Туймаада туонатын далбардара күрэхтэстилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Куоракка тэрээһин арааһа тиһиктээхтик ыытыллар. Соторутааҕыта Туймаада туонатын далбардарыгар «Женщины долины Туймаада» II-с төгүлүн ыытыллыбыт бэстибээлгэ, «Уус-уран оҥоһуктар» номинацияҕа Автодорожнай уокурук далбар хотуттара кыайдылар. Бу туһунан уокурук управлениетыттан иһитиннэрэллэр. Бэстибээли Дьокуускай куорат дьаһалтатын өйөбүлүнэн, «Лига женщин» уопсастыбаннай организация тэрийбит. 

Автодорожнай уокурук дьахталларын сэбиэтэ 2017 сылтан тэриллэн үлэлиир. Бэстибээл бастакы этабыгар хамаандалар бэйэлэрин тустарынан билиһиннэрбиттэр.  Онно бу уокурук хамаандата «Мы многогранны» нүөмэринэн тахсыбыт.  Итиэннэ кинилэр ийэни дьиэ кэргэни харыстааччы, араҥаччылааччы, бизнес-леди, ийэ барыны сатыыр, барыны кэмигэр оҥорон бүтэрэр-оһорор, тапталынан сыдьаайар саамай күндү киһи буоларын толору арыйан көрдөрбүттэр.

Ас-үөл куонкуруһугар олус минньигэс уонна наһаа кыраһыабай көстүүлээх бүлүүдэлэри астаан, оҥорон аҕалбыттар. Бэлэмнээбит «Эко-остуоллара» киһиэхэ иҥэмтиэлээх, доруобуйаҕа туһалаах буолара болҕомтону улаханнык тардыбыт. Далбардар ити курдук бары күрэстэргэ көхтөөхтүк, үрдүк таһаарыылаахтык кыттыбыттар. «Үтүөнү, кэрэни оҥоробут, айабыт» күрэскэ уус-уран оҥоһуктарын, оҕуруоттан оҥорбут сахалыы нарын-намчы киэргэллэрин көрбүт эрэ бары сөхпүт, хайҕаабыт. Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «Эдэр дьиэ кэргэн» куонкуруска Алексей уонна Надежда Дмитриевтар иллээх дьиэ кэргэннэринэн кыттаннар, II-с бочуоттаах миэстэни ылан үөрбүттэр-көппүттэр.

Автодорожнай уокурук управлениета  үөрүүтүн-көтүүтүн бар дьоҥҥо кэпсээн туран, «Емеян» атыы-эргиэн дьиэтигэр, «Солидарность» управляющай тэрилтэҕэ, Георгий Николаевка, дьахталлар сэбиэттэригэр, Дмитриевтэр, Дедюкиннар, Потаповтар, Анисимовтар, Бурнашевтар дьиэ кэргэттэригэр, уо.д.а. көхтөөх кыттыыны ылбыт, өйөөбүт, көмөлөспүт бар дьонугар махталын тиэрдэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0