Туймаада ыһыаҕа — Арассыыйа култуурунай баайа

25.06.2022
Бөлөххө киир:

Икки сыл тохтуу сылдьан баран, Туймаада хочотун киэҥ туонатыгар ытык ыһыах ыһылынна! Дьон-сэргэ киэргэнэн-симэнэн, сарсыардаттан Үс Хатыҥҥа тоҕуоруста, ыраастанан-арчыланан, алгыс ылаары муһунна.

Быйылгы ыһыах Саха АССР 100 сылыгар, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар, Арассыыйаҕа биллэриллибит Норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар ананна.

Туймаада ыһыаҕын аһыллыытыгар билигин киин куоракка ыытылла турар араас тэрээһиннэр – Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын кэнгириэһин, Татарстан күннэрин, Арассыыйа инновационнай эрэгийиэннэрин ассоциацияларын, “Этно-Эрато”, Биир дойдулаахтарын пуорумнарын, “ЮНЕСКО чыпчаал айымньылара – Олоҥхо дойдутугар”, о.д.а. бэрэстэбиитэллэрэ, “Азия оҕолоро” оонньуулар уотун уматааччылар кэлэн кытталлар, сэлэлии хааман киирдилэр.

Түһүлгэҕэ аатырбыт худуоһунньук, этнограф Михаил Носов “Якуты 17 в. Ысыах” хартыынатын дьон таҥнан-саптан, туттан-хаптан, дьүһүйэн көрдөрдүлэр.

Бу кэнниттэн Саха сиригэр олорор араас омуктар, Саха сирин омуктарын ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ уонна “Этно-Эрато” Евразия норуоттарын көстүүмнэрин күрэһин кыттааччылара национальнай таҥастарын кэтэн, сэлэлии хааман көрдөрдүлэр. Саха сиригэр 130-тан тахса араас омук олорор.

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыахха автономияны төрүттээбит Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов мөрсүөннэрин көрдүбүт, ыллыктаах тылларын иһиттибит.

Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна. Айылҕаттан ананан, орто дойдуга кэрэни айа кэлбит уустар, маастардар оҥорбут чорооннорун күөрэччи көтөҕөн киирдилэр.

РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа, алгысчыт, Үс Хатыҥҥа 25-с сылын ыһыллар ыһыах солбуллубат сүрүн режиссера Афанасий Федоров Дьокуускай аҕа баһылыгар Евгений Григорьевка ыһыах Ытык Дуоҕатын туттарда. Евгений Григорьев Ытык Дуоҕаны аналлаах сиригэр туруоран, ыһыах аһыллыбытын биллэрдэ.

Ил Дархан Айсен Николаев ыһыах ыалдьыттарын эҕэрдэлээтэ:

Уһуннук күүппүт, кэтэһиилээх, уйгу-быйаҥ ыһыахпыт ыһыллыбытынан  эҕэрдэлиибин! Төһө да дьаҥ, уот, араас моһоллор мэһэйдээбиттэрин да иһин, бары кыһалҕалары туораан, өссө күүскэ сомоҕолоһон, түмсэн, күүһүрэн, бииргэ буоларбытыттан үөрэбин. Саха дьонугар махтанабын – ыарахан түгэҥҥэ биир сомоҕо буоларгытыгар, олоххо дьулуургутугар. Биһиги эрэ буолбатах, Бүтүн Арассыыйа ыһыах буоларын кэтэстэ, бүгүн 50-тан тахса дойдуттан, элбэх эрэгийиэннэртэн ыалдьыттар кэлэн, үөрүүбүтүн үллэстэ сылдьаллар. Уйгулаах-быйаҥнаах сайын буоллун! Дьоллоох-соруглаах буолуҥ!

Маны тэҥэ, РФ бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччы Магомедсалам Магомедов, Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов, Кытай Хабаровскай куораак генеральнай консула Цуй Гоцзе эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр Саха сирэ атын эрэгийиэннэргэ холобур буоларын, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар дьоһун кылаатын киллэрэрин, ыһыах бүтүн Арассыыйа култуурунай баайа буоларын туһунан эттилэр.

Быйылгы Туймаада ыһыаҕар алгыс уратытык ыытылынна. Үс улуу хочону ситимниир алгыс Туймаада, Эркээни, Эҥсиэли хочолоругар тэҥинэн ыытылыннылар.

Ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта уонча иилээх улуу оһуохайынан түмүктэннэ. Манна хас да оһуохайдьыт солбуһа сылдьан, тэтимин уларытан эппиттэрэ уратытык көһүннэ.

Бу икки күҥҥэ Туймаада ыһыаҕар сүүһүнэн тэрээһин ыытыллар. Аҕа баһылык Евгений Григорьев эппитинэн, быйыл 300 тыһыынчаттан тахса киһи ыһыахха сылдьыа диэн сабаҕалыыллар.

 Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0