Туймаада ыһыаҕар “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” испэктээк премьерата буолла

Ааптар: 
27.06.2018
Бөлөххө киир:

Туймаада ыһыаҕын биир ураты көстүүтүнэн “АЛРОСА” хампаанньа түһүлгэтигэр Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын толорууларыгар, режиссер Андрей Борисов туруоруутугар Былатыан Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо испэктээгин премьерата буолла.

edersaas.ru

Быйыл саха литэрэтиирэтин төрүттээбит Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сыла. Кини үс көстүүлээх “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” драматын от ыйын 29 күнүгэр 1930 сыллаахха суруйан бүтэрбитэ.

Испэктээк премьератыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Иван Белеков, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, испэктээк режиссера Андрей Борисов сырыттылар.

Сүрүн оруолларга Наталья Корякина-Слепцова (Туйаарыма Куо), Андрей Соловьев (Үрүҥ Уолан), Дмитрий Алексеев (Ньургун Боотур), Василина Баланова (Сабыйа Баай Хотун), Дмитрий Иванов (Саха Саарын Тойон), Александр Дьячковскай-Саарын (Күн Дьирибинэ), Павел Колесов (Уот Уһутаакы Абааһы) оонньоотулар. Испэктээккэ, уопсайа, 50 киһи кытынна, кинилэр ортолоругар Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун устудьуоннара бааллар. Испэктээккэ туруорааччы-режиссер быһыытынан Андрей Борисов, Павел Колесов уонна хамсаныыга режиссерунан Мария Маркова үлэлэстилэр. 

Көрөөччүлэр саха литэрэтиирэтин биир сүдү айымньытынан саҥа турбут испэктээги сэргээн көрдүлэр, артыыстарга уҕараабат ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.

Ыһыах ыалдьыта, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Иван Белеков ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун уонна бу испэктээги көрөн баран, Олоҥхо дойдута — Саха сиригэр ураты тыын, Айыыларга сүгүрүйүү, ытыктааһын баарын бэлиэтээтэ. Саха норуодунай суруйааччыларын Семен Петрович Даниловы, Дмитрий Кононович Сивцевы-Суорун Омоллоону кытта алтыспытын аҕынна. “Мин ааспыт сылга Москваҕа “Искусство эйгэтигэр дьоһун кылааттарын иһин” наҕарааданы туттарыы үөрүүлээх түгэнигэр сылдьыбытым. Онно Арассыыйаҕа искусство уһулуччулаах диэйэтэллэригэр: Олег Табаковка, Владимир Этушка, кинилэр ортолоругар Андрей Борисовка наҕараада туттарбыттара. Андрей Саввич — уһулуччу киһи, кини Саха Сирин, Арассыыйа эрэ буолбакка, бүтүн Евразия киэн туттуута”, — диэн бэлиэтээтэ.

Салгыы Иван Белеков, чуолаан, Саха сириттэн Евразия эпостарын киинин тэрийэр туһунан дьоһун этии киирбитин, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ эпостар эпохалара, Өксөкүлээх Өлөксөй эпохата кэлэн эрэр диэн санаатын эппитин түһүлгэ дьоно ытыс тыаһынан бигэргэттилэр.

Иван Белеков Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр, алтай норуотун доҕоругар Александр Жирковка махталын тириэртэ. “Александр Николаевич көҕүлээһининэн алтай норуотун героическай эпоһа “Маадай Хара” сахалыы тылбаастаммыта. Ити норуоттар доҕордоһууларын бигэргэтэр үтүө дьыала. Александр Жирков Арассыыйаҕа сокуон оҥорооччулар ортолоругар биир саамай аптарытыаттаах парламентарий буолар. Кини этиилэрин, санаатын өрүү болҕойон истэллэр, ол иһигэр биһиэхэ, Алтайга кинини сүрдээҕин ытыктыыбыт”, — диэн туран, саха норуотугар сайдыыны, бигэ туруктаах олоҕу баҕарда.

Олоҥхо тыйаатыра “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” испэктээгин аан бастаан Таатта Чөркөөҕөр Былатыан Ойуунускайга аналлаах үбүлүөйдээх ыһыахха быһа тардан көрдөрбүтэ. Салгыы Алдаҥҥа ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи XII Олоҥхо ыһыаҕар туруоруоҕа.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.    

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0