Саха сиригэр тулаайах оҕолору өйүүргэ эбии көмө быһыытынан дьиэ сэртипикээтин биэрэргэ быһаардылар. Сокуон барылын Ил Түмэн уочараттаах мунньаҕар көрдүлэр, бастакы ааҕыытыгар ылылынна.
— Норуот дьокутааттара тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго дьиэ сэртипикээтин биэрэр туһунан бырабыыталыстыба бырайыагын өйөөтүлэр. Бырайыагы Ил Дархан көҕүлээбитэ. Билигин тулаайах оҕолорго анал дьиэ пуондатыттан түҥэтиллэр, ол соччо табыгаһа суох. Дьиэ сэртипикээтэ киирдэҕинэ, ону талбыт дьиэлэригэр атастаһыахтарын сөп, — диэн премьер Андрей Тарасенко эттэ.
Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 2 тыһыынча кэриҥэ тулаайах кыбартыыра ылар уочаратыгар турар.
Сокуон барылын ылынарга атын эрэгийиэннэр уопуттарын үөрэтэн көрдүлэр. Холобур, Амур, Саратовскай, Калининградскай уобаластарга дьиэ сэрстипикээттэрин (сэртипикээтинэн социальнай төлөбүрү) 23 саастарын туолбут, дьиэ бэриллиэхтээҕин туһунан суут быһаарыытын ылбыт дьоҥҥо биэрэллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru