыыммакка да кылаллан олордо. Онтон сыыйа хатыҥыр илиитинэн Аанысканы моонньуттан кууста. Оҕо сылааһа дьахтар түөһүгэр бэрт дьикти минньигэстик дьырылаан киирдэ. Сүрэҕэ хайдах эрэ нүөлүйэн ылла:”Эчи үчүгэйиин. Бэйэм маннык оҕолооҕум буоллар ньии,” — дии санаата. Онтон чочумча олоро түһээт:
— Бүөтүр, доҕоор, биһиги бэйэбит оҕоломмотубут, бу оҕолору иитэ ыллахпытына? — диэт Ааныска эрэммиттии оһох иннигэр олорор оҕонньорун диэки унаарыччы көрөн кэбистэ.
— Туох даа, бу дьахтар иирбит дуу?! Бэйэбит аспытын айахпытыгар нэһиилэ тиэрдэбит дии, эмиэ туохпут оҕолорой?! — киһитэ ордоотуу түстэ.
— Улахан уол эйиэхэ окко-маска көмө буолуох этэ, кыыс улааттаҕына дьиэҕэ
абырыах этэ, — Ааныска оҕону кууһан олорон санаатын этэ олордо.
— Оннугун оннук да, бу сэрии ыарахан кэмигэр сатаммат, — эр киһи утары саҥардыбаттыы кытаанахтык этэн кэбистэ.
Киэһэ Ааныска орон оҥорон сытыартаабытын кэннэ, Ньукуута өргө диэри утуйбакка эргичиҥнии сытта. «Ааныска ийэм курдук ааттаах, кини этэрин курдук иккиэммитин иитэ ылаллара буоллар… Ыалтан ыалы кэрийэртэн тохтуо этибит… Оҕгонньоро сөбүлээбэт… Оо дьэ, сарсын ханнык ыалга барыах муҥмутуй… Ыал барыта сөбүлээбэт. Нэһиилэ биир хоннороот үүрэр аатыгар бараллар. Бу айылаах тымныыга Боккуо хаамара бытаана бэрт, аһыыр аһаабат сылдьабыт, онон өр кыайан сүкпэппин, саатар таҥаспыт чараас. Ийэлээх аҕабыт бааллара буоллар…» — дии санаатын кытары хараҕын уута харыыта суох субуруйан барда.Ытыырбын аны ким эмит истиэ диэн суорҕанын бүрүннэ, уурайа сатаан сымыһаҕын быһа ыстаата. Ааныска аһына көрбүт хараҕын санаата да хараҕын уута кыайтарбат… Өр ытаата…
Сарсыарда уһуктубута ыаллара чэйдии олороллор. Сылааска таттаран наһаа минньигэстик утуйа сытар балтын оргууй аҕай тардыалаан уһугуннарда. Аһыы олорор кэмнэригэр аһастахха табыллар, сорох ыал хомунан кэбиһээччилэр, оччоҕо оҕолор аһаабакка тахсан бараахтыыллара. Хаһан атын ыалга тиийэн, аны ол ыал хаһан аһатыар диэри хам аччык сылдьаллара. Балта быыкаайык буолан убайыттан ас көрдүүр муҥа буолар. Убайа төһө да аһыммытын иһин хантан ылан биэрээхтиэй?
Ааныска оҕолору аһата олордоҕуна:
— Хайа, бу дьахтар хаһан хотоҥҥо тахсар, — диэн эр киһи кыйахаммыт саҥата иһилиннэ. Ааныска соһуйан ходьох гынаат, ойон туран таҥнан хотонугар таҕыста.
— Нохоо, кэл эрэ манна, — Бүөтүр уолу таһырдьа ыҥыран ылла. — Туох гынаары кыра оҕону батыһыннара сылдьаҕын. Эбии айаҕы ким да сөбүлээбэт. Бэйэҥ соҕотоҕун сылдьан, үлэлээн айаххын булунуо этиҥ. Бу айылаах дьон хоргуйан суолга охтор кэмнэригэр ким да оҕону сүтүктүө суоҕа. Мэ, бу маһынан төбөҕө оҕус уонна ойбоҥҥо симэн кэбис. Эрэйи көрүмэ, — диэтэ уонна уолга мас туттаран кэбистэ. Ньукуута наһаа соһуйда. Ол эрээри ыал бары кырыы харахтарынан кынчарыйалларын саныы түстэ да, киирэн балтын таҥыннарда.
Ойбоҥҥо диэри туох да саҥата суох балтын сиэтэн, үктэннэрэр-үктэннэрбэт дэллэритэн, атын илиитигэр маһын тутан, соһон кэриэтэ аҕалла. Боккуотун төбөҕө охсоору маһын өрө күөрэччи тутта. Арай өйдөөн көрбүтэ: балта кинини наһаа үчүгэйдик, убайым тугу гынарый диэбиттии, өрө көрөн турар эбит. Маны көрөн Ньукуута мастаах илиитэ аа-дьуо аллара санньыйан түстэ. Бэйэтэ саҥа таһааран маккыраччы ытаан, уҥуох тирии иҥин устун икки хараҕын уута субуруйан, хатыҥыр санна титирэстээн барда…
Балбаара, Ньурба, Хорула.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0